Ойуур баһаарыттан уот лииньийэтэ алдьанан, Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт уонна Быракаан биир тыһыынчаттан тахса киһилээх нэһилиэктэрэ уот суох хааллылар.
Уотунан хааччыйыыны нэһилиэктэргэ быстах кэмҥэ ОДьКХ резервэтиттэн хааччыйаллар. Бырабыыталыстыба бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, бүгүн сарсыарда Дьокуускай куораттан уонна Бэрдьигэстээхтэн икки улахан күүстээх дизельнэй генератордаах (хас биирдиитэ 200 кВт кыамталаах) тиэхиньикэлэр айаннаатылар. Бу генератордар нэһилиэктэри уот лииньийэтэ оҥоһуллуон диэри толору уотунан хааччыйар кыахтаахтар.
«Үөһээ Бүлүү оройуонугар ойуур баһаарын балаһыанньата бигэ туруктаах. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох буолуута хааччылынна. Бу туһунан «Якутлесресурс» ГАУ салайааччыта Виктор Омуков дакылааттаата. Манна барыта 7 ойуур баһаара салҕанар, олору умуруорууга 300-тэн тахса киһи үлэлиир. Күнүс Бе-200 амфибия-сөмөлүөт көмөлүө, уу быраҕыыга бөртөлүөт тардылынна», — диэн Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ. Уоту утары охсуһуу атын Бүлүү бөлөх улуустарынан эмиэ салҕанар – Ньурба, Сунтаар, Бүлүү, итиэннэ ыаллыы Горнай улууһугар.
Арктика оройуоннарыттан ойууру баһаара Абый оройуонугар уоннаҮөһээ Дьааҥыга ыытыллар. Икки нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох буолуута хааччылынна. Өлүөхүмэ оройуонугар тыалтан уонна этиҥнээх ардахтан эрдэ тохтотуллубут ойуур баһаардара күөдьүйэн таҕыстылар. Ленскэйгэ буруолаах.
Саха сиригэр сарсыарда от ыйын 24 күнүгэр барыта 88 ойуур баһаара уонна 1 ландшафтнай турбута биллэр. Саха сирин үрдүнэн 1800-тэн тахса киһи үлэлээтэ уонна 141 тиэхиньикэ туһанылынна. Авиация үлэлиир.
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…