Үөһээ Бүлүүгэ култуура уонна успуорт бэтэрээннэрин спартакиадата ыытыллар

Share

Үөһээ Бүлүүгэ  «Үс Хоһуун» стадиоҥҥа  Бүлүү бөлөх улуустарын култуура уонна успуорт бэтэрээннэрин спартакиадатыгар Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба уонна Сунтаар улууһун бэтэрээннэрэ түмүстүлэр. Спартакиада быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананар.

«VIII төгүлүн ыытыллар Бүлүү бөлөх улуустарын  култуура уонна успуорт бэтэрээннэрин спартакиадатын аһыллыытыгар  Бүлүү бөлөх түөрт улуустарыттан кэлбит ыалдьыттарбытын эҕэрдэлээтим.  Спартакиада аһыллыыта улуу бөҕөстөрбүт Никита Константинович Докторов-Бычырдаан, Василий Иннокентьевич Степанов — Буучугурас, Алексей Петрович Васильев — Мордьонноохоп мэҥэ бэлиэлэригэр сибэкки дьөрбөтүн ууруутуттан саҕаланна», — диэн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрэр.

Хаартыска: Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Улуус  баһылыга Валерий Николаев, улуус дьокутаатарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, успуорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев кыттааччыларга кыайыыны, ситиһиилэри баҕардылар.

Үөһээ Бүлүүгэ бэс ыйын 8-9 күннэригэр ыытыллар Бүлүү бөлөх улуустарын VIII успуорт бэтэрээннэрин спартакиадатыгар спортсменнар дуобат, саахымат, хабылык, хаамыска, волейболга, остуол тенниһэ, бильярд, дартс, кыраккыы, пневматическай винтовканан ытыы, эстэпиэтэ, бальнай үҥкүү көрүҥнэригэр күөн көрсүөхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

10 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

10 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

22 минуты ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

40 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago