Үөһээ Бүлүүгэ массыына паромҥа киирээри ууга түстэ
18.10.2024, 18:20
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Бөлөххө киир:
Бүгүн, алтынньы 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ массыына паромҥа киирээри ууга түстэ.
Массыынаҕа аҕыйах пассажир баара билиннэ, ол иһигэр кыһыл оҕо. Бары массыынаттан таҕыстылар, диэн Үөһээ Бүлүүтээҕи ЕДДС иһитиннэрэр.
«Быһылаан күнүс 15:00 чаас саҕана буолбут. Иномарка массыына паромҥа киирэригэр ууга түспүт. Барыллаан быһаарыынан, дьон бары массыына түннүгүнэн тахсыбыттар. Массыынаҕа түөрт-биэс киһи олорбут, ол иһигэр икки ыйдаах кыһыл оҕо. Пассажир чуолкай ахсаана билиҥҥитэ биллибэт. Балыыһаҕа 1987 с.т. төрүөх дьахтар эрэ көрдөрүнэ тиийбит. Кини олус долгуйан дабылыанньата тахсыбыт», — диэн Үөһээ Бүлүүтээҕи ЕДСС оператора Владислав Николаев кэпсээтэ. Паром үлэтэ быһылаан тахсыбытынан тохтотулунна.
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
33
+1
3
+1
12
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: