Ааптар хаартыскаҕа түһэриитигэр: Үөһээ Бүлүүтээҕи сэллик диспансерын сэбиэдиссэйэ Спартак Антонов уонна Маҥаас биэлсэрэ Кыдаана Борисова
Сэллигинэн ыалдьыыны социальнай көрүҥнээх дииллэр исписэлиистэр. 2000 сылларга сэллигинэн ыалдьыы күөдьүйэ сылдьыбыт буоллаҕына, сөптөөх сэрэтэр үлэни ыытаннар, кэнники сылларга ыарыы намыраабыт.
Онуоха улуустааҕы сэллик диспансердара эрдэттэн нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, көрөллөрө-истэллэрэ төһүү буолбут.
Мин Үөһээ Бүлүү улууһугар Бырабыыталыстыба отчуотугар бара сылдьан, кырыы сытар уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ дьону-сэргэни рентгеҥҥэ түһэрэ сылдьалларын көрбүтүм. Маҥан халааттаах эдэрчи киһи дьону сиэтэн илдьэн, регистрациялаан баран рентгеҥҥэ атаарарын одуулуу көрбүппүт. Онтон тиийэн кэпсэтэн билбитим, Үөһээ Бүлүүтээҕи сэллик диспансерын сэбиэдиссэйэ Антонов Спартак Николаевич эбит.
Быраас кэпсииринэн, Туобуйаттан саҕалаан хас биирдии Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан, олохтоохтору былаан быһыытынан рентгеҥҥэ түһэрэллэр эбит. Биһиги Бырабыыталыстыба отчуотугар сырыттахпытына, өрүс уҥуор нэһилиэктэринэн сылдьаллара.
Сэллик балыыһатын сэбиэдиссэйэ Спартак Антонов: «Биһиги былаан быһыытынан сыл аайы улуус хас биирдии нэһилиэгин кэрийэн сэллиги сэрэтэр үлэни ыытабыт, дьону бэрэбиэркэлиибит. Кулун тутар 15 күнүгэр диэри улуус нэһилиэнньэтин барытын кэрийэн бүтэриэхтээхпит. Нэһилиэк аайы 90 %-н тахса киһи сылдьар. Бу олус үчүгэй көрдөрүү», — диэн кэпсээтэ.
Өспөххө "Кубок знатоков наслега" бырайыагым быйылгы оонньуута түмүктэннэ. Бу күн түөртүү киһилээх 6 хамаанда бары…
Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин, Саха сирин Бочуоттаах олохтооҕун, 101 саастаах Наум Трифонович Слепцову кэлэн…
Ыалдьыты былыр үөрэ-көтө айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута…
Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ буолар. Олохтоохтор…
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кыттыыны ылла. Адаптивнай үөрэх…