Салгыы
Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын дьүүллэстилэр

Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын дьүүллэстилэр

16.12.2024, 19:35
Хаартыска: Валерий Николаев тг ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев тыа хаһаайыстыбатын салалтатын кытта эһиилгиттэн олоххо киирэр боппуруостары дьүүллэстэ.

Быйыл сайын Үөһээ Бүлүүгэ  Ил Дархана Айсен  Николаев кыттыылаах Бүлүү эҥэр  улуустарын салайааччылара  тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа киирэр мэхэньиисимнэри ырыппыттара. Онно улуустартан этиилэри, көннөрүүлэри киллэрбиттэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраамата өрөспүүбүлүкэҕэ 15,3 млрд солкуобай харчынан үбүлэнэриттэн баһыйар өттө – 8,8 млрд солкуобай субвенция быһыытынан олохтоох салайыныы уорганнарыгар тиийиэҕэ. Ол аата быйылгы кээмэйтэн 13 бырыһыанынан элбэх үп улуустарга тиийэрэ былааннанар. Эһиилги сылга 355 мөлүйүөн 307 тыһыынча солкуобай Үөһээ Бүлүүгэ кэлэрин кэтэһэбит.

Субвенция үбэ 34 улууска уонна 2 куораттааҕы уокурукка 14 хайысханан 3 тус сыаллаах ыстатыйанан ыытыллыахтара: тыа хаһаайыстыбатын үлэтин чопчу хайысхаларын өйөөһүҥҥэ субвенция кээмэйэ; аччыгый кыамталаах тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тутууга (саҥалыы сөргүтүүгэ) субвенция кээмэйэ; Судаарыстыба сорох боломуочуйаларын толорууну матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыыга, ону тэҥэ ыйыллыбыт боломуочуйалары толорор үлэһиттэр хамнастарыгар көрүллэр субвенция кээмэйэ, — диэн бэйэтин телеграм-ханаалыгар улуус баһылыга Валерий Николаев сырдатта.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: