Үөрэххэ туттарсарга мэдиссиинэ ыспыраапкатын хантан ылабын?
18.06.2024, 16:15
Хаартыска: Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансера.
Бөлөххө киир:
Үрдүк, орто үөрэхтэргэ докумуону тутуу сүрүннээн бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаланар. Үөрэххэ туттарсааччылар психиатр-нарколог ыспыраапкатын хантан ылыахтарын сөбүй?
Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансера иһитиннэрбитинэн, үрдүк, орто үөрэхтэргэ туттарсарга психиатртан-наркологтан мэдиссиинэ ыспыраапкатын бу аадырыстартан ылыахха сөп:
- Дьокуускай куорат Михаил Николаев проспегын, 38-с нүөмэрдээх дьиэтиттэн
- Дьокуускай куорат Киров уулуссатын, 21-с нүөмэрдээх дьиэтиттэн
- Дьокуускай куорат Пушкин уулуссатын, 22-с нүөмэрдээх дьиэтиттэн
- Дьокуускай куорат Петр Алексеев уулуссатын 38/18 «а» нүөмэрдээх дьиэтиттэн
- Дьокуускай куорат Стадухин уулуссатын 81/8 нүөмэрдээх дьиэтиттэн.
Химико-токсикологическай анаалыс ирдэнэр үөрэхтэригэр ыспыраапканы маннык аадырыстартан ылыахха сөп:
- Дьокуускай куорат Стадухин уулуссатын 81/8 нүөмэрдээх дьиэтиттэн
- Дьокуускай куорат Михаил Николаев проспегын 38-с нүөмэрдээх дьиэтиттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: