Салгыы
Ыйаах оһуокайга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһары эрэйэр

Ыйаах оһуокайга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһары эрэйэр

Ааптар:
22.10.2022, 11:12
Бөлөххө киир:

Научнай үлэм хайысхата саха төрүт култууратын үс мэҥэ өйдөбүлүн – олоҥхону, оһуокайы уонна ыһыаҕы – хабар. Итинник ааттаах кинигэни 2011 сыллаахха суруйан таһааран турабын. Итиэннэ “Сунтаар оһуокайа”, “Олоҥхо ыһыаҕа: түмүк санаалар” диэн кинигэлэрдээхпин.

Этэҥҥэ буоллаҕына, Олоҥхо ыһыаҕын иккис уон сылыгар эмиэ кинигэ суруйар былаан­наахпын. Ол аата үйэм тухары үлэлээбиппин түмэн, кэлэр кэнчээри ыччакка анаан төрүт култуураҕа тугу үлэлээн кэлбиппин отчут киһи күһүн отун чөкөтөрүн курдук кэбиһэн түмүктүөхтээхпин. Ил Дархан таһаарбыт Ыйааҕар оһуокайдьыттары өйөөһүн киирбитин биир бэйэм бэркэ биһириибин уонна өйүүбүн. Ыйаах оһуокайы билиҥҥи кэмҥэ өссө үрдүк кэрдиискэ таһаарарбытын, түһүлгэни төрүттээччилэри салгыы иитэн таһаарарбытыгар тирэх буолуоҕа.

Зверев оскуолата

Оһуокай урут ордук Сунтаар, Ньурба улуустарыгар толоруллар эбит буоллаҕына, Бүлүү улуустарыгар барытыгар, кэлин Олоҥхо ыһыахтарын тэрийэн ыытыахпытыттан уонна Туймаада туонатыгар “Оһуокай” уопсастыба тэриллиэҕиттэн кэрэхсэбили ылла. Туох да диэбит иһин, манна сунтаардар инники күөҥҥэ сылдьаллар. Өрөбөлүүссүйэ иннигэр номоххо киирбит Сэһэннээх Сэлликидиэн, Ырыа Тиитэп, Бүлүү эбэтин Сүлдьүкээртэн саҕалаан Муустаах Муораҕа тиийэ аҥаардас Б дорҕоонтон хоһуйан үҥкүү тыла эппит Бэһэлэйдээх Мэхээлэ, Сергей Звереви хомоҕой хоһооҥ­ҥо, ыллам ырыаҕа, дорҕоон то­­йукка уһуйбут Ырыа Дьаакып ыллаан-туойан ааспыттара. Онтон сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар Баһылай Мохордооноп, Киргиэлэй Кырыылаахап, Даарыйа Чааркаанаба Тойбо­хойго, Арыҥах Арылааҕар, Ходуһалаахха тэриллэр ыһыахтарга айылҕа уһуктуутунан сирэйдээн олох уларыйыытын, бандьыыттары күлүү-элэк гынан хоһуйбуттара. Оһуокайга тутатына хоһуйууну киллэрэн, эдэр дьон болҕомтотун ылбыттара. Кинилэр толорор ньымаларынан оччолорго эдэр Зверев оһуокайын тылыгар киллэрэн, бэйэлэрин үөлээннээхтэрин саха үҥкүүтүн дьикти кэрэ алыбыгар көҕүлээбитэ. Ол курдук, Сунтаар, Ньурба улуустарын кэнники көлүөнэ үҥкүүһүттэрэ бары даҕаны кини оскуолатын ааспыттара.

Үйэлээх  үгэс салҕанар

Мин үлэм хайысхатынан Сунтаар, Ньурба улуустарын кэнники сүһүөх оһуокайдьыттарын самаан сайын тэриллэр ыһыахтарыгар үгүстүк кэрэхсээн истибитим, магнитофоҥҥа устубутум, дьүүллүүр сүбэ чилиэнин уонна бэрэссэдээтэлин быһыытынан сыаналаабытым. Оччолорго Кыыл Уолун куолаһын, үс түһүмэхтээх тардыытын, хоһуйар дэгэтин, түһүлгэлээн этэрин утумнаабыттары ыһыахха да, дьиэлэригэр да сылдьан, анаан-минээн да көрсүбүтүм. Ол курдук, Сунтаарга Дьөлөҕөс Сүүһү, Далаҥхаһы,
С. Пахомовы, Ф.Платоновы, М.Его­ровы, И.Петровы, Е.Ымычановы, бырааттыы Кириллиннэри, М.Его­рованы, Е.Николаевы, Ньурбаҕа Н.Ивановы-Сыгааны, Н.Осиповы-Чоомууту, С.Тимофеев-Сыччы­кыны,  Е.Егоровы, Сиэдэрэй  Сэмэни, Д.Егорованы, С.Егоровы-Оһуокай Сэмэни, Н.Егоровы-Ньукуттаны, И. Кутановы уо.д.а. кытта алтыспытым, түһүлгэлээн этэллэрин истибитим. Кинилэр бары Зверевтэн уһуллан, оһуокайдьыт бэртэрэ буолбуттара.

Оһуокайы сөргүтүү

1986 сыллаахха оһуокай улахан энтузиаһа И.А.Егоров-Оһуокай Уйбаан көҕүлээһининэн, куоракка “Оһуокай” уопсас­тыба тэриллибитэ. Бэрэс­сэдээтэлинэн ф.н.д., бэрэ­пиэссэр Н.Е.Петров, бэйэтэ ааттаах оһуо­кайдьыт, олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри биир санаалаах­тарын Г.Г.Сыромятниковы, П.А.Тимофеевы, В.Л.Алексеевы  кытта бииргэ алтыһан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Оһуокайга аналлаах кинигэлэри, босуобу­йалары суруйан бэчээттэппитэ. Николай Егорович оһуокайы фольклор биир былыргы, олоҥхо да иннигэр алгыстан үөскээбит жанр быһыытынан көрөрө. Кини кэнниттэн “Оһуокай” уопсастыбаны А.И.Кривошапкин икки болдьоххо эмиэ бэркэ салайан үлэлэппитэ. М.Ф.Васильева тэри­йээччи быһыытынан “Арчы дьиэтигэр” да, Туймаада ыһыаҕар да нуустатын ууран туран үлэлээбитэ. Култуура үлэһитэ буолан, Туймаада ыһыаҕын дьүүллүүр сүбэ бары тэрээһинин иилээбитэ-саҕалаабыта. Ирдэниллэр анал докумуоннары ис сүрэҕиттэн кыһаллан оҥорбута. Кэлин көмпүүтэр киирэн, үлэтэ сыыдамсыйбыта.  Уопсастыба иһинэн араас кулууптар, ансаамбыллар тэрээһиннээхтик үлэлээбиттэрэ.

Эдэр эрдэхтэриттэн оһуокайга убаммыттар П.П.Кумечко, Н.И.Са­фонов, Н.К.Шамаев, Н.Е.Петров, А.Г.Зверев, С.Я.Яков­лев, З.И.Яков­лев ыһыахтарга да, болуоссаттарга да, куорат култуурунай тэрээһиннэригэр үҥкүүлээн олохтоохтору дуоһуппуттара, сүргэлэрин көтөхпүттэрэ, бэйэлэрэ хаайтара сылдьар та­­лааннарын таһаараллара.

Оһуокай куонкурустара

Туймаада туонатыгар улахан ыһыах тэриллиэҕиттэн куонку­рустары тэрийэн ыытыахпытыттан ыла куоракка да, улуустарга да үҥкүүһүттэргэ болҕомто ууруллар буолбута. Туймаада маҥнайгы ыһыаҕар улуустартан оһуокайдьыттар, ордук Бүлүү улуустарыттан күргүөмүнэн кэлэн, куонкуруска суруттарбыттара. Дьүүллүүр сүбэ маҥнайгы бэрэссэдээтэлинэн М.П.Алексеев ананан үлэлээбитэ. Икки күн устата сүүсчэкэ оһуокайдьыт кыттыбыта, бары ааттаах-суоллаах түһүлгэ тойуксуттара этилэр. Бэрди бэрт баһыйар диэбиттэригэр дылы, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, Сунтаартан сылдьар, урут куонкурустарга улаханнык кыттыбатах култуура управлениетын сэбиэ­диссэйэ И.Ф.Васильев бас­­таан тахсыбыта. Ордук Дьокуускай куорат оһуокайдьыттара уоска бэрдэрбит курдук буолбуттара. Сорохтор миигин дойдутун киһитигэр ыалдьан киниэхэ кыайыыны бэрдэрдэ диэн күтүрээбиттэрэ. Дьиҥэр, Иван Федорович салайар үлэҕэ сылдьан оһуокайга улаханнык кыттыбатах эрээри, С.А.Зверев кинини эдэр эрдэҕиттэн тамайбыт, ырыаҕа-тойукка уһуйбут, үҥкүү тыла этэригэр аттыгар илдьэ сылдьан түһүлгэлээн эппит эбит. Сааһыра барыытыгар дойдутугар үөлээннээҕэ, биллиилээх алгысчыт, оһокайдьыт Н.Е.Тимофеевтыын уйгу­лаах ыһыах алгыһын олбу-солбу толороллоро. Кэлин Үс Хатыҥҥа тэриллэр ыһыахха иккиһин кыттан, эмиэ бастаан турар.

Туймаада туонатыгар Үс Хатыҥҥа 2003 сылтан тэриллэр ыһыахтарга дьон-сэргэ туруорсан, оһуокай куонкуруһугар бириис­кэ массыына туруорар буолбуттара. Маҥнайгы УАЗ-хантер массыына күлүүһүн Дьокуускай куоракка олорор аатырбыт оһуокайдьыт Н.Е.Тимофеев туох да мөккүөрэ суох бастакы миэстэни ылан, үөрүү-көтүү, уруй-айхал ортотугар мэр Илья Михальчук илиититтэн туппута. Итинтэн ыла Туймаада оһуокайыгар бириискэ массыына туттарыллар буолбута. Мин дьүүллүүр сүбэҕэ баарым устатыгар массыына пуондатынан А.Ф.Софронов (Ньурба), Вадим Константинов (Үөһээ Бүлүү), А.И.Кривошапкин, Д.С.Иванов, Е.А.Лыткина, А.Е.Алексеев (бары дьокуускайдар) бэлиэтэммиттэрэ. Сорохторо билигин, хомо­йуох иһин, биһиги кэккэбитигэр ­суохтар.

Күөх ньурбалар холобурдара хатыланыа дуо?

Олоҥхо уонна Сунтаар, Ньурба улуустарын ыһыахтарыгар бастаабыттарга Аан Дархан ааты уонна массыына күлүүһүн тылын биэрэр буолбуттара. Маныаха ньурбалар оһуокайга Олоҥхо ыһыаҕар Арассыыйа Гиннеһин рекордун олохтуулларыгар үс массыына бирииһи ту­­руорбуттара. Саамай уһун тыыннаах түһүлгэни төрүттээһиҥҥэ оһуокай диэн муннукка ытаабыт чахчы талааннаах П.Н.Степанов “УАЗ-хантер” массыына, дьахталларга Далбар Хотун аатын Ньурба биир кыыс кэрэ куолас­таах үҥкүүһүтүн С.Н.Тимофеев-Сыччыкы кыыһа О.Н.Ушканова, оттон эр дьоҥҥо Бүлүү талба талааннааҕа С.И.Иванов массыына күлүүстэрин улуус оччотооҕу баһылыга Б.Н.Попов илиититтэн ыһыах дьонун уруйун-айхалын ортотугар туппуттара. Билигин кинилэртэн Ольга Ушканова доруо­буйатынан оһуокайдыыр кыаҕа суох. Ньурбалартан Р.Е.Гаврильев Дьокуускай куоракка «Арчы дьиэтигэр» тэриллэр оһуокайга мэлдьи кыттар. Ньурба түһүлгэлээх үҥкүүһүттэрин утумнаабыт сомоҕо талаан сылдьар. Хоһуйан этэринэн, куолаһа намыынынан, кэрэтинэн, түһүлгэни тутарынан билиҥҥэлэртэн биир бастыҥнара. Мин билигин коронавирус кэнниттэн хам-түм кинини истэн дуоһуйаары, анаан тиийэбин. Руф Елисеевич кэргэнэ ыалдьан, онно-манна ыраах сылдьыбат, куонкурустарга кыттыбат.

Бүлүүгэ кырдьаҕас былыр­гылыы үҥкүүһүт К.И.Иванов баара да, наар бириис ыллаҕына эрэ сатаныах курдук буолааччы. Биирдэ эмит ылбатаҕына, буолан-хаалан ту­­рааччы. Оһуокайдьыт айылҕаттан бэриллибит талааннаах буоларын таһынан, сахалыы сиэрдээх, сэмэй буолара наада. Бэрэпиэссэр У.А.Винокурова этэринии, дьоһуннаах буолуохтаах. Эдэр ыччакка сытыары-сымнаҕас майгытынан, киэҥинэн-холкутунан, ырааҕы өтө көрөрүнэн дьоһуннук көстүөхтээх. Бу этиим куорат түһүлгэтин төрүттээччилэригэр эмиэ сыһыаннаах. Куоракка Андрей Данилов “Оһуокай” уопсастыба баһылыга буолуоҕуттан үтүөлээх да, Дархан да этээччи элбээтэ. Бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар тапсыбат буолуу, ордугурҕаһыы, бэрт былдьаһыы курдук табыгаһа суох быһыы-майгы көстөн ааһар. Ол түһүлгэни төрүттээччини киэргэппэт. Оһуокайдьыт уопсастыба ортотугар сылдьарын умнуо ­суохтаах.

Холобур буолар оһуокайдьыттар

Бэрэпиэссэр Н.Е.Петров, оһуокай улахан энтузиаһа П.А.Тимофеев, суруналыыстар М.П.Алексеев, В.Л.Алексеев, культуролог К.Д.Уткин Туймаада оһуокайын уонна түһүлгэни төрүттээччилэрин туһүнан балачча суру­йан тураллар. Биһиэхэ холобур буолар үҥкүүһүттэр тустарынан кинилэр суруйууларыттан бил­­сиэххитин сөп.

«Оһуокай» уопсастыба тэриллиэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри сылдьар В.Д.Данилов баар. Эдэригэр балачча үчүгэй куоластааҕа, туойар да этэ. Оһуокайын тылын туспа кинигэнэн ким хайа иннигэр таһаартаран турар. Биир дойдулааҕа Бэһэлэйдээх Мэхээлэни утумнаан үҥкүүтүн тылын аҥаардас аллитерациянан астаран этэр үгэстээх. Билигин 87 сааһын томточчу туол­ла да, тустуук, спортсмен буолан, түһүлгэтин өссө да төрүттүү сылдьар, олоҥхоҕо эмиэ киирсэр да, тойуга ордук курдук.

95 сааһын томточчу туолбут Е.М.Осипов хоһуйар хоһооно билигин да атыттарга үтүө холобур буолуон сөп. Ааспыт сайын үбүлүөйдээх ыһыахха автономия 100 сылын туһунан барыларыттан ордук хоһуйбута. Арчы дьиэ­тигэр хас өрөбүл аайы кэлэн, эдэрдэри көҕүлүүр. Ил Дархан анаабыт истипиэндьийэтин аан маҥнайгынан киниэхэ аныырбыт ордук табыгастаах буолуоҕа. Билигин биһиги кэккэбитигэр суох талааннаахтан талааннаах үҥкүүһүттэрбит үтүө үгэстэрин утумнаан билигин ону тарҕата сылдьара махталлаах дьыала. Итиэннэ Туймаада түһүлгэтин төрүттэспит А.И.Кривошапкин, А.Е.Алексеев ааттара бэлиэтэнэрэ сөп. Афанасий Егорович куорат мэрин солбуйааччынан олорон, ыһыаҕы аан маҥнай тэрийэн ыытыыга көмө буолбутун өйдүүбүн уонна бастаан ипподромҥа, кэлин Үс Хатыҥҥа мэлдьи түһүлгэлээн этэрэ. Кини Туймаада уонна Олоҥхо ыһыахтарыгар Дархан үҥкүүһүт аатын ылбыта. Быйыл төһө да 87 сааһын туол­лар, Үөһээ Бүлүүгэ Дарханнар куонкурустарыгар кыттан, Ил Дархан анал бирииһин ылбыта.

Билигин оһуокайга тутатына хоһуйан этээччилэр баалларын бэлиэтээн этиэххэ сөп. Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, удьуор үҥкүүһүт Д.С.Иванов Туймаада маҥнайгы ыһыаҕар кэрэ куолаһынан куорат кыргыттарын хоһоонноон хоһуйан, былааһы ылан турар. Ол эрээри, үлэтигэр үтүрүттэрэн, куонкурустарга кыайан кыттыбат. Кэлин биэнсийэҕэ таҕыстаҕына, кэрэхсэбили ылар үҥкүүһүт буолуо диэн эрэнэбин. Урукку өттүгэр А.Г.Зверев кылыһаҕын кылаанын оһуокайы таптааччылар олус сөбүлүүллэрэ, билигин да ахта саныыллар. Аммаҕа олорор куоластаах туйгуна А.И.Артемьева кылыһаҕа баа­йынан үгүстэри абылыыр эрээри, эмиэ О.С.Ушканова курдук доруобу­йатынан оһуокайга кыттар кыаҕа суох. Билигин сунтаар­дартан М.Евсеев-Кураһаай, Л.Иванова, С.Зедгенидзева аҕа көлүөнэ оһуо­кайдьыттар үгэстэрин утумнууллар, кэрэхсэбили ылаллар. Төһө да 80-нун аастар Роман Данилович Иванов куолаһа кэрэтинэн, кылыһаҕа ыраа­һынан, дьоһуннаахтык этэринэн ханна да түһүлгэлээн эттэр, мэлдьи бастакы миэстэни ылар этээччи.  Сунтаардартан кырдьаҕастара уонна бастыҥнара диэн сыаналыыбын.

Эрэлбит эдэрдэргэ

Билигин күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэр кэскиллээх оһуо­кайдьыттар Туйаара Андреева, Сахая Нохсооробо, уолаттартан Виталий Никифоров, Станислав Иванов уо.д.а. талааннарын мэлдьи сайыннара сырыттахтарына, кэлин түһүлгэлээх үҥкүүһүт буолар кыахтаахтар. Ахсаабакка, уостан хаалбакка күннэтэ дьарыктаныахтарын наада. Сорохтор Валентин Хорунову бастыҥнар ахсааннарыгар тоҕо киллэрбэккин диэн ыйытыахтарын сөп. Кинини мин 1979 сыллаахха Угут Күөл ыһыаҕар түһүлгэлээн этиэ­ҕиттэн хараҕым далыгар бэлиэ­тии көрөбүн. Оччолортон өрө мөхсөн, дьоһуна-туолката суох өрө бырдаҥалаан оһуокайдыырын испэр адьас киллэрбэппин. Сонуҥҥа истэргэ хайдах эрэ сүргэни көтөҕөр курдук. Музыковед А.П.Решетникова, этнограф Е.Н.Дьяконова-Романова 1984 сыллаахха  истэн бэркэ сэргээбиттэрин өйдүүбүн. Сахалыы үчүгэйдик билбэт учуонайдар олус хайҕаабыттарын, сонурҕаабыттарын сөҕө санаабытым. Сунтаар аатырбыт үҥкүүһүттэрэ уонна дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ фольклорист-хомуйааччы Г.Е.Федоров, Н.Н.Спиридонов-Дойдууһа, П.И.Аввакумов куонкуруска да киллэрбэттэрэ. Билигин сааһыран түспэтийэрин оннугар өссө тэттибиккэ дылы ойор-тэбэр. Кинини билиҥҥи «Оһуокай» уопсастыба салайааччыта олус сөбүлүүр быһыылаах, бэрэссэдээтэл буо­лаат, Дархан этээччи аатын бэрдэрбитэ. Ханна да бардар, бэйэтин кытта илдьэ сылдьар.

Биһиги саха оһуокайын төрүт үгэстэрин харыстаан эдэрдэргэ тиэрдэр туһугар үлэлиэхтээхпит. Ол инниттэн оһуокайга уһуйааннары үлэлэтэрбит наада. Үөһээ Бүлүүгэ Д.Я.Федотов баарын саҕана үөрэх тэрилтэлэрин кытта кэпсэтэн оскуола аайы оһуокайга учууталлар бааллара, оҕолору анаан үөрэтэллэрэ, куонку­рустарга кытыннараллара. Олоҥхо ыһыахтарыгар Үөһээ Бүлүү оҕолоро күннүүллэрэ. Кинилэртэн Мария Хобусарова үчүгэйдик туойар да, үҥкүү тылын да этэр. Билигин Сахаайта Мойтохоонобо соҕотох уһуйаана эрэ хаалбыт, оҕолорун бэркэ уһуйар, кинилэртэн элбэҕи күүтэбит. Сахаайта Михайловна эдэртэртэн биир тарбахха баттанар талба талаан. Москваҕа тиийэн талааннаах учууталлар куон­курустарыгар бастаан кэлбитэ. Үҥкүү тыла этэригэр тэтиминэн, куолаһынан кимиэхэ да иннин биэриэ суоҕа, хоһу­йар хоһоонугар үлэлэһиэн наада. Уопсайынан, эдэрдэр хоһоонноон этэргэ аҕа көлүөнэ этээччилэртэн үөрэниэх тустаахтар. Бэрэпиэссэр Н.Е.Петров эһиэхэ анаан элбэх кинигэни суруйбутун булан ааҕаргытыгар уонна түһүлгэлээн этэргитигэр туһанаргытыгар сү­­бэлиибин.

Ил Дархан оһуокайдьыттарга сэттэ истипиэндьийэни аныыр­га Ыйаах таһаарбыта эһигини, эдэрдэри, элбэххэ эбээһинэс­тиир. Бастатан туран, айылҕаттан бэриллибит талааҥҥытын күннэтэ чочуйар, сайыннарар туһунан толкуйдуохтааххыт. Ол эһиги сыралаах үлэҕит түмүгэр ситиһиллэр. Иккиһинэн, оһуокайга научнай да, научнай-популярнай да уонна оһуокай тылларын тиэкистэрэ бэрт элбэх кинигэ буолан бэчээттэннилэр. В.С.Лосотов, М.М.Мойтохонов Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү үҥкүүһүттэрин тылларын кылгатан, эрэдээксийэлээн таһаардылар. Кинилэр аудиовизуальнай устууларын оцифровкалаан саайтка таһааран тарҕатар көдьүүстээх буолуо этэ. Үсүһүнэн, оһуокай билигин атын фольклор жанрдарыттан тутатына хоһуйан толорууга олоҕурар. Онон эһиги үгэскэ олоҕурбуккут иһин түһүлгэҕэ тутатына хоһу­йан толорорго сөптөөх болҕомтону ууруохтааххыт. Сунтаарга Дойдууһа Ньукулай үйэ аҥаара устубут кэллиэксийэтэ баар, ону култуура управлениета үйэтитиэн наада. Дьокуускайга Ю.Титов, Н.Максимов олус баай видео-устуулара баар. Оһуокай Уйбаан видео-устууларын бырабыыталыстыбалар атыылаһан ылбыт сурахтаахтара. Кэргэннии Тулааһынаптар өрдөөҥҥүттэн аудио-видеосуруйууларынан дьарыктаналлар. Балары И.С.Жараев аатынан СӨ аудиовизуальнай киинигэр түмэн үйэтитэр киһи ким наадалаах ылан туһаныа этэ. Үсүһүнэн, оһуокай атын фольклор жанрдарынааҕар тутатына хоһуйан толорулларынан уратылаах. Онон эдэрдэр манна болҕомто ууруохтарын наада. Тутатына хоһуйуу, үгэскэ хоһу­йуу уонна түһүлгэни тутуу тэҥҥэ дьүөрэлэстэхтэринэ эрэ үҥкүүһүт үрдүк аатын тутуохтарын уонна Ил Дархан таһаарбыт Ыйааҕар эппиэт­тэһэр оһуокайдьыт бэрдэ буолуохтарын сөп.

Туомтуу тартахха

Түмүктээн эттэххэ, Ил Дар­хаммыт Айсен Николаев бэ­­йэтин кэмигэр дойдутугар түһүлгэлээх оһуокайдьыт уонна олоҥхоһут үтүөтэ А.Т.Титаров эһэтэ буолан, төрүт култуураны ис хааныттан өйдүүр уонна сыаналыыр, талба талааннаахтары өйүүр тускул­лаах анал Ыйааҕы таһаарбытыгар махтанан туран, үлэбитин-хамнаспытын үрдүк таһымҥа таһаарарбыт  уонна салгыы айымньылаахтык биир санаанан үлэлиирбит эрэ­йиллэр.

Василий Илларионов, филологическай наука дуоктора, бэрэпиэссэр, экспертнэй хамыыһыйа чилиэнэ.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: