Салгыы
Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт хорсун быһыы

Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт хорсун быһыы

26.01.2025, 20:00
Хаартыска: https://www.gikit.ru/news/2020/09/8-sentyabrya-den-pamyatizhertv-blokady-leningrada/.
Бөлөххө киир:

Фашист халабырдьыттарын утары кырыктаах сэриигэ  Ийэ дойдубут көҥүлүн туруулаһан,  20 мөлүйүөн сэбиэскэй дьон сырдык дууһаларын толук  ууран,  улуу сүтүгүнэн  Улууканнаах Кыайыыны ситиспиппит 80 сыла буола оҕуста.

Ленинграды өстөөх төгүрүктээһиниттэн босхолооһун 81 сыла

Туман буолбут күннэр-дьыллар хара кырыыс­таах, хаан олбохтоох тумулларын кэтэҕиттэн өлөр-тиллэр, кии, биитэр киһи буолар тыын харбас мөккүөргэ “Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах, кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!” диэн көҥүл олох иһин бүтүн дойду, норуот ытык сэриигэ сорунуулаахтык туруммут сата дуораана, дохсун ньиргиэрэ аны да иһиллэр.

“Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах!”

Бүтүн Дьобуруопаны хаардыы хаампыт, уодаһыннаах сэрии сэбин тиэхиньикэтинэн тииһигэр тиийэ сэбилэммит Гиитилэр сэриилэрэ Сэбиэскэй Сойууска өмүтүннэрэн саба түһэн, Москванан, Урал хайатынан эмиэ хаардыы хаамыахпыт диэн “Блиц криг” былааннара туолбатаҕа. Хаанымсах, ииримтийбит ыттарга дойду кыраныыссатын кэһэн киириилэригэр соҕотох Брест кириэппэһэ хабарҕаларыгар толунньаҥ уҥуоҕа буолан харыаран туора турбута. Фроҥҥа, тыылга, өстөөх илиитигэр киирбит сирдэргэ кыайтарар туһунан санаа да кыыма суох, кыа­йыы туһа диэн норуот бүттүүн туруммута, ол туһугар сырдык тыыннарын да харыстаабакка, Александр Матросов, биһиги биир дойдулаахпыт Клавдий Краснояров уотунан тибиирэр бүлүмүөт уоһугар түөстэринэн саба түһэн, бүөлээн кимэн киириини хааччыйбыттара. 1942 сыллаахха Бүлүү Хампатын ыалларыгар сэриилэһэ сылдьар чаас хамандыырыттан маннык биллэрии кэлбитэ: “Эһиги тапталлаах уолгут Прокопий Афанасьевич Софронов хамандыырын өстөөх буулдьатыттан быыһаары, кинини бэйэтинэн хаххалыы түһэн, Аҕа дойдутун иннигэр дьоруойдуу өлбүтүн биллэрэбит”. Бу тыын­наах холобурдар норуот бүттүүн дьоруойдуу быһыытын туоһутунан буолаллар.

Чугуйуу кэмнэрэ – кыайтарыы көстүүтэ буолбатах этэ

Сэрии саҕаланыыта, маҥнайгы сылларыгар чугуйуу кэмнэрэ кыайтарыы көстүүтэ буолбатах этэ. Дойду салалтата, Кыһыл Аармыйа дьаһалтата күүһү түмэр, аныгы сэрии стратегиятын, салаллыытын баһылыыр, уларыта тутар, оборуона бырамыысыланнаһын суһаллык тэйиччи сирдэргэ көһөрө охсон, саҥа тиэхиньикэни, сэрии сэбин оҥорууну атаҕар туруоруу, тыыл фроҥҥа көмөтүн үөскэтии булгуччу­лаах кэмнэрэ буоларын ус­­туоруйа кэрэһэлиир. Чуолаан, Москва анныгар дьон но­­руот өйө-санаата түмүллүбүтэ, кыаҕырбыта. Кыһыл болуоссаттан параат­таан тахсан, устунан сорунуулаах, өһөстөөх өстөөҕү үлтүрүтүүлээх ытык сэриигэ туруммута. Гиитилэр сэрии­лэрин үлтүрүтүү, кэннинэн чугутуу дойду тэбэр сүрэҕэ – Москва куорат анныттан саҕаламмыта!

Салгыы Улуу Кыайыы былаа­ҕа Сталинградтан кы­-тыас­тыбыта. Бу сүҥкэннээхэй кыргыһыыга фашис­тар оччолорго сэбиэскэй-германскай фроҥҥа сэриилэһэр аармыйаларын уопсай ахсаанын түөрт гыммыт биирин сүтэрбиттэрэ. Кыһыл Аармыйа килбиэннээх кыайыыта Дьобуруопа үрдүнэн босхолонуулаах охсуһуу өрө күүрэригэр көҕүлүүр төһүү күүһүнэн буолбута.

Өстөөх 900 хонуктаах төгүрүктээһинин үрэйии

Аҕа дойду Улуу сэрии­тин устуоруйатыгар Ленин­градтааҕы кыргыһыы сүҥкэннээх бэлитиичэскэй, байыаннай-стратегическай суолта­лаах, сэрии фроннарын атын да ­учаастактарыгар кыргыһыыларга быһаарар дьайыылары киллэрбит, ситиһиилээх тирэҕинэн буолбут чахчынан, кэрдиис кэминэн буолар.

1941 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр фашистскай Германия сэриилэрэ Ленинград – Москва икки ардыларыгар тимир суолу быспыттара. Ситинтэн ыла, чуолаан 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн 900 хонук­таах өлүүлээх-сүтүүлээх, хааннаах кыргыһыылаах Ленинград куораты блокадалааһын саҕаланар. Нева үрдүгэр турар улуу ыраахтааҕы Петр I олохтообут нуучча судаарыстыбатын Балтийскай муоратаа­ҕы модун форпост-­куоратын – Ленинграды дьоруой­дуу көмүскээһин үгүс ахсаан­наах сэбиэскэй норуот кыайыыга дуулаҕа дьулуурун, хорсун-хоодуот, эр санааланыы, Ийэ дойдуга таптал, патриоттуу тыын чаҕылхай холобурунан буолар.

Төгүрүктэммит Ленинграды фашист халабырдьыттарыттан көмүскээһиҥҥэ бырааттыы сэбиэскэй норуоттары кытта саха дьоно эмиэ кыттыыны ылбыттара. Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыт саха буойуннара Волховскай фроҥҥа дьоруойдуу кыргыспыттара. Сэрии саҕаланыытыгар Ленинград куорат үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэ сылдьар усту­дьуоннар, аспираннар өстөөҕүнэн төгүрүктэммит куораты бөҕөргөтүүгэ, көмүскээһиҥҥэ норуот ополчениетын байыастара буолбуттара.

Оччотооҕуга “Известия” хаһыат суруйан турар: “Уни­верситет историческай факультетын аспирана, саха уола Романов бэс ыйын 21 күнүгэр кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Билигин аармыйаҕа ыҥырылынна. “Биһиги дьоллоох олохпутун урусхал­лаары хаанымсах өстөөх өтөн киирдэ. Оннук буолуо суоҕа! Бэҕэһээ мин наука үлэһитэ этим. Бүһүн – модун кыах­таах Кыһыл Аармыйа саллаа­табын!” – диир эр санаа­лаах бэҕэһээҥи устудьуон. Кини билигин норуот ополчениетын дивизияларыттан биирдэстэригэр взвод хамандыырынан ананна. Кини взвода Колпино оройуонугар оборуонаҕа турар. “Өстөөҕү аһарыахпыт суоҕа. Үрдүбүтүнэн тэпсэн эрэ ааһыахтара!” диэн дойдутугар суруйбута хорсун хамандыыр. Кырдьык, 1941 сыл балаҕан ыйыгар манна уон хонуктаах кырыктаах кыргыһыы оргуйбута. Кыһыл Аармыйа саллааттара өстөөх элбэх кимэн киириитин төттөрү охсубуттара. Бу кыргыһыыга саха уола Н.С.Романов Ленинград куорат көҥүлүн туруулаһан дьоруойдуу охтубута”.

Юридическай институт төрдүс кууруһун устудьуо­на В.П.Кайгородов 719-с сапернай батальон састаабыгар Псков куорат таһыгар кыргыһыыга бастакы сүрэхтэниитин ааспыта. Салгыы Гатчина оройуонугар кыргыһыыларга кыттыбыта. Хотугу норуоттар институттарын устудьуоннара П.В.Алексеев, И.И.Карамзин кыргыһыы хонуутугар охтубуттара. Ленинград куораты суруйааччы Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап, связист Василий Охлопков, сержант Роман Кутуков о.д.а. үгүс саха буойуннара хорсуннук көмүскээбиттэрэ. Биир дойдулаахтарбыт, Саха сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт артиллерист В.В.Сапожников, ыраах көтөн буомбалыыр авиация эскадрильятын хамандыыра И.Г.Шаманов, авиаполк ыстаар­сай штурмана М.В.Лорин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүттэрэ.

1944 сыл тохсунньу 14 күнүгэр Ленинградскай, Волховскай уонна 2-с Прибалтийскай фроннар сэриилэрэ Ленинград оборонатын босхолуур булгуруйбат соруктаах кимэн киирии­ни саҕалаабыттара. Тохсунньу 27 күнүгэр килбиэннээх кыайыыны ситиспиттэрэ. Бу быһаарыылаах кыргыһыыларга саха буойуннара кыттыбыттара, хорсуннук сэриилэс­питтэрэ, бойобуой наҕараадаларынан бэлиэтэммиттэрэ.

Кинилэр ортолоругар Е.Е.Рязанскай, И.С.Кычкин, Г.П.За­харов, С.В.Яныгин, Н.И.Ануф­риев, о.д.а. бааллара. Кыһыл Сулус, Албан аат III истиэпэнэ уордьаннар­даах, “Хорсуну иһин” мэтээл­лээх иккитэ бааһырбыт И.С.Игнатьев кимэн киирии кэмигэр өстөөх буулдьатын ардаҕын аннынан 50 миинэни суох оҥорбута, хатыылаах боробулуоха мэһэйи туоруур холлорооннору арыйбыта.

Волховскай фроҥҥа В.П.Самсонов хамаандалыыр саллааттарын бөлөҕө өстөөх 15 тааҥкатын, пехотатын кимэн киириилэрин төттөрү охсубута, салгыы Ленинград диэки аһарбатаҕа. Суруйааччы Тимофей Сметанин тохсунньу 14 күнү­нээҕи кыргыһыыга өстөөх артиллериятын, минометун уотун аннынан хамаандалыыр пуун уонна инники кирбии икки ардыларыгар сибээс ситимин 18 быстыытын холбообута. Ити – үгүстэн бэрт аҕыйах холобур. Саха саллааттара 1944 сыл тохсунньу – кулун тутар ыйдарга Ленинград аннынаа­ҕы кыргыһыыларга фашистар 18-с аармыйаларыгар урусхаллаах охсуулары оҥорууга биллэр кылааттарын киллэрбиттэрэ. Кинилэр хорсун быһыылара, килбиэннээх кыайыылара нуучча аармыйатын, сэбилэ­ниилээх күүстэрин бойо­буой устуоруйатыгар көмүс буукубанан суруллан, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт тыыннаах холобур быһыытынан хаалыахтара.

Иван Ксенофонтов-Силиги.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: