ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Декларацияны хаһан туттарыахтаахпытый?
– 2024 сыллааҕы ылбыт дохуоппут туһунан хаһааҥҥа диэри декларация туттарыахтаахпытый?
Ыйытыыга Арассыыйа ФНС Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын пресс-сулууспата маннык эппиэти ыытта:
– 2024 сылга аахсыбыт дохуоккут туһунан декларацияны быйыл муус устар 30 күнүгэр диэри түһэриэхтээххит.
Былырыын 2024 сылга нолуогу төлөөччү, холобур, кини бас билиитигэр кыра болдьоххо сылдьыбыт (меньше минимального срока владения) олорор дьиэтин атыылаабыт, чугас аймаҕа буолбатах дьонтон күндү бэлэх-туһах ылбыт, латарыайаҕа кыра сууманы сүүйбүт, дьиэтин куортамнаабыт эбэтэр тас дойдуга баар источниктартан дохуот ылбыт буоллаҕына, дохуотун туһунан отчуоттуохтаах.
Ону тэҥэ 3-НДФЛ декларацияны биирдэм урбаанньыттар, кэтэх быраактыканан дьарыктанар нотариустар, албакаат кэбиниэттээх албакааттар уонна да атын дьон туттарыахтаахтар.
Декларацияҕа ааҕыллыбыт НДФЛ-ы 2025 сыл от ыйын 15 күнүгэр диэри төлүөхтээххит.
Өскөтүн нолуок ааҕына дохуот төлөбүрүгэр НДФЛ туппатах уонна ол туһунан нолуок уорганыгар эппэтэх түгэнигэр декларацияны эмиэ биэриэхтээххит. Оттон нолуок ааҕына бу эбээһинэһин толорбут буоллаҕына, нолуок уоргана түһээни төлөөччүгэ биллэрии ыытыахтаах, онно олоҕуран 2025 сыл ахсынньы 1 күнүн аһарбакка НДФЛ төлөнүөхтээх.
Декларацияны туттарыы уонна НДФЛ төлөбүрүн болдьоҕун тутуспатах киһини ыстарааптыахтарын уонна пеня ааҕыахтарын сөп.
3-НДФЛ нолуок декларациятын “Личный кабинет налогоплательщика для физических лиц” сервис нөҥүө толорор уонна ыытар табыгастаах: онлайн уонна нолуок уорганыгар кэлбэккэ эрэ.
3-НДФЛ декларациятын толоруу уопсайа
5 мөл. солкуобайдаах дохуоту аһары түстэҕинэ,
15 % кээмэйдээх нолуок ыстаапкатын туһаныыны учуоттаан оҥоһуллар (дохуот кэрискэтэ РФ НК 224 ыст. 2.1 пуунугар ыйыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: