Ыйыт-хоруйдуубут: Куурусса аҕалан биэрэллэр дуо?
12.05.2024, 08:30
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:
– Сураҕын иһиттэххэ, Майаҕа сымыыттыыр кууруссаны аҕалтарыыга сайаапка хомуйаллар дииллэр. Кимнээх хомуйалларый? Сыаната төһө буолуой?
Чүүйэ.
Ыйытыыга Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа олохтоох дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ Марианна Федотова маннык хоруйдаата:
– Майа олохтоох дьаһалтата сыл аайы “Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыкаттан” сымыыттыыр кууруссалары аҕалан тарҕатар. Ол курдук, сайаапканан 700-900 кууруссаны аҕалар этибит. Быйыл 1 төбө куурусса сыаната – 500 солкуобай. Сайаапканы нэһилиэнньэттэн ыам ыйын 6 күнүттэн саҕалаан 20 күнүгэр диэри хомуйуохпут. Онтон хомуйбут сайаапкабытын куоракка ыытыахпыт. Ол кэннэ бастакы паром сырыыларыгар сөп түбэһиннэрэн аҕалан дьоммутугар түҥэтиэхпит.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: