Ыйыт-хоруйдуубут: МРОТ-у төлүөхтээх дуо?
Ыйытыы: Биһиэхэ үлэбитигэр сыл устата үлэлээбит кэмҥин учуоттууллар. Кассирдар, контролердар симиэнэнэн үлэлиир буоланнар кинилэргэ үлэлэрин чааһа сылга ситэ тиийбэт. Үлэни биэрээччи бу үлэһиттэргэ МРОТ төлүөхтээх дуо?
Ыйытыыга Култуура үлэһиттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы идэлээх сойууһун Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Самсонова хоруйдуур:
– РФ ҮК 133 ыстатыйатын 3 чааһыгар олоҕуран, бу кэм устата үлэ чааһын уонна үлэ нуорматын (үлэ эбээһинэһин) толорбут буоллаҕына, үлэһит ыйдааҕы хамнаһа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах. МРОТ сылга буолбакка, ыйдааҕы үлэтин иһин төлөнөр.
Симиэнэнэн үлэҕэ уонна үлэ бириэмэтин сууматын учуоттааһыҥҥа хамнас төлөбүрэ үгэс курдук чааска ыстаапкатыттан уонна ыйга төһө чааһы үлэлээбититтэн тутулуктаах.
Өскөтүн үлэһиккэ үлэ бириэмэтин суумата учуоттанар буоллаҕына, фиксированнай акылаат олохтонор, онон бу үлэһит чопчу ыйга олохтоммут үлэ кыраапыгынан үлэлиэхтээх нуорматын толордоҕуна, киниэхэ бу акылаатын төлүөхтээхтэр, дьиҥнээх үлэлээбит чааһыттан тутулуга суох. Хамнас төлөбүрүн маннык ситимигэр акылаат кээмэйэ учуоттанар кэм устата хас ый ахсын кыраапыгынан үлэлээбит чааһыттан акылаат кээмэйэ тутулуктаммат (РФ Үлэҕэ министиэристибэтин 2021 с. 01.09 күнүнээҕи суруга 14 №-дээх-6/00Г-8378).
Үлэни биэрээччи буруйунан үлэ бириэмэтин нуормата туолбат түгэнигэр (холобура, симиэнэн үлэ кыраапыга үчүгэйдик чопчуламматах буоллаҕына), фиксированнай акылаат олохтоммут үлэһитигэр акылаат төлөнөр, дьиҥнээх үлэлээбит чааһыттан тутулуга суох.
Өскөтүн үлэһит буруйунан үлэлээбит чааһа туолбатаҕына (холобура, борогуул), РФ ҮК 155 ыстатыйатын 3 пуунугар олоҕуран туолбатах нуорма төлөммөт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: