Ыйыт-хоруйдуубут: МРОТ-у төлүөхтээх дуо?

Share

Ыйытыы: Биһиэхэ үлэбитигэр сыл устата үлэлээбит кэмҥин учуоттууллар. Кассирдар, контролердар симиэнэнэн үлэлиир буоланнар кинилэргэ үлэлэрин чааһа сылга ситэ тиийбэт. Үлэни биэрээччи бу үлэһиттэргэ МРОТ төлүөхтээх дуо?

Ыйытыыга Култуура үлэһиттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы идэлээх сойууһун Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Самсонова хоруйдуур:

– РФ ҮК 133 ыстатыйатын 3 чааһыгар олоҕуран, бу кэм устата үлэ чааһын уонна үлэ нуорматын (үлэ эбээһинэһин) толорбут буоллаҕына, үлэһит ыйдааҕы хамнаһа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах. МРОТ сылга буолбакка, ыйдааҕы үлэтин иһин төлөнөр.

Симиэнэнэн үлэҕэ уонна үлэ бириэмэтин сууматын учуоттааһыҥҥа хамнас төлөбүрэ үгэс курдук чааска ыстаапкатыттан уонна ыйга төһө чааһы үлэлээбититтэн тутулуктаах.
Өскөтүн үлэһиккэ үлэ бириэмэтин суумата учуоттанар буоллаҕына, фиксированнай акы­лаат олохтонор, онон бу үлэһит чопчу ыйга олохтоммут үлэ кыраапыгынан үлэлиэхтээх нуорматын толордоҕуна, киниэхэ бу акылаатын төлүөхтээхтэр, дьиҥнээх үлэлээбит чааһыттан тутулуга суох. Хамнас төлөбүрүн маннык ситимигэр акылаат кээмэйэ учуоттанар кэм устата хас ый ахсын кыраапыгынан үлэлээбит чааһыттан акылаат кээмэйэ тутулуктаммат (РФ Үлэҕэ минис­тиэристибэтин 2021 с. 01.09 күнүнээҕи суруга 14 №-дээх-6/00Г-8378).

Үлэни биэрээччи буруйунан үлэ бириэмэтин нуормата туолбат түгэнигэр (холобура, симиэнэн үлэ кыраапыга үчүгэйдик чопчуламматах буол­лаҕына), фиксированнай акылаат олохтоммут үлэһитигэр акылаат төлөнөр, дьиҥнээх үлэлээбит чааһыттан тутулуга суох.

Өскөтүн үлэһит буруйунан үлэлээбит чааһа туолбатаҕына (холобура, борогуул), РФ ҮК 155 ыстатыйатын 3 пуунугар олоҕуран туолбатах нуорма төлөммөт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

33 минуты ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

34 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

1 час ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago