Ыйыт-хоруйдуубут: Нолуокка туох сыыһалары оҥороллоруй?

Share

– Тэрилтэлэр буҕаалтырдара уонна урбаанньыттар туох сыыһаны оҥоруохтарын сөбүй?

Арассыыйа ФНС СӨ управлениетывн 1 №-дээх өҥөнү оҥорууга отделын ыстаарсай судаарыстыбаннай нолуок иниспиэктэрэ Татьяна Маркова маннык хоруйдаата:

– Билигин нолуок ситимин үлэһиттэрэ салайааччылары, урбаанньыттары уонна тэрилтэлэр буҕаалтырдарын кытта иккис кыбаартал нолуогар уонна абаансанан төлөбүрдэригэр быһаарар үлэни ыытабыт. Маны сэргэ иһитиннэриини (уведомление) ыыппатах тэрилтэлэр салайааччыларын уонна урбаанньыттары но­­луок уорганыгар РФ Нолуокка кодексын 31 ыст 1 п. 4 хос пуунугар олоҕуран быһаарыы биэрэллэригэр ыҥырабыт.

Нолуок уорганыгар ааҕыллыбыт нолуок туһунан иһитиннэрии – бары нолуогу төлөөччүлэр эбээһинэс­тэрэ, онон эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыллыахтаах. Ону тэҥэ отчуоту кэмигэр бэриллиэхтээх.

Тэрилтэлэр буҕаалтырдара уонна урбаанньыттар үгүстүк иһитиннэриини толороллоругар нолуок ааҕыллыбыт сууматын, абаансанан төлөбүрдэри хомуйуу туһунан сыыһаны-халтаны таһаарааччылар. Сыыһалар нолуоктар бүддьүөккэ киирэллэрин харгыстыыллар, биир кэлим нолуок счетуттан уонна пеняны ааҕыыттан сыыһа устууга тиэрдиэхтэрин сөп.

Үгүстүк маннык сыыһалар бэлиэтэнэллэр:

* сыыһа кэми (период) ыйаллар. Кэми сөпкө ыйыы төлөбүр болдьоҕун сөпкө быһаарарга наадалаах, ону тэҥэ төлөбүр болдьоҕун чопчу быһаарарга, ону тэҥэ декларацияны кытта сибээстииргэ;

* КБК (бүддьүөт классификациятын куода) эбэтэр ОКТМО (хас биирдии нэһилиэнньэ Бүтүн  Арассыыйатааҕы классификатора) сыыһа толоруу, биитэр иһитиннэриини толоруу ирдэммэт КБК толоруллубут буолар;

* иһитиннэрии оннугар бэриллэр төлөбүр реквизиттэригэр сыыһаны оҥоруу: КБК, ОКТМО отчуоттуур кэм сыыһа ыйыллыбыт эбэтэр олох ыйыллыбатах;

* иһитиннэриини отчуот кэнниттэн ыыппыттар эбэтэр тэҥҥэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

3 часа ago