Ыйыт-хоруйдуубут: Офистар уонна маҕаһыыннар төлүүллэр дуо?
Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баар офистар уонна маҕаһыыннар хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүүллэр дуо?
Маныаха Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын Саха сиринээҕи салаата маннык хоруйдуур:
— РФ Дьиэ-уот кодексын 169 ыстатыйатын 1 ч. элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорор уонна дьон олорбот помещениеларын бас билээччилэр ыйдааҕы усунуоһу хайаан да төлүөхтээхтэр.
Ол курдук, РФ Конституционнай суутун 2018 с. тохсунньу 29 күнүнээҕи 5-П №-дээх уурааҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баар дьиэни-уоту (помещение) бас билээччилэр уопсай баайы-дуолу көрүүгэ-истиигэ уонна хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун ороскуоттарын төлүүргэ кыттыахтаахтар. Тустаах нуорма быһыытынан бу дьиэҕэ киһи олорбот помещениелардаах, ол иһигэр массыына-миэстэлээхтэр эмиэ туһааннаах төлөбүрү киллэриэхтээхтэр.
Саха сиригэр “нежилой” диэн ааттанар дьиэҕэ-уокка маннык тарыып олохтоммут:
— элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэргэ ыйга кв.м. 20,48 солк.;
— лиибэ суох таас дьиэлэргэ ыйга кв.м. 21,00 солк;
— лииптээх дьиэлэргэ – ыйга кв.м. 23,65 солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: