Ыйыт-хоруйдуубут: пиявканан эмтииллэр дуо?
Ааҕааччыларбыт “Саха сирэ” хаһыакка араас ис хоһоонноох ыйытыылары биэрэллэр. Сорохтор эрэдээксийэҕэ кэлэн да ыйыталаһаллар. Дьон кыһалҕата да араас. Онно кыах баарынан хоруйдуурга кыһанабыт.
– Ийэбит ковид кэнниттэн хаана хойдон, ыарытыйара элбээтэ. Куоракка кэлэн гирудотерапиянан эмтэниэн баҕарар, ким дьарыктанарый?
Потаповтар.
“Невромед-С” клиника үрдүк квалификациялаах терапевт-бырааһа Лариса Никифоровна Захарова маннык хоруйдаата:
– Мэдиссиинэҕэ туттуллар анал пиявка “гирудин” диэн эттигэ хааны убатар уонна хаан бөлүөхсүүтүн бохсор. Маннык эмтэнии сүрэх-тымыр, ньиэрбэ, атах-сүһүөх, куртах-оһоҕос, урология, гинекология, харах уонна күөмэй ыарыыларыгар туһалаах. Гирудотерапия сеансын ылыаххыт иннинэ босхо сүбэлиэхпит, эмтэнии хайдах ааһарын кэпсиэхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: