Үлэ бэтэрээнигэр туох көмө оҥоһулларый?
Урут үлэ бэтэрээнин статуһун сэбиэскэй сокуон быһаарар этэ. 2006 сылтан сорох боломуочуйаны эрэгийиэннэр дьаһалталарыгар биэрбиттэрэ. Эрэгийиэннэр бэйэлэрэ эбии төлөбүрдэри олохтуур кыахтаммыттара.
2016 сыллаахха РФ бырабыыталыстыбатын 578 №-дээх уурааҕа тахсыбыта. Бу кэнниттэн федеральнай министиэристибэлэр, сулууспалар, ааҕыныстыбалар үлэ бэтэрээнин аатын ыларга бэйэлэрэ туспа бэлиэлэри олохтообуттара. Холобур, миэдик ыстааһа хапсар буоллаҕына, РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаланнаҕына, үлэ бэтэрээнэ буолар. РФ үпкэ министиэристибэтэ олохтообут “Отличник финансовой работы” бэлиэтин, сибээс министиэристибэтэ олохтообут “Мастер связи” бэлиэтин, Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспаларын “Ветеран Федеральной службы судебных приставов” мэтээли ылбыт дьон федеральнай таһымнаах үлэ бэтэрээннэрэ буолаллар.
Ол эрээри, таба өйдүөххэ наада, үгүс Арассыыйатааҕы сойуустар бэлиэлэрэ, Бочуоттаах грамоталара, Махтал суруктара биэдэмистибэннэй наҕараадаҕа киирсибэттэр, онон “Үлэ бэтэрээнэ” статуһу биэрбэттэр.
Үлэ бэтэрээнигэр чэпчэтиилэри эрэгийиэн бэйэтэ олохтуур, онон дойду үрдүнэн араастаһар буолуохтарын сөп.
Саха сиригэр 2017 сыллаах «О ветеранах труда Республики Саха (Якутия)» сокуон чэрчитинэн, үлэ бэтэрээнин биэнсийэтигэр харчынан эбии төлөбүр (ЕДВ) уонна хомунаалынай өҥөнү толуйуу (ЖКУ) төлөнөр.
РФ үлэ бэтэрээнэ
Бу аат кимнээххэ бэриллэрий? ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай уордьаннарынан, мэтээллэринэн уонна бочуоттаах званиеларынан;
РФ бэрэсидьиэнин Бочуоттаах грамотатынан, Махтал суругунан;
Саха сиригэр 2017 сыллаах «О ветеранах труда Республики Саха (Якутия)» сокуон чэрчитинэн, үлэ бэтэрээнин биэнсийэтигэр харчынан эбии төлөбүр (ЕДВ) уонна хомунаалынай өҥөнү толуйуу (ЖКУ) төлөнөр.
15 сылтан кырата суох бэйэлэрин хайысхаларынан эҥкилэ суох үчүгэй үлэлэрин иһин биэдэмистибэннэй бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт, эр дьоҥҥо 25 сылтан, дьахталларга 20 сылтан итэҕэһэ суох ыстаастаах дьоҥҥо;
Аҕа дойду сэриитин саҕана сокуоннай саастарын туолбакка сылдьан үлэлээн саҕалаабыт уонна 40 сыл (эр дьоҥҥо), 35 сыл (дьахталларга) ыстаастаах дьоҥҥо.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэ бэтэрээнэ
Кимиэхэ бэриллэрий? Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Полярная звезда” уордьанынан, “Гражданская доблесть” бэлиэнэн наҕараадаламмыт, “СӨ Бочуоттаах олохтооҕо” ааты ылбыт, үлэлэригэр бэйэлэрин хайысхаларынан “үтүөлээх” аатынан бэлиэтэммит, өрөспүүбүлүкэҕэ олорор кэмнэригэр 25 сыл (эр дьоҥҥо), 20 сыл (дьахталларга) үлэ ыстаастаах дьоҥҥо;
“Дьоруой Ийэ” аатынан, “Ийэҕэ үрдүк махтал” бэлиэнэн, “Ийэ Албан аата” мэтээлинэн наҕараадаламмыт, Арктика зонатыгар олорон, түөртэн элбэх оҕону төрөппүт дьахталлар тута “Үлэ бэтэрээнэ” ааты ылаллар. Кинилэргэ ирдэнэр ыстаастара 20 сылтан 10 сылга диэри көҕүрүүр.
40 сыл (эр дьоҥҥо), 35 сыл (дьахталларга) страховой үлэ ыстаастаах (ол иһигэр, Саха сиригэр эр дьон кырата 25 сыл, дьахталлар 20 сыл ыстаастаах, идэлэринэн 15 сыл үлэлээбит буолуохтаахтар) дьоҥҥо.
Сонотуоруй-куруорт эмтэниитин толуйуу
Үлэ бэтэрээнэ Саха сиригэр баар сонотуоруйга-куруорка баран эмтэнэригэр, сынньанарыгар путевкатын сыанатын 80%-на толуйуллар (үс сылга биирдэ).
2023 сыллаахха Ил Түмэн тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр көмө туһунан сокуону ылыммыта. Бу сокуон чэрчитинэн, үлэ бэтэрээнэ сонотуоруйга-куруорка улахан чэпчэтиилээх эмтэнэригэр булгуччу 60 сааһын туолбут буолуохтаах диэн ирдэбил суох буолбута.
Онон билигин үлэ бэтэрээннэрэ үлэлээбэт буоллахтарына, саастарыттан тутулуга суох, сонотуоруйга-куруорка баран сынньаналларыгар, эмтэнэллэригэр улахан көмө оҥоһуллар.
Ону тэҥэ, Саха сирин тас өттүгэр баар өрөспүүбүлүкэтээҕи сонотуоруйдарга чэпчэтиилээх путевкалары ылар кыахтаннылар. Холобур, Москва аттыгар баар “Бэс Чагда” сонотуоруйугар барыахтарын сөп. Үлэ бэтэрээннэрэ сонотуоруй-куруорт путевкатын 80% чэпчэтиилээх туһаныахтарын эбэтэр кэлин харчынан ылыахтарын сөп.
Бу маннык бырааптарын үс сылга биирдэ туһанан, өрөспүүбүлүкэ иһигэр баар сонотуоруйдарга эмтэниэхтэрин сөп. Үлэ бэтэрээнэ путевканы бэйэтэ ылбыт буоллаҕына, биир сыл иһигэр харчытын төннөрөр туһунан сайабылыанньаны, докумуоннарын социальнай көмүскэл управлениетыгар тиийэн, эбэтэр Элбэх өҥөнү оҥорор киин, “Госуслуги” нөҥүө биэриэн сөп.
СЫЫППАРАЛАР
Дьокуускайдааҕы социальнай көмүскэл управлениета иһитиннэрбитинэн,
2024 сылга үлэ бэтэрээннэригэр суумата бэрт кыратык үрдээн, ый аайы
ЕДВ –
1226 солкуобай,
ЖКУ –
1604 солкуобай
(барыта холбоон
2830 солкуобай)
биэнсийэҕэ эбии төлөнөр
ЭСПИЭР САНААТА
Хомунаалынай өҥөҕө ороскуоту хос аахтарыы
“Үлэ бэтэрээннэрэ хомунаалынай өҥөҕө хос аахтарыы (перерасчет) оҥорторуохтарын сөп дуо?” диэн эрэдээксийэҕэ ыйытыы киирдэ.
Дьокуускай куорат социальнай көмүскэлин управлениетын сүрүн эспиэр-исписэлииһэ Лариса Максимова хоруйдуур:
– Бу чэпчэтии саҥа киирбит буолбатах, уруккуттан баар этэ. Ханнык түгэҥҥэ бэриллэрий? Өскөтүн ыйдааҕы харчынан толуйуу (ЕДК) кээмэйэ хомунаалынай өҥө төлөбүрүттэн кыра буоллаҕына. Сыл аҥаарыгар биирдэ хос ааҕыы (перерасчет) оҥоһуллуон сөп.
Бу көмөнү ыларга “Мин Докумуоннарым” кииҥҥэ баран эбэтэр e-yakutia.ru портал нөҥүө сайаапка биэриэххэ сөп.
Ханнык докумуоннар ирдэнэллэрий?
1. Пааспар.
2. Ааспыт 6 ыйга төлөммүт хомунаалынай өҥөҕө квитанция.
3. Хомунаалынай өҥөҕө иэс суоҕун туһунан ыспыраапка эбэтэр иэһи кыраапыгынан төлүүр туһунан сөбүлэһии.
4. Дьиэ кэргэнин чилиэннэрин докумуоннарын туһунан сибидиэнньэ — пааспардара, СНИЛС (сайабылыанньаны толорорго).
5. Счет реквизиттэрэ («МИР» каарта).
Сорох сибидиэнньэлэри биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы сибээстэһиинэн ылыахпытын сөп.
Хос аахтарыыга учуоттанар:
– дьиэ кэргэн атын чилиэнэ маннык көмөнү эмиэ ылбыт буоллаҕына, уопсай суумата ааҕыллар;
– хомунаалынай өҥөҕө ыйдааҕы харчынан төлөбүр (ЕДВ) суумата (өскөтүн дьиэ кэргэн атын чилиэнигэр Социальнай пуонда ЕДВ-ны анаабыт буоллаҕына;
– дьиэ кэргэн бары чилиэннэригэр анаммыт, хомунаалынай өҥөҕө субсидиялар (“Субсидия ааҕыныстыбата” субсидияны анаабыт буоллаҕына).
Хос аахтарыы кээмэйэ туохтан тутулуктааҕый?
– хомунаалынай өҥө төлөбүрүттэн;
– олорор дьиэ иэнин нуорматын эрэгийиэннээҕи ыстандаартыттан;
– үлэ бэтэрээнин ороскуотун кээмэйиттэн.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоммут, олорор дьиэ иэнин нуорматын эрэгийиэннээҕи ыстандаартын кээмэйэ:
– 2 уонна онтон элбэх чилиэннээх дьиэ кэргэҥҥэ – биир киһиэхэ тиксэринэн, 18 кв.м. уонна дьиэ кэргэҥҥэ эбии 9 кв.м.;
– соҕотоҕун олорор киһиэхэ – 33 кв.м.;
– соҕотоҕун олорор, үлэлээбэт биэнсийэлээххэ – кыбартыыратын эбэтэр дьиэтин иэнин саҕа, ол эрээри, 64 кв.м. улахана суох.
Хос аахтарыыны үлэ бэтэрээннэрэ эрэ буолбакка, көрбөт инбэлииттэр, сэрии, тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии огдооболоро, репрессияттан эмсэҕэлээбиттэр, Чурапчы, Туой Хайа көһөрүллүүтүн кыттыылаахтара, о.д.а. эмиэ ылар бырааптаахтар.
Бу хос аахтарыы сууматын ыларга хайаан да бырапыыскалаах (быстах бырапыыскалаах) буолуохтаах. Куоракка да, тыа сиригэр да олорор дьоҥҥо бэриллэр. Саҥардыы үлэ бэтэрээнэ буолбут дьоҥҥо 6 ый буолан баран, хос ааҕыллар. Гражданин дохуотун кээмэйэ оруола суох.
Кэнники үс сылга хомунаалынай өҥөҕө иэс баарын туһунан суут ааҕа баар буоллаҕына; хомунаалынай өҥөҕө төлөбүр ороскуота бэтэрээн ыйдааҕы харчынан толуйуу (ЕДК) кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, хос ааҕыыга аккаастыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: