Ааспыт нэдиэлэни быһа Дьокуускай куорат «Кыайыы 50 сыла» успуорт уораҕайыгар «Үлэ-иис күрэҕэ» диэн ааттаах байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар байыаннай таҥаһы тигиигэ IV өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэһии буолан ааста.
Үс күн тура тэбинэн уон хамаанда Дьокуускай куораттан, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Орто Халыма, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы Булуҥ улуустарыттан 12 араас суол таҥаһы тиктилэр. Бу тэрээһини хара маҥнайгыттан Ирина Саввина салайааччылаах «Илии сылааһа» хамсааһын тэрийэр. Бастакы үс күрэстэһии бэйэлэрин күүстэринэн ыытыллыбыт буолан, биллибэккэ-көстүбэккэ ааспыта.
Бу сырыыга «Илии сылааһа» хамсааһын кэҥээн, тэнийэн, далааһына улаатан, тэрээһиҥҥэ эппиэтинэстээх тэрилтэлэр син кыттыспыттарын бэлиэтиэххэ наада. Дьиҥэ, эрдэттэн даҕаны баҕа өттүлэринэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар таҥас тигэ сылдьар волонтердары өйүүр, үлэлэрин сыаналыыр сөптөөх этэ. Ол да буоллар, волонтер иистэнньэҥнэр баҕаларын күүһүнэн, илиилэрин сылааһын иҥэрэн тикпит таҥастарын байыаннай дьайыыттан уоппускаҕа кэлэр-барар уолаттар хамаҕатык ылан бараллар. Күрэхтэһии кэмигэр иистэнньэҥнэр «Эр хоһуун» 70 байыаннай таҥас кэмпилиэгин тиктилэр.
Дьиҥинэн ыллахха, манна хотторбут диэн суох, бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах, өйдөбүнньүк бэлэхтэри тутан бардылар. Онуоха иистэнньэҥнэр күрэстэригэр кыттыбыт хамаандаларга барыларыгар улуустарын салалталара, дьокутааттара кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ тэрээһини өссө үрдүк таһымнаата.
Тэрээһин түмүгүнэн 8 киһи Ил Түмэн Махтал суруктарынан, 8 кыттааччы «Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөнү оҥоруу иһин» түөскэ кэтэр мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Биирдиилээн бастыҥ көрдөрүүлээхтэр: 1 м – Надежда Поисеева, 2 м – Ирина Афанасьева уонна «Бастыҥ закройщица» гран-при кыайыылааҕынан Надежда Ахматова буоллулар. Итини таһынан биирдиилээн араас номинацияларынан наҕараадалар туттарылыннылар.
Үс күннээх үлэ түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан, гран-при хаһаайынынан Кэбээйи улууһун хамаандата буолла. Бу хамаандаҕа иистэнньэҥнэр Кэбээйи, Мукучу, Куокуй сэлиэнньэлэриттэн хомуллан кэлэн кытыннылар. Иккис миэстэҕэ Чурапчы улууһуттан «Сатабыл» хамаандата, үһүскэ Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан «Хотун Төҥүлү» хамаандалара таҕыстылар.
«Үлэ-иис күрэҕэ» байыаннай таҥаһы тигэр иистэнньэҥнэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэрин тэрийээччи, эспиэртиир хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Ирина Саввина күрэс туһунан санаатын үллэһиннэ:
«Илии сылааһа» иистэнэр сыахпыт тэриллибитэ алтынньыга иккис сылын туолуо. Ол былаһын тухары 3200-тэн тахса байыас быйыл биһиги сыахпыт иһиттэн таҥнан барда. Ол биир эрэ устуука таҥас буолбакка, сыалай «Эр хоһуун» диэн 12 араас таҥас киирэр кэмпилиэгэ буолар. Биһиги тигэр таҥаспытын сыанатыгар таһаардахха, 65 мөл. солк. тэҥнэһэр, ол аата итиччэ суумалаах таҥаһы оҕолорбутугар таҥыннаран ыыппыт эбиппит. Билигин даҕаны биһиги кэҥиибит, тэнийэбит. Саха сатаабатаҕа – суох. Бу волонтер иистэнньэҥнэр үгүстэрэ хаһан даҕаны иистэммэтэх дьон, ол эрээри кыайыы иһин, уолаттарбытыгар көмөҕө диэн сатаабаттарын даҕаны сатыыр буоллулар. Өссө да айыахпыт-тутуохпут, тигиэхпит, илиибит сылааһынан тикпит таҥастарбыт уолаттарбытыгар куйах, хахха буолуо диэн эрэнэбит. Биһиги бу күрэхтэһиибит үрдүк таһымнаахтык ааста. Маҥнайгы күрэхтэһиибит Таатта улууһун Дьохсоҕонугар ыытыллыбыта. Оччолорго саҥа тигэн эрэр дьон киирсибит буоллахтарына, билигин таһымнара үрдээтэ. Иккис уонна үһүс күрэхтэһиилэрбит онлайн буолбуттара. Бу сырыыга сирэй көрсөн олорон иистэнэр хайдах эбитий диэн боруобалаан көрдүбүт. Үс күннээх дьүккүөрдээх киирсии ааста. Мин махтанабын, сахам далбар хотуттарыгар! Эһиги, биһиги баарбыт тухары илиибит сылааһынан байыастарбытыгар көмө буола туруохпут».
Үс күннээх дьүккүөрдээх киирсии түмүгүнэн Кэбээйи улууһун хамаандата кыайыылаҕынан тахсан үөрүүлэрэ үксээтэ. Кэбээйи улууһун хамаандатын хапытаана Наталья Иванова үлэтин туһунан кэпсиир.
«Мукучуттан сылдьабыт, филиалбыт тэриллибитэ быйыл атырдьах ыйын ортотугар сыла буолар. Баһылыкпыт дьиэ-уот булан биэрэн уонна иистэнэр массыыналары атыылаһарбытыгар улаханнык көмөлөстө. «Илии сылааһа» хамсааһын тугу ыытарынан Кэбээйигэ, Мукучуга уонна Куокуйга тигэ, байыаннай дьайыыга бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрэ олоробут. Быйыл кыһын Арассыыйа гранын ыламмыт, иистэнэр массыыналары атыыласпыппыт. Бу кыһын байыаннай дьайыыга сылдьар уон уолбутугар таҥас тигэн ыыппыппыт. Соторутааҕыта эмиэ икки уол уоппускаҕа кэлэ сылдьан «Эр хоһуун» кэмпилиэкпитин ылан барбыттара. Өссө даҕаны тигэн уоппускаҕа кэлэр уолаттарбытыгар бэлэмниэхпит. Бастакы күн кыттааччылары кытары билсэ сылдьан, билэ-көрө сатаан олорон хаалбыппыт. Иккис күммүтүттэн син ылсан барбыппыт, үһүс күммүтүгэр түһүммүппүт. Бу күрэстэһиигэ соһуччу кыайбыппытыттан олус үөрдүбүт», — диэн хапытаан кэпсээтэ.
Күрэхтэһиигэ кинилэр хамаандалара Мукучуттан биэс, Кэбээйиттэн түөрт, Куокуйтан икки буолан хомуллан кэлбиттэр. Аан бастаан кыттар буоламмыт, билбэппит элбэх, ол да буоллар, кыайыылаах тахсаммыт тигэр массыынанан уонна оверлогунан наҕараадаланныбыт дэһэллэр. Бириистэрин үллэстибиттэр, тигэрин мукучулар ылбыттар, оверлогун Кэбээйилэргэ биэрбиттэр. Оттон саҥа тэриллэн эрэр куокуйдарга баһылык көмөлөһүөх буолбут. Волонтер иистэнньэҥнэр олус сэргэх тэрээһиҥҥэ сылдьан, элбэҕи биллибит-көрдүбүт, үөрэннибит дэһэллэр, аны дойдуларыгар тиийэн салгыы күүстээх үлэ үөһүгэр түһүнүөхтэрэ турдаҕа.
Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…
Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…
Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…
Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…
СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…