«Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ сайаапкалары тутуу салҕанар
Ил Дархан Айсен Николаев олохтообут «Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ сайаапкалары хомуйуу салҕанар. Бу бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит 50 киһиэхэ сыл аайы 300 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэ туттарыллар.
Кулун тутар 1 күнүгэр диэри тэрилтэлэр тустаах министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ сайаапкалары түһэриэхтээхтэр. Оттон урбаанньыттар Урбаан, атыы-эргиэн, туризм министиэристибэтигэр түһэриэхтэрин сөп.
Мминистиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр киирбит сайаапкалартан бастыҥнары талан, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр кулун тутар 10 күнүгэр диэри тиэрдэллэр. Үһүс түһүмэххэ анал хамыыһыйа үлэлээн, кыайыылаахтары быһаарар.
Бу бириэмийэни Саха сиригэр бастайааннай олорор дьон, саастарыттан уонна ыстаастарыттан тутулуга суох, ылар кыахтаахтар. Сүрүн ирдэбилинэн, үлэһит сыл түмүгүнэн үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлээх, айымньылаах көрүүлээх, идиэйэлээх, саҥаны киллэриилээх, уопуттаах, эдэр исписэлиистэргэ настаабынньык быһыытынан көмөлөһөр буолуохтаах.
Ил Дархан бириэмийэтэ уопсастыба үлэһит дьону чиэстииригэр, үлэҕэ, үлэ дьонугар ытыктабыллаах сыһыаны олохтууругар туһуланар. Бириэмийэ үбэ-харчыта «Социальная поддержка граждан в Республике Саха (Якутия)» бырагырааманан көрүллэр. Бириэмийэҕэ бастыҥ үлэһиттэри ханнык баҕарар тэрилтэ кэлэктиибэ түһэрэр кыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: