Үлэ сокуонугар уларыйыылар киирэн эрэллэр
05.07.2024, 11:39

Хаартыска: РБК.
Бөлөххө киир:
Госдуума дьокутааттара үлэ сокуонугар судаарыстыбаннай хонтуруолу тупсарар туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу сокуон барыла үлэлиир дьон бырааптарын көмүскүүр сыаллаах диэн Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин этэр.
Бу сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, туох уларыйыай?
Бастакытынан, үлэни биэрээччи үлэ дуогабарынан эбэһээтэлистибэтин толорорун судаарыстыба күүскэ хонтуруоллуоҕа.
Иккиһинэн, инбэлииттэргэ сыллата 30 хонуктан итэҕэһэ суох төлөнөр уоппуска бэриллиэхтээх.
Үсүһүнэн, хамнаска иэстээх тэрилтэлэри кытта үлэлэһэргэ эрэгийиэннээҕи биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйалар тэриллиэхтэрэ.
Төрдүһүнэн, тэрилтэ оҥорон таһаарыыта тохтоон хааллаҕына, үлэһит сөбүлэҥинэн, дьарыктаах буолуу сулууспата атын үлэҕэ быстах кэмҥэ көһөрүөн сөп.
— Бу төрдүс уларыйыы тэрилтэ быстах кириисиһин кэмигэр дьоҥҥо көмөлөөх буолуо. Быстах кэмҥэ атын үлэҕэ үлэлээн баран, үлэһит бэйэтин тэрилтэтигэр төннөн кэлиэн сөп. Оччотугар бу тэрилтэ үлэһиттэрин сүтэрбэт. Маныаха урут түһэрсиллибит үлэ дуогабара көтүрүллүбэт, быстах кэмҥэ үлэтин тохтотор эрэ. Бу маннык саҥаны киллэрии сезонунан үлэҕэ эмиэ туһаныллыан сөп, — диэн Вячеслав Володин эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: