Үлэтэ суох буолууга босуобуйа үрдээбэтэ
Кэлэр сылга үлэтэ суох буолууга босуобуйа кээмэйэ үрдээбэтэ, ол эбэтэр, 2022 сыл таһымынан хаалар буолла. 2022 сылга босуобуйа кээмэйэ 12 792 солкуобайга тэҥнэһэр диэн ТАСС иһитиннэрэр.
Онон, 2023 сылга үлэтэ суох буолууга босуобуйа алын кээмэйэ 1,5 тыһыынча солкуобайга, муҥутуур кээмэйэ бастакы үс ыйга – 12 792 солкуобайга, онтон кэлэр үс ыйга – 5 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ. 2021 сылга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ 12 130 солкуобай этэ.
Босуобуйа муҥутуур кээмэйин учуокка туруохтарын иннинэ сыл устата 26 нэдиэлэттэн аҕыйаҕа суох кэмҥэ үлэлээбит дьон ылаллар. Оттон алын кээмэйин сылтан ордук кэм устата үлэлээбэтэх, 26 нэдиэлэттэн аҕыйах кэмҥэ үлэлээбит эбэтэр куһаҕан төрүөтүнэн үлэлэриттэн уһуллубут дьон ылаллар. Холобур, үлэлии сылдьыбыт киһи үлэтэ суоҕунан учуокка туран баран, үс ый устата хамнаһын 75 %-нын (ол эрээри 12 792 солкуобайтан элбэҕэ суох), кэлэр үс ыйга хамнаһын 60 %-нын (ол эрээри 5 тыһыынчаттан элбэҕэ суох) ылыан сөп. Оттон босуобуйа алын кээмэйэ 3 ый устата эрэ төлөнөр.
Саха сиригэр бу суума кээмэйэ атын буолар. 2022 сылга Дьокуускайга уонна киин улуустарга үлэтэ суох буолууга босуобуйа алын кээмэйэ 2100 солкуобай, муҥутуур кээмэйэ бастакы үс ыйга – 17 908 солкуобай, онтон кэлэр үс ыйга – 7 тыһыынча солкуобай этэ.
2023 сылга босуобуйа кээмэйин үрдэппэтэх буоллахтарына, 2022 сыллааҕы кээмэйинэн хаалар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: