Үлэтэ суох буолууга босуобуйа үрдээбэтэ

Share

Кэлэр сылга үлэтэ суох буолууга босуобуйа кээмэйэ үрдээбэтэ, ол эбэтэр, 2022 сыл таһымынан хаалар буолла. 2022 сылга босуобуйа кээмэйэ 12 792 солкуобайга тэҥнэһэр диэн ТАСС иһитиннэрэр.

Онон, 2023 сылга үлэтэ суох буолууга босуобуйа алын кээмэйэ 1,5 тыһыынча солкуобайга, муҥутуур кээмэйэ бастакы үс ыйга – 12 792 солкуобайга, онтон кэлэр үс ыйга – 5 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ. 2021 сылга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ 12 130 солкуобай этэ.

Босуобуйа муҥутуур кээмэйин учуокка туруохтарын иннинэ сыл устата 26 нэдиэлэттэн аҕыйаҕа суох кэмҥэ үлэлээбит дьон ылаллар. Оттон алын кээмэйин сылтан ордук кэм устата үлэлээбэтэх, 26 нэдиэлэттэн аҕыйах кэмҥэ үлэлээбит эбэтэр куһаҕан төрүөтүнэн үлэлэриттэн уһуллубут дьон ылаллар. Холобур, үлэлии сылдьыбыт киһи үлэтэ суоҕунан учуокка туран баран, үс ый устата хамнаһын 75 %-нын (ол эрээри 12 792 солкуобайтан элбэҕэ суох), кэлэр үс ыйга хамнаһын 60 %-нын (ол эрээри 5 тыһыынчаттан элбэҕэ суох) ылыан сөп. Оттон босуобуйа алын кээмэйэ 3 ый устата эрэ төлөнөр.

Саха сиригэр бу суума кээмэйэ атын буолар. 2022 сылга Дьокуускайга уонна киин улуустарга үлэтэ суох буолууга босуобуйа алын кээмэйэ 2100 солкуобай, муҥутуур кээмэйэ бастакы үс ыйга – 17 908 солкуобай, онтон кэлэр үс ыйга – 7 тыһыынча солкуобай этэ.

2023 сылга босуобуйа кээмэйин үрдэппэтэх буоллахтарына, 2022 сыллааҕы кээмэйинэн хаалар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Оҕолорго аналлаах ураты өрөспүүбүлүкэ каартата бэчээттэннэ

Бу ураты каарта оҕолорго төрөөбүт дойдуларын дириҥник өйдүүргэ уонна умнуллубат өйдөбүллэри бэлэхтиэҕэ. Манна Саха сирин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин баһаарынайдара Уһук Илин биир бастыҥ хамаандатынан буоллулар

Соторутааҕыта Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин 35 сылыгар аналлаах тэрээһин Уһук Илин бастыҥ  баһаарынайдарын түмтэ. Бу туһунан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕа — үс хонукка арыгы атыыта хааччахтанар

От ыйын 3 күнүттэн 5 күнүгэр диэри Нерюнгрига өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан сибээстээн, арыгыны атыылааһыҥҥа…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлэ ахсыс төгүлүн ыытыллар

От ыйын 4-8 күннэригэр Дьокуускайдааҕы VIII норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Быйылгы бэстибээл сүрүн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: «Саха сирин тыыннаах алмаастара» пааркаҕа – павлин оҕолоро

Бүгүн Мииринэй оройуонугар баар «Саха сирин тыыннаах алмаастара» пааркаҕа («Живые алмазы Якутии») пааркаттан үөрүүлээх сонун…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өлүөхүмэҕэ саҥа оҕо поликлиниката арылынна

Өлүөхүмэҕэ саҥа оҕо поликлиникатын үөрүүлээхтик астылар. Урут поликлиника 1980-с сыллардааҕы дьиэҕэ баар эбит. Билигин тэрилтэҕэ…

4 часа ago