Бу ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга биэс күнү быһы СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин (миниистир А.Александров) тэрийиитинэн С.М.Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥка буолан ааста. Ас-үөл дэлэччи тардыллан, куорат дьоно, ыалдьыттара кыһыҥҥы астарын хаһааннылар.
Быйылгы дьаарбаҥкаттан ынах арыытын туһунан кылгастык кэпсэтиэҕиҥ. Ынах арыыта дэлэйэ сүрдээх. Сап-саһархай арыыны көрөргө да үчүгэй. Дьаарбаҥка түмүгүн таһаарыыга “Ынах арыыта” номинацияҕа “Чурапчы” ТХПК “Любительскай” арыыта 1 истиэпэннээх дьупулуому ылла. 2 ист. – “Амма” СППК, 3 ист. – “Кладовая Олекмы” ХЭУо.
Атыылаһааччылар олохтоох ынах арыытын сыаната ыараабытын бэлиэтииллэр. Ол да буоллар, дьон үксэ дьааһыгынан ылла быһыылаах.
Быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттыбыт “Сыа Бүлүү” салайааччыта Алексей Кондратьев этэринэн, Бүлүү улууһугар бу “Сыа Бүлүү” арыыны дэлэччи оҥорор уонна атыыга сылы эргиччи баар буолан, урукку курдук дьон дьааһыгынан хаһааммат буолбут. Бу туһугар үчүгэй көстүү.
– Арыы дэлэйиитигэр дьон үүт туттарара көмөлөһөр. Туппут үүппүтүн сүөгэйдээн, арыылыыбыт. Сыанабыт, биллэн турар, гаас, уот сыанатыттан, үлэһиттэр хамнастарын үрдэтиигэ көрсөр ороскуоттарбытыттан тутулуктаах. Пиэрмэр хаһаайыстыбалары кытта хардарыта аахсар буоламмыт (взаимозачет), арыыбыт сыаната арыый чэпчэки, – диир Алексей Алексеевич.
Быыстапкаҕа ынах арыытыгар бастаабыт “Чурапчы” ТХПК (сал. Петров Н.И.) 600 киилэ ынах арыытын киллэрэн атыылаата. Сыл устата кэпэрэтиип ынах арыытын кытары оҥорон таһаарар атын бородууксуйаларын Чурапчы сэлиэнньэтигэр баар бэйэтин фирменнэй 4 маҕаһыыныгар, Дьокуускай куоракка маҕаһыыннаах урбаанньыттарыгар уонна Чурапчы улууһун нэһилиэктэринэн баар арыы сыахтарыттан нэһилиэнньэҕэ быһаччы атыылыыр, үүт туттарааччыга үүтүн суотугар аахсыһыннаран эмиэ биэрэр.
Ону таһынан чугас улуустарга көһө сылдьар дьаарбаҥкалары тэрийэр.
“Чурапчы” кэпэрэтиип 2021 сылтан бэттэх көрдөрүүлэрин ыллахха, сылга быһа холоон 140 туоннаны оҥорон таһаарар. 2021 сылга диэри сыл аайы 200-тэн тахса туонна арыы оҥоһуллубут. Бу көрдөрүү хамсааһыныгар үүт туттарыыта 2021 сылтан ыла лаппа аччааһына сабыдыаллаабытын бэлиэтииллэр.
Арыы сыаната туохтан тутулуктааҕын бу “Чурапчы” кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Петрович Пермяков маннык быһаарда:
Итини барытын холбуу тутан суоттаан, учуоттаан, сыана оҥоһуллар. Онон үүт сыаната тэрилтэҕэ 15 солкуобайга кэлэр, 24 киилэ үүттэн биир киилэ арыы тахсар буоллаҕына, 1 киилэ арыы сыаната 360 солк. саҕаланыахтаах диэн өйдөбүл оруна суох.
Бу арыыбыт, биллэрин курдук, “улахан үүт сезона” дэнэр кэмҥэ, бэс ыйын саҕаланыаҕыттан балаҕан ыйа бүтүөр диэри хамаҕатык оҥоһуллар, бу кэмҥэ оҥоһуллар арыы барыта атыыга барбата чахчы. Ол курдук, кэпэрэтииппит 400 кв. м иэннээх булууһугар мунньан, сайылатан баран, кыһыҥҥы кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбитин толору хааччыйабыт.
Маннык ороскуоттар баалларын “Хоту” кэпэрэтиип кылаабынай буҕаалтыра Анна Баишева эмиэ бэлиэтиир.
Кырдьык, арыыны оҥоруу чэпчэкитэ суох үлэ. Тыаҕа да олорор эрдэххэ, биир ынахтаах киһи сүөгэй иирдэн арыыны таптайаары гыннахха, син түбүк курдук буолара. Оттон арыыны оҥорор хаһаайыстыбалар үүтү тутан баран, пастеризациялыахтарын, сэпэрээтэргэ сүүрдүөхтэрин наада. Паровой систиэмэлэрэ эҥин…
– Сүөгэйгин ыйаан баран, 35 бырыһыаҥҥа диэри убатаҕын, онтон оргутаҕын паровой систиэмэнэн. Иһиттэргэ (емкость) кутаҕын, сойутаҕын, сойбутун кэннэ тымныыга киллэрэҕин. Үчүгэйдик сойбутун кэннэ сбойкаҕа кутан эриттэрэҕин, уутун ыктараҕын. Уунан сайҕаан баран, уутун ыктараҕын, эриттэрэҕин. Ити барыта 4 чаас устата барар. Онтон анаалыстыыгын, хостуугун, таптайаҕын. Дьэ, ол быыһыгар төттөрү-таары таһыы, көтөҕүү үлэтэ баар, – диир бу ыарахан үлэни төрдүттэн билэр, Мэҥэ Хаҥаластан Тиэлиги пиэрмэрэ Наталья Данилова. Кини быйыл эмиэ ситиһиилээхтик кытынна.
Арыыбыт куйааска өссө табыллымыан сөп эбит. Оччоҕо хат-хат кутуу, сүөкээһин үлэтэ күүтэр. Наталья Ивановна үчүгэй арыы үүт сыатыттан, хайдах сойбутуттан тутулуктааҕынан быһаарар.
Кини этэринэн, арыы сыанатын ыарахана гофра дьааһыгы уонна пергаментнай кумааҕыны атыылаһыы ороскуотун кытта эмиэ сибээстээх. Ол курдук, бу кумааҕыны соҕурууттан сакаастыыллар.
Сыанабытыгар төннөн кэллэххэ, дьаарбаҥка кэмигэр ынах арыыта 1200-1400 солкуобайга атыыланна. Илин эҥээр, Бүлүү умнаһынааҕы улуустар бу сыанаҕа өссө сиринэн, паромунан айаннарын ороскуотун эмиэ киллэрдэхтэрэ.
Өйдүүр инигит, 90-с сыллар бүтүүлэрин. Биир «Рама» арыыттан иккини оҥорон сиир кэм ааспытын. Билигин санаатахха, дьикти аһылык эбит. Ол “Рама” арыы эргийиэн ким да баҕарбата чахчы. Билигин олохтоох арыыбыт дэлэй.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…