Быйылгы сааскы халаан кэмигэр ынах-сүөһүлэрин уонна сылгыларын сүтэрбит аграрийдары өйүүргэ Саха сиригэр 40 мөлүйүөнү ыытыахтара. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Нам улууһугар чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ көһө сылдьар мунньах кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Халаан кэмигэр тахсыбыт хоромньуну толуйарга бырабыыталыстыба быһаарыыта бу нэдиэлэ бүтүөр диэри ылыллыахтаах. Уопсайа 40-ча мөлүйүөн суумалаах үп тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччуларга бэриллиэҕэ”, — диэн Айсен Николаев хотоннору, арыы сыахтарын уо.д.а. эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэргэ үп-харчы бу нэдиэлэҕэ бэриллиэхтээҕин туһунан эттэ.
Айсен Николаев көһө сылдьар мунньахха ону сэргэ олорор дьиэлэри чөлүгэр түһэрии боппуруоһун быһаарарга миниистирдэр кэбиниэттэригэр сорудахтаата. Нам улууһугар бүтүннүү ууга барбыт дьиэнэн – 78, Өлүөхүмэ улууһугар 23 дьиэ быһаарылынна. Маныаха дойду бүддьүөтүттэн бэриллиэхтээх үп өссө түһэ илик. Ол гынан баран, нэһилиэнньэлээх пууннарга үлэ ыытыллар. Чуолаан, Нам улууһугар бэдэрээччиттэр саҥа дьиэлэри билиҥҥитэ бэйэлэрин үптэринэн туталлар, ол барыта бүддьүөттэн төннөрүллүөҕэ.
“Сүрүнэ – халааҥҥа эмсэҕэлээбит дьиэлээх дьон кылгас кэм иһигэр көһүөхтээхтэр, ким да көмө ылбакка хаалыа суохтаах. Уопсайынан, сайыҥҥы кэмҥэ үтүмэн үлэ оҥоһулунна. Саахалы туоратар, чөлүгэр түһэрэр үлэлэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын болҕомтотугар бааллар. Тиһиктээх үлэ барар. Биһиги сэтинньи саҥатыгар ыытыахтаах мунньахпытыгар түмүктэри таһаарыахпыт”, — диэтэ Айсен Николаев.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…