Саҥа тутуллуохтаах комплекска робот үлэлиэ
Быйыл кыһын Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Инновационнай сүөһү иитэр комплекс тутуллаары сылдьарын туһунан суруйан турабыт. Бырайыагы көҕүлээччинэн уонна сүрүннээччинэн “Саҥа олох” ХЭТ бырайыактыыр хампаанньа буолар. Бу бырайыак нэһилиэнньэни сибиэһэй бородууктанан уонна Илин эҥэр улуустарга үлэ миэстэтин таһаарыыга көмөлөһүөҕэ. Бу комплекска сууккаҕа 5 тыһ. лиитэрэ үүт ыаныахтаах. Онон үрдүк бородууксуйаны биэрэр сүөһүнү иитэргэ аналлаах эбийиэктэр тутуллуохтара. Сүөһүлэрин отунан, аһылык атын көрүҥүнэн хааччыйар туһуттан тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах 800 гектар сири ылыыга үлэ ыытылар.
Бырайыак тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны, үлэһиттэр, дьон олоҕор социальнай эппиэтинэһи көрөр. Сүөһү ноһуомуттан сылааһы уонна уоту оҥорон таһаарар баҕалаахтар. Дойдуга оҥоһуллар оборудованиены туһаныахтара. Онон хаачыстыбалаах тыа хаһаайыстыбатын аһа-үөлэ оҥоһуллан тахсыаҕа уонна үлэ миэстэтинэн хааччыйарга төһүү буолуоҕа диэн тэрийээччилэр эрэнэллэр.
“Саха сирэ” саайтка анаан билигин бу бырайыагынан миэстэтигэр туох үлэ саҕаланан эрэрин туһунан Баатара нэһилиэгин баһылыга Иван Матвеев маннык хоруйдаата:
— Билиҥҥи туругунан сир учаастактарын тыырыы уонна ону кадастр учуотугар туруоруу ыытыллар. Бырайыак симиэтэтин докумуонун оҥороллор. Симиэтэ судаарыстыбаннай эспэртиисэни аастаҕына тутуу саҕаланыахтаах.
Хаартыскалар: олохтоох дьаһалтаттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: