Саҥа тутуллуохтаах комплекска робот үлэлиэ

Share

Быйыл кыһын Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Инновационнай сүөһү иитэр комплекс тутуллаары сылдьарын туһунан суруйан турабыт. Бырайыагы көҕүлээччинэн уонна сүрүннээччинэн “Саҥа олох”  ХЭТ бырайыактыыр хампаанньа буолар. Бу бырайыак нэһилиэнньэни сибиэһэй бородууктанан уонна Илин эҥэр улуустарга үлэ миэстэтин таһаарыыга көмөлөһүөҕэ. Бу комплекска сууккаҕа 5 тыһ. лиитэрэ үүт ыаныахтаах. Онон үрдүк бородууксуйаны биэрэр сүөһүнү иитэргэ аналлаах эбийиэктэр тутуллуохтара. Сүөһүлэрин отунан, аһылык атын көрүҥүнэн хааччыйар туһуттан тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах 800 гектар сири ылыыга үлэ ыытылар.     

Бырайыак тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны, үлэһиттэр, дьон олоҕор социальнай эппиэтинэһи көрөр. Сүөһү ноһуомуттан сылааһы уонна уоту оҥорон таһаарар баҕалаахтар.  Дойдуга оҥоһуллар оборудованиены туһаныахтара. Онон хаачыстыбалаах тыа хаһаайыстыбатын аһа-үөлэ оҥоһуллан тахсыаҕа уонна үлэ миэстэтинэн хааччыйарга төһүү буолуоҕа диэн тэрийээччилэр эрэнэллэр.

“Саха сирэ” саайтка анаан билигин бу бырайыагынан миэстэтигэр туох үлэ саҕаланан эрэрин туһунан Баатара нэһилиэгин баһылыга Иван Матвеев маннык хоруйдаата:

Билиҥҥи туругунан сир учаастактарын тыырыы уонна ону кадастр учуотугар туруоруу ыытыллар.  Бырайыак симиэтэтин докумуонун оҥороллор. Симиэтэ судаарыстыбаннай эспэртиисэни аастаҕына тутуу саҕаланыахтаах.

Хаартыскалар: олохтоох дьаһалтаттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

13 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

43 минуты ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

3 часа ago