Салгыы
Үҥкүү тыйаатырын аркыастыра саха төрүт дорҕоонун Хакасия олохтоохторугар иһитиннэрдэ

Үҥкүү тыйаатырын аркыастыра саха төрүт дорҕоонун Хакасия олохтоохторугар иһитиннэрдэ

Ааптар:
25.11.2022, 17:08
Бөлөххө киир:

Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин
сылынан, Красноярскай кыраайга, норуот инструменнарыгар  идэтийбит национальнай аркыастырдар  бэстибээллэрэ салҕанар.

Манна Тыва, Башкортостан,
Бурятия, Хакасия идэтийбит кэлэктииптэрин сэргэ, Сергей Зверев-Кыыл Уола  аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын норуот инструменнарын аркыастыра  ситиһиилээхтик кыттар.
Бэҕэһээ айар кэлэктиип Красноярскай филармониятын саалатыгар саха музыкальнай искусствотын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах композитордар Марк Жирков, Василий Зырянов, Николай Берестов, Герман Комраков, Владимир Ксенофонтов, Аркадий Самойлов, Кирилл Герасимов айымньыларынан таҥыллыбыт кэнсиэрэ киэҥ билиниини ылла.

Бүгүн  национальнай аркыастыр  саха төрүт дорҕоонун Хакасия олохтоохторугар иһитиннэрэн, киэҥ сэҥээриини ылла.

Көрөөччүлэр Лена Ноева скрипкаҕа таһымнаах оонньуутун, Василена Шарина хомуска аныгылыы охсуутун, Руслан Габышев ох кылга, Владимир Боярскай байааҥҥа, Афанасий Томскай хомуска сыыйан дьүһүйүүлэрин, Дина Охлопкова, Прокопий Неустроев саха ырыатын толорууларын дохсун ытыс тыаһынан биһирээтилэр.
Кинилэр аркыастыр уус-уран салайааччыта, кылаабынай дирижера, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Петров салайар бу кэлэктиибэ идэтийбит үрдүк таһымын бэлиэтээтилэр.
Бэстибээл чэрчитинэн, норуот муусукатын национальнай инструменнарын сайыннарыыга туһуламмыт научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ  Тыва, Хакасия, Бурятия, Башкортостан өрөспүүбүлүкэлэрин сэргэ СӨ
Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев уонна Горнайга норуот муусукатын инструменнарын оҥорор мастарыскыай салайааччыта Петр Пахомов кыттан, сонун хайысхалары торумнастылар.

Альбина Тарабукина

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: