Үҥкүүһүт Афанасий Афанасьев таабырына: харах уута, көлөһүн, ардах? (видео)
РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Афанасий Афанасьев 60 сааһын туолар үбүлүөйүгэр анаан көрөөччүлэригэр «Куйаар уола. Кэрэни кытта сэргэстэһэн» диэн Саха сирин култуурунай олоҕор сонун сүүрээни — аан бастаан айар пластическай испэктээги бэлэх уунуоҕа.
Бэйэтин айар олоҕун үҥкүү нөҥүө кэпсиир артыыс суоҕун кэриэтэ.
Көрөөччүлэр кинини өрүү икки илиитин кынат курдук өрө көтөҕөн, куйаарга көтөрдүү туттан турарын өйдөөн хаалбыттара чахчы. Онон Афанасий Афанасьев курдук ааттаах-суоллаах үҥкүүһүт бэйэтин Куйаар уолунан ааҕынара биллэр суол.
Үҥкүүһүт айар олоҕун пластика уонна мистика ньыматынан көрдөрөрүн истэн, «бу туох ураты испэктээҕий»?» диэн санаанан салайтаран, мин артыыс кэнсиэригэр бэлэмнэнэр түгэнин билсэ анаан тиийэ сырыттым. Бастатан туран, үбүлүөйдээх кэнсиэр режиссера Антон Ботаковтыын кэпсэттибит:
Кэнсиэр киинэ курдук көстүүтүгэр сценарист Ангела Попова сүҥкэн оруоллааҕын режиссер бэлиэтиир.
Испэктээххэ эдэр Афоняны уонна 60 саастаах Афанасийы көрөөччү тэҥҥэ көрүөҕэ. Ол баар — испэктээх биир уратыта.
Биир дьикти оруолу үҥкүүһүт Эдуард Жирков толоруоҕа. Күлүк — Афанасий ис санаата, толкуйа, бэйэтэ бэйэтин кытта мөккүһүүтэ. Быһата, киһи аайы баар өрүт — хас биирдиибит өрүү санаа мөккүөрүгэр сылдьан, биир быһаарыыны талабыт буолбаат. Ол төһөтө сыыһатын-табатын олох бэйэтэ көрдөрөн иһэр. Онон бу маннык Күлүгү («второе Я») көрөөччү ыраахтан көрөн, бэйэтигэр эмиэ түмүк оҥостууһу.
Ааттаах-суоллаах хореграф Мария Сайдыкулова ураты «буочара» испэктээккэ эмиэ көстүөҕэ.
Хореограф эксээмэн түһүмэҕин эрчийэрин көрөн астынным.
Үбүлүөйдээх тэрээһин испэктээх курдук тэриллиитигэр тыйаатыр уус-уран салайааччыта Светлана Бессонова үгүс үлэни ыытта.
С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Александр Алексеев сонун испэктээх туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
Испэктээххэ тыйаатыр бары артыыстара кыттан, Афанасий Афанасьев айар олоҕун оҥкулун араас кэминээҕи сылларын пластиканан ойуулаан кэпсиэхтэрэ.
Испэктээххэ бэлэмнэниини кытта билсиим бүтэһигэр Афанасий Афанасьевы бэйэтин кытта кэпсэттим. Тоҕо биһиги билэр өрүү күлэ-үөрэ, икки илиитин даллаппытынан куйаарга көтө сылдьан үҥкүүлээн өрө тэйэ сылдьар үҥкүүһүппүт испэктээххэ ыҥырар афишатыгар сирэйигэр уу тохторун көрдөрдө?
Тугуй бу: харах уута, көлөһүн эбэтэр кини таптыыр түгэнэ — күһүҥҥү ардах дуу?
Бу туһунан артыыс хоруйа маннык буолла:
Артыыс режиссерун кытта сыһыанын туһунан Афанасий Дмитриевич санаатын бу курдук үллэһиннэ:
Афанасий Афанасьев испэктээҕин туһунан суруналыыстарга билиһиннэриитигэр «Сахамедиа» РИИХ пресс-киинигэр үгүс киһи муһунна. Бэлиэтээн эттэххэ, маннык элбэх суруналыыс дэҥҥэ мустааччы.
Маныаха СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ Вера Черноградская улахан тэрээһин үлэни ыыппыта көстөр.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Афанасий Афанасьев доҕотторо, кэллиэгэлэрэ кыттыыны ыллылар, кини айар үлэтин туһунан кэпээтилэр.
Дьэ, онон бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, кэллиэгэлэрэ «улахан артыыс» диэн ааттыыр убаастыыр киһилэрэ, биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэл, аатырбыт үҥкүүһүт Афанасий Афанасьев «Куйаар уола. Кэрэни кытта сэргэстэһэн» ураты испэктээҕэ сүрэхтэнэр күнэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: