Ырааҕы ытааччылар күрэхтэригэр икки төгүл элбэх киһи кытынна
Бүгүн, алтынньы 16 күнүгэр, күнүс «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар «Прямой разговор» биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт өрөбүллэргэ буолан ааспыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр анаммыт ырааҕы ытыыга турнирга икки төгүл элбэх киһи кэлэн кыттыбытын бэлиэтээтэ.
«Икки күн устата 140-тан тахса ытааччы, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, дойду араас муннуктарыттан гражданскай дьон, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, байыаннайдар ытыыга күрэхтэстилэр. Сааскы турнирга 70-тан тахса киһи кыттыбыта, мин санаабар күрэхтэһии аайы кыттааччы элбээн, таһыма үрдээн иһиэҕэ. Кыттааччы ахсаанын элбээһинэ – турнир суолтата үрдээбитин бэлиэтиир. Саха сирэ эр санаалаах, хорсун буойуттардааҕынан аатырар. Билигин саха дьоно-сэргэтэ өбүгэ үгэһин үйэтитэр.
«Сулус» полигон толору күүһүнэн үлэлиэхтээх дии саныыбын, онуоха ким баҕалаах, силовой структуралартан ураты Саха сирин лохтоохторо кэлэн эрчиллэллэрин курдук бырагыраама оҥоһуллуо», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: