Салгыы
Ыраах Арктикаҕа кууппаллардаах дьиэлэри көрбүккүт дуо?

Ыраах Арктикаҕа кууппаллардаах дьиэлэри көрбүккүт дуо?

18.10.2022, 10:25
Бөлөххө киир:

Арктикаҕа, тыйыс усулуобуйалаах хотугу дойдуга төрүт сирдэрин таптыыр, харыстыыр, ис сүрэхтэриттэн бэриниилээх, төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьар дьон олорор.

Бу көннөрү кыраһыабай тыллар эрэ буолбатахтарын бүгүҥҥү дьоруойум олоҕо-дьаһаҕа чахчы бигэргэтэр дии саныыбын. Үөһээ Халыма улууһун олохтооҕо Степан Алексеевич Слепцов өбүгэтин сирин сөргүтэн, саҥалыы дьаһанан олороро, онуоха аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылаан иһэрэ (урутаан да иһэрэ) киһини сөхтөрөр уонна эдэрдэргэ үтүө холобурунан буолар. Кини курдук мындыр толкуйдаах, күүстээх санаалаах, дэҥҥэ көстөр дьон баар буолан, хоту дойду дьоно айылҕалыын ситимин быспакка, ырааҕы көрөн, тыйыс усулуобуйаны тулуйан олохтоохтук дьаһанан олорор.

Өбүгэ сиригэр саҥаттан саҥа санаа саҕыллар, толкуй тобуллар

Степан Алексеевич Слепцов төрөөбүт-үөскээбит дойдута — Үөһээ Халыма Арыылааҕа. Кини 1976 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын математика факультетын бүтэрбитэ. Үөрэнэ сылдьан Намтан төрүттээх, эмиэ математик үөрэхтээх Наталья Жиркова диэн кэрэчээн кыыһы кытары сүрэхтэрин холбоон, ыал буолбуттара. Степан Слепцов үөрэҕин бүтэрэн баран, Үөдэйгэ үс сыл учууталлаабыта. Онтон Степан Алексеевич дойдутугар Үөһээ Халымаҕа көһөн, манна “дьаакырдарын бырахпыттара”. Дойдулаах киһи үлэтин Арыылаахха оскуола дириэктэриттэн саҕалаабыта. 1979 сылтан ыла дойдутуттан харыс да халбарыйбакка, сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, сопхуос дириэктэринэн, кээпэрэтиип салайааччытынан, бааһынай хаһаайыстыба, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгынан үтүө суобастаах үлэлээн кэллэ.

Өбүгэ сиригэр үктэнии

— Дойдубар тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан тохтоон баран, хас да сыл дэриэбинэбэр кыра үлэлэргэ сылдьыбытым. Онтон бэйэм дьоммун көрдөхпүнэ-иһиттэхпинэ, өбүгэм сирин-уотун сөргүттэхпинэ сатаныыһы дии санаан, уонча сыллааҕыта баҕа өттүбүнэн үлэттэн уурайбытым. Ол гынан баран, ыра санааҥ, тобулар толкуйуҥ дойдуга буолар уларыйыылары кытта сыыйа-баайа эмиэ уларыйар, — диэн Степан Алексеевич кэпсээнин саҕалыыр.
Кини олорор дэриэбинэтиттэн 10 килэмиэтир ыраах сытар, эһэтин төрүт сиригэр тиийэн сайылык туттубута.
Степан Слепцов эһээтин уонна биир дэриэбинэттэн уонтан тахса киһини 1930-с сылларга кулаактааһыҥҥа буруйдаан, сыылкаҕа ыыппыттар. Сыллар-хонуктар ааспыттарын кэннэ, 1992 сыллаахха сиэнэ, эһэтин аатын илдьэ сылдьар Степан Алексеевич үрдүкү сэбиэт дьокутаата буола сылдьан архыыбы хасыһан, 13 биир дойдулааҕын дьыалатын булбута. Ол эрээри, эһээтин аатын испииһэккэ булбатаҕа. Ону сиэн киһи “арааһа, испииһэги тас өттүнэн хомуйдахтара” диэн сабаҕалыыр.
Степан Слепцов 2013 сылтан өбүгэтин сиригэр уһаайба туттан саҕалаан, 8-с кыстыктарыгар киирэргэ бэлэмнэнэллэр.
Билигин хаһаайыстыбаларын бэйэлэрэ көрөллөр. Арай, кэлэр-барар кэмнэригэр киһини наймылыыллар, эһиилгиттэн үлэһиттэнэр былааннаахтар. Тоҕо диэтэххэ, кэргэнэ Наталья Семеновна Грант сүүйэн, эбээһинэстэрэ элбээбитин, тиэхиньикэ атыылаһыахтаахтарын, хотон туттуохтаахтарын туһунан кэпсиир.

Өбүгэлэрбитин тыыннаах хаалларбыт саха ынаҕа

Слепцовтар сүрүн дьарыктара — саха ынаҕын иитии. Кинилэр 2019 сыллаахха биэс тыйы атыыласпыттара. Билигин 17 төбө сүөһүлээхтэр. Бачча ыраах Арктика сиригэр-уотугар ынах-сүөһүнү, буолаары буолан саха ынаҕын, көрөн-истэн олороллорун сөҕөн, тоҕо чопчу бу хайысханы талбыттарын ыйыталастым. Онуоха сэһэргэһээччим:
-Саха ынаҕын интэриэһиргээбитим ыраатта. Саха ынаҕар аналлаах аҕыйах кинигэни ааҕан баран, иитэн көрүөхпүн баҕарбытым. Бастатан туран, ааҕан билиигин эбиннэҕиҥ уонна бэйэҥ көрөн-истэн ииттэҕин аайы саха ынаҕа барахсан сөхтөрөрө, үөрдэрэ үгүс, көннөрү боруода сүөһүттэн уратыта олус элбэх.
Иккиһинэн, ийэм Мария Максимовна Дьячкова үйэтин тухары бииргэ төрөөбүт эдьиийин кытары бэрт бэриниилээхтик ыанньыксыттаабыта уонна тыа сириттэн төрүттээҕим дьайбытыгар саарбахтаабаппын. Ол дууһам түгэҕэр сылдьыбыт баҕа санаабын толорон уонна саха сүөһүтэ өбүгэлэрбитин тыыннаах хаалларбытын билинэн, саха ынаҕын тутарга быһаарыннаҕым.
Олохпут да уустугурар, ыарыы да арааһа элбиир. Оттон саха ынаҕын уратыта элбэҕин ааһан, олус туһалааҕын уонна ааҕан-суоттаан баран, ороскуот өттүнэн 30 бырыһыан барыстааҕын биллим. Ону биир холмогор боруода сүөһүбэр тэҥнээн көрөн итэҕэйэбин. Саха ынаҕа аһылыгар бор, ханнык баҕарар оту сиэх курдук. Таһырдьа күн ахсын да буолбатар, сороҕор тахсаллар, тулуурдаахтар, тыаҕа эрчимнээхтик сылдьаллар, туохтан да иҥнибэттэр, майгылара үчүгэй. Үүттэрэ 6, 7, 8 бырыһыан сыалаах. Өссө үчүгэйдик аһаппыт киһи 10 да бырыһыаҥҥа тириэрдиэн сөп, сүөгэйинэн да биэриэхтэрин сөп курдук.
Онтон этэ улахан уратыта суох быһылаах дии саныырым да, идэһэтин боруобалаан баран, эмиэ хас да түмүккэ кэллим. Этэ, биллэн турар, минньигэс, уҥуоҕа аҕыйах, буһардахха, бэл, үллэр курдук. Ону бастаан харах баайыыта дии санаабытым. Онтон Дьааҥыттан төрүттээх учуонай Петр Аполлонович Романов хотугу сиргэ ынах сүөһүнү иитии уратыларын туһунан кинигэтин билсибитим. Кинигэҕэ суруллубуту кытта бэйэм көрүүлэрбин тэҥнээн көрдөхпүнэ, Амма Болугуруттан ылбыт сахам ынахтара биһиэхэ, Үөһээ Халымаҕа, кэлэн бөдөҥсүйдүлэр. Онон, аһылыгыттан эмиэ тутулуктаах. Уу ото ордук иҥэмтиэлээх, саахара, калорийа элбэх. Иккиһинэн, этигэр уута аҕыйах, ол иһин бустаҕына үллэн тахсар. Аны миэстэлэринэн араарыллыбакка сырыттаҕына (тушата), уҥуоҕун бырыһыана култуурунай боруодатааҕар аҕыйах. Ыйааһына кыра курдук да, туһалаах састааба элбэх диэн быһаарыахха сөп.
Онон, саха ынаҕын үс сыл кыстатан баран олус сөбүлээтибит, биһирээтибит. Ол иһин, ити Граҥҥа киирсэн салҕыы иитэн, дьоммутугар-сэргэбитигэр тарҕатар баҕа санаалаахпыт.

Төгүрүк үрдэллээх кууппаллар ыраахтан сандаараллар

-Степан Алексеевич, эн бэйэҥ да элбэх түбүктээх киһи, сайылыккытыгар боростуой дьиэ туттан олоруоххутун эмиэ сөп этэ буоллаҕа. Ону эйиэнэ, эмиэ уратылаах, дьиктилээх.
-Сөпкө этэҕин. Ол эрээри, таһыттан, баҕар боростуойдук көстөрө буолуо да, ис иһигэр киирдэххэ, наһаа судургута суох. Сайылык тэринэрбитигэр бастаан балаҕаннана сылдьыбыппыт. Саха балаҕана итии буоларыгар элбэх ноһуом уонна буор наада этэ. Оттон мин уһаайбаланарым саҕана сүөһүбүт суоҕа, онон ноһуома суохпутуттан уонна элбэх буор кутулларыттан саллан кыһыҥҥы балаҕан туттубатаҕым.
Иккиһинэн, хайдах эрэ архитектура өттүнэн киһи хараҕар быраҕылыннын диэн уонна эдэрдэри ымсыырдар курдук, санаам тоҕо эрэ ити төгүрүк үрдэллээх кууппалларга охтор этэ. Математик киһи буоламмын, аҕыйах уот-күөс барарын, сылытарга төһө кыалларынан аҕыйах мас туттулларын уонна тас өттүттэн тымныыны киллэрбэт гына толкуйдуу сылдьыбытым. Бэйэбэр араас бырайыактары оҥостон көрбүтүм. “Ким көрдүүр, ол көмүһү булар” диэн баар. Биирдэ Интэриниэккэ таба тайаммытым. Эмиэриэкэҕэ Ричард Бакмистер Фуллер диэн киһи 60-с сыллартан “геодезическай кууппал” диэн ааттаах дьиэлэри тутарын булан аахпытым. Эмиэ математик үөрэҕим ханан эрэ өйбөр-санаабар сырыттаҕа —
боруобалаан көрөргө санаммытым. Киһини тардар, интэриэһиргэтэр өрүттэрдээх. Бастатан туран, кууппаллаах дьиэ айылҕаны кытта дьүөрэлэһэр көстүүлээх, сытыы муннуктара суох, табыгастаах. Иккиһинэн, биһиги сирбит тыал, буурҕа дойдута. Оттон кууппаллаах дьиэ көнө истиэнэтэ суох буолан, тыал хотуппат, тымныы дьайыыта кыра.
Дьиҥэр, кууппаллаах тутууну бастаан кыра тэпилиссииттэн саҕалаабыппыт. Биһиэхэ, күн уота тиийбэт, кылгас сайыннаах дойдуга төгүрүччү күн сылытар гына оҥорбуппут.
Билигин бу дьиэлэрбит түннүктэригэр күн уота күүскэ тыгар буолан, иһиттэн пленканы сыһыарабыт. Ол иһин, ити сиэркилэ курдук чаҕылыһан көстөллөр.
Степан Алексеевич маннык мындырдык тутар толкуй биир күнүнэн кэлбэтэҕин, барытын эрдэттэн ааҕан-суоттаан, иитиэхтээн баран олоххо киллэрбитин этэр. Холобур, 5 сыл устата улуус баһылыгын кытары дуогабардаһан, улуус уһуйааннарын ыскааптарынан, ороннорунан хааччыйа сылдьыбыт. Дьэ, онно тутууга сөптөөх элбэх үөрүйэҕи ылбыт, барыта бэйэбэр баар буолуохтаах диэн араас үнүстүрүмүөнү атыыласпыт.
Хаһаайын биһиги соһуйа көрөр кууппаллаах дьиэбит кыһын тымныыта хайдах отторгуттан тутулуктааҕын туһунан этэр. Новосибирскайга оҥоһуллар «Воздухогрейный котел. Профессор Бутаков” диэн уһуннук умайар оһоҕу туруорбуттара сэттэ сыл сулууспалаабыт. Бу оһохторун аҕыс чаас буола-буола үстэ оттоллор.
Оһохторо 250 кубическай миэтэрэ иэннээх дьиэлэрин хабыллар хаба ортотугар турбут. Билигин хаһаайын автономнай систиэмэ оҥорторон, саҥа хочуол атыылаһан, ону боруобалаан көрөөрү сылдьарын туһунан маннык кэпсиир:
-Холобур, кууппаллаах дьиэ ортотугар турар оһохпут дьиэ иһин эрэ сылытар. Онтон олох-дьаһах тэринэн бардаҕыҥ аайы бииртэн биир тутуу наада буолан иһэр. Тупсаҕай оҥоһуулаах сылаас туалет, кыра мастарыскыай, эрдэ рассада олордор хос уо.д.а наада. Оччотугар биир оһоҕуҥ сылааһа тиийбэт, инньэ гынан, уопсай сылытыллар систиэмэ холбонорго тиийэҕин. «Котел верхнего горения Лиепснеле-Арктик» саҥа хочуолу атыылаһан, ол көмөтүнэн ититиллэр систиэмэ тартара сылдьабын.

Олоххо бэлэмнээх дьону таһаараары

-Степан Алексеевич, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыгын, туох да саҥаттан куттаммаккын, киһи барытын сатыахтаах диэн тускулунан олороҕун?
-Оннук курдук быһылаах. Тугу барытын илиибинэн-атахпынан тутан-хабан билэ-көрө сатыырым баһыйар, кыаллыбат да дьыаланы кыайа-хото сатыыр курдукпун быһылаах.
Уопсайынан, бу олоххо бэлэмнээх дьону таһаара сатыахха наада. Аҥаардас оскуолаҕа сэлээнниир сыыһа, кинилэр аналлара атын. Хас биирдии дьиэ кэргэн оҕотугар бэйэтэ эппиэттиэхтээх. Онтон аҕа баһылык кини кэнниттэн хайдах көлүөнэни иитэн таһаарарыгар улахан эппиэтинэстээх.
Биһиги дьиэ кэргэн 4 кыыстаахпыт, бары ыаллар, элбэх сиэннэрдээхпит. Кинилэртэн биир ыал биһигини солбуйан олоруохтаах буоллаҕа, биһиги кыахпыт бүттэҕинэ барыта ыһыллан хаалара олус хомолтолоох буолуо. Ол иһин, эрдэттэн бэлэмниэххэ наада. Ол бэлэмнииргэ кинилэр туораттан көрө эрэ сылдьалларын курдук буолбакка, барытыгар кыттыһалларын, эттэринэн-хааннарынан билэллэрин, кыһалалларын, интэриэстэрэ күүһүрэрин курдук дьаһаныахтааххын.
Биир санаа, биир интэриэс баар буолуохтаах. Ол иһин, сүөһү иитиитин курдук ыарахан дьарыкка ылсалларын уонна хатыламмат кэрэлээх, умсугутар күүстээх дойдуларыгар ымсыыралларын курдук, кинилэргэ холобур көрдөрө, айылҕаҕа чугаһата сатыыбыт. Барыта кыраттан саҕаланар.
Быйыл 16 буолан сайылаатыбыт. Биллэн турар, эппиэтинэс улахан. Түөрт кыыс кэргэннэриниин бары биир бириэмэҕэ кэлэр кыахтара суох. Ол гынан баран, 4 кыыстан кырата 2 кыыс син биир баар буолар. Сайын кэллэхтэринэ, ортотунан 2,5-3 ый буолаллар. Астара баҕас мааны уонна бэйэ-бэйэлэригэр эмиэ үөрэнэллэр, хаан уруу аймах буолалларын, мэлдьи тутуһан, өйөһөн-убаһан олоруохтаахтарын өйдүүллэр. Ол иһин, куоракка дьиэлэригэр кэллэхтэринэ бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсибэттэр, өссө чугастык бодоруһаллар.
Оҕолорум, сиэннэрим хара үлэһит буоллуннар диэбэппин, ол гынан баран, хоту дойдуга олорорго тулуур, туруулаһыы диэн хара үлэ нөҥүө үөскүүрүн өйдүөхтээхтэр, онно чугаһата сатыыбын. Тыа сиригэр бигэ тирэхтээхтик олорорго аны туох эрэ саҥаттан саҥа толкуй уонна ол толкуйу олоххо киллэрэргэ туруулаһыы, дьулуһуу баар буолуохтаах.
Степан Слепцов бу этиитин бигэргэтэн элбэх баҕа санаатын, бэйэтин көрүүлэрин үллэһиннэ. Ол иһигэр, кини ирбэт тоҥноох сирбит ирбэтин курдук усулуобуйаны тобулуохтаахпытын, онуоха элбэх сүөһүнү-сылгыны иитиэхтээхпитин, өбүгэлэрбититтэн хаалбыт баайбытын, о.э сири-уоту харыстыахтаахпытын, эр киһи бэйэтин аналынан аҥаардас сири тутан олорорун да иһин субсидия көрүллүөхтээҕин уо.д.а. туһунан дьикти сонун көрүүлэрдээх.

Хотугу сиргэ күөхтүҥү эбиэһи -– маҥнайгынан

-Холобур¸ мин сирим саамай мөлтөх ходуһалаах сир. Мин ону хайдах эмэ гынан оҥостуохпун наада. Уонча сылым уһаайбабын тутарга барда. Билигин онтон арыый босхолонон, ыырбын ыраатыннаран эрэбин, ол эбэтэр бааһына оҥоһуннум. Ол эмиэ атын толкуйтан.
Саха сүөһүтэ киһиэхэ биир саамай наадалаах биэсэстибэни — “жирные аминокислоты”, боростуойдук эттэххэ, “Омега 3”, “Омега 6” биэрэр. Ону кини мэччирэҥтэн ылар. Ол ылбытын хороҕор муостаах да, сыспай сиэллээх да этигэр-хааныгар тарҕатар (култуурунай боруода бэйэтигэр кыайан иҥэриммэт диэн өйдөөтүм) уонна онтун киһиэхэ биэрэр.
Бааһынабар былырыыҥҥыттан эбиэс үүннэрдим. Хойутаан от ыйын ортотун диэки ыһаҕын, толору ситиэ суохтаах (үөскэх курдук үүнүөхтээх). Били “жирные аминокислоты” бэйэтигэр хомунарыгар усулуобуйа үөскүүр. Тымныы түһүөр диэри хомуйбаппыт. Ити үүнэ туран күөҕүнэн тоҥор эбиэһи учуонайдар криокорм диэн ааттыыллар Сүөһүлэр аһара сөбүлүүллэр. Инньэ гынан, эмиэ биир саҥаны киллэрбит курдук буоллум быһылаах. Биология наукатын доктора, нууччалыы эттэххэ, миэхэ научнай «сопровождение» оҥорор Клим Алексеевич Петров: «Хоту сир усулуобуйатыгар аан бастакынан күөхтүү тоҥмут эбиэһи үүннэрэн ылбыккынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Мантан кыһын сөбүн көрөн-истэн көтөртөн, хоруолуктан саҕалаан ынахтаргар, сылгыларгар ити эбиэскин эбии үрдүк битэмииннээх аһылык быһыытынан туттаҕын. Кини эбиэс бурдукка ханан да тэҥэ суох элбэх битэмииннээх уонна биологическай активнай биэсэстибэлээх күөхтүү тоҥмут от буолар. Саха сылгыта хаар анныттан кыра да буоллар күөхтүү тоҥмут оту сиэн кыһыны этэҥҥэ туоруур», -– диэн эҕэрдэлээбитэ.

Туристары аҕаларга сонун толкуй наада

Степан Алексеевич олоҕун аргыһа Наталья Семеновналыын маннык элбэх хаһаайыстыбаны тэриниилэрэ бэйэбитигэр эрэ туһаны аҕаллын диэн буолбакка,
дьоҥҥо көрдөрөр, биллэрэр соруктаах. Ол туһунан ыал аҕа баһылыга:
-Уопсайынан, биһиги дойдубутугар туристары аҕаларга атыттарга суох, соһуйа көрөр-истэр туох эрэ ураты көстүү баар буолуохтаах. Биһиги биир уратыбыт кууппаллаах дьиэлэрбит дии саныыбыт. Иккиһинэн, төрүт олохтоох сүөһүбүтүттэн дьон чахчы соһуйар. Үсүһүнэн, айылҕабыт, ирбэт тоҥмут. Ол иһин, туристар, ыалдьыттар кэллэхтэринэ аллараа, ирбэт тоҥҥо түһэрэ сылдьар курдук тугу эрэ толкуйдаабыт киһи диэн санаалааҕым. Булуус оҥосто сылдьыбытым да, туһанарга табыгаһа суоҕа, тымныыны үчүгэйдик туппата. Инньэ гынан эбии ороскуоттаныахпын баҕарбатаҕым. Аны туран Арктика барыта мамонт хаама сылдьыбыт сирэ буоллаҕа. Онон, билигин саатар аҕыйах, атыыга барбат мамонт уҥуоҕун булан, экспонат курдук көрдөрбүт киһи диэн санаан ылабын. Оччоҕо ыалдьыттыы кэлбит дьоҥҥо ирбэт тоҥ туһунан кыра да өйдөбүл хаалыа этэ. Бу, биллэн турар, туризм сайдарыгар кыра, өссө да туох эрэ дьоһуннааҕы, үйэлээҕи толкуйдуохха наада.
Биһиги, Арктика дьоно, тыйыс килиимэттээх, хабыр тымныылаах, ыарахан соҕус усулуобуйалаах сиргэ олоробут. Ол гынан баран, биһиги төрүт сирбит буоллаҕа, ким эрэ олоруохтаах. Ол иһин, туруулаһан олордоххо эрэ сатанар курдук.

Сүүс сааһын аһарбыт ийэм “буруйдаах”

— Ийэм Мария Максимовна Дьячкова, хомойуох иһин, ааспыт ыйга 101 сааһын туолан баран күн сириттэн күрэннэ. Кэнники уон сылга Дьокуускайга балтыбар олорбута. Ийэм төһө да дьахтар киһиэхэ олус ыарахан үлэҕэ сырыттар, хаһан эмэ суламмытын, биир эмэ киһини, былааһы үөхпүтүн өйдөөбөппүн. Мин оҕо эрдэхпинэ, эр дьон үксэ ыраах тыаҕа булка-алка сылдьар буоланнар, дэриэбинэ олоҕун барытын дьахтар аймах тутан олороро. Ийэм сарсыардааҥҥы ыамын кэнниттэн сүөһүлэрин барытын бэйэтэ уулатара, мас кэрдинэн, оһох оттон, ууларын сылыталлара. Биир тылынан эттэххэ, сүөһү көрүүтүн үлэтин барытын биир киһи бэйэтэ толороро. Ол быыһыгар кэлэн аһыы түһэн баран, тыаҕа мас кэрдэ тахсара.
Кыһын биһиэхэ күммүт кыратык сырдыы түһэн баран хараҥарар. Ахсынньы кылгас күннэригэр мас кэрдэригэр кураанах маһы хайдах арааран билэрин туһунан ыйыталаһарым. Онуоха ийэм: “Халты охсон баран, тылбын сыһыаран көрөр этим. Өскөтүн киһи тыла сыстар буоллаҕына, ол аата инчэҕэй. Онтон сыстыбат буоллаҕына – хаппыт мас», — диирэ. Дьэ, итинник мындыр өйдөөх дьахталлар эр киһини солбуйан кэллэхтэрэ.
Куоракка хас сыл аайы кэриэтэ кэлэн, ийэбин кытары истиҥник эйэргэһэн баран төннөрүм. Биир сырыыбар кэлбиппэр наһаа түбүктээх үлэлээхпин сэмэлээн кэриэтэ:
Үлэ хаһан да бүтүө суоҕа, бэйэҕин харыстан”, — диэхтээбитэ.
Онуоха мин: “Онно эн буруйдааххын” диэбиппэр:
“Бу биир ороҥҥо олорон ол туох буруйданным буолла?” – диэн мух-мах барбыта.
Мин олорбохтуу түһэн баран: “Эн уһун үйэлэммитиҥ миэхэ көҕүлүүр күүс буолар. Баҕар, эмиэ эн курдук уһун үйэлэниэм диэммин, былааммын кэҥэтэбин, үлэбин элбэтэбин”, — диэбиппин тута өйдөөт:
“Чэ, оччоҕо буоллун даҕаны”, — диэн күлбүтэ.
Кырдьыга да, ийэм 80 сааһыгар диэри сүөһүтүн тутан, көрөн-истэн олорбута. Матасыыкылга олорсон оттоһо барсара.
Онон, мин атын идэлээх эрээри, кыра эрдэхпиттэн сир үлэтигэр сыстыбыппар ийэм олоҕо-дьаһаҕа, майгыта-сигилитэ, олоҕу көрүүтэ, олоххо дьулуура, күүстээх санаата, мындыр өйө холобур буолбутугар олох саарбахтаабаппын.

ххх

Степан Алексеевич Слепцов туундараҕа тиийэн собус соҕотоҕун дьиэ-уот туттан, кэргэнин кытары саха ынаҕын иитэн, кимиэхэ да суох дьикти архитектуралаах сонун дьиэни туттан, бааһыналанан быр-баччы олороллорунан эдэр ыччаты, урбаанньыттары дойдуга бэриниилээх буолуу, патриотизм тыыныгар иитэллэр. Инникитин даҕаны саныыр санааҕыт, тобулар толкуйгут олоххо киирэ турдун.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: