Ыраах Арктикаҕа саха ынахтаах уонна лимоннаах хаһаайын кимий?

Ыраах Арктикаҕа саха ынахтаах уонна лимоннаах хаһаайын кимий?

31.12.2022, 16:30
Бөлөххө киир:

Бу сыл алтынньытыгар «Ыраах Арктикаҕа кууппаллардаах дьиэлэри көрбүккүт дуо?» диэн үлэ киһитин туһунан суруйуубут элбэх ааҕааччы сэҥээриитин ылбыта.

Суруйуу дьоруойун туһунан ыстатыйа:
«Үөһээ Халыма улууһун олохтооҕо Степан Алексеевич Слепцов өбүгэтин сирин сөргүтэн, саҥалыы дьаһанан олороро, онуоха аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылаан иһэрэ (урутаан да иһэрэ) киһини сөхтөрөр уонна эдэрдэргэ үтүө холобурунан буолар. Кини курдук мындыр толкуйдаах, күүстээх санаалаах, дэҥҥэ көстөр дьон баар буолан, хоту дойду дьоно айылҕалыын ситимин быспакка, ырааҕы көрөн, тыйыс усулуобуйаны тулуйан олохтоохтук дьаһанан олорор», -– диэн этиинэн саҕаламмыта.

Сылы түмүктээри уонна Үлэ сылын көрсөөрү олорон, хаһыаппыт дьоруойа ааһан эрэр сылы туох дьикти түгэннэрдээх түмүктээн эрэрин ыйытыластым.

Степан Слепцов сылы этэҥҥэ түмүктээн эрэллэрин, ситтэрбэтэҕи ситэргэ үлэ күөстүү оргуйбутун туһунан, саха киһитин сиэринэн, сэмэйдик  кэпсээтэ.
Хороҕор муостаахтарыгар кыстыыр отторо баар. Быйылгы кыстыкка сүөһүлэрэ былырыыҥҥыттан аҕыйах, ол гынан баран ыанар ынахтара элбээбит.
Үөһээ Халымаҕа кэнники 4 сылга курааран, эбэлэрэ уолбуттар, онон кыһын ойбон эрдэ хайыырар, инньэ гынан ууларын бураанынан басталлар. Ол, биллэн турар, сылаалаах уонна ороскуоттаах.
«Бу кыстыкка кэнники үс сылга туппут кыра сыһыарыы дьиэбэр хочуол туруоруннум. Ол эмиэ икки кыһалҕаны эптэ: мас бэлэмнээһин үлэтэ элбээтэ. Урукку турар оһохпун эбии көмөлөһүннэрэбин. Уопсайынан, дьиэлэрбин тупсаҕай оҥороору, сылааһы киллэрээри үс сыл турунан үлэлээтим. Кууппаллаах дьиэни (хочуолунай, аккумулятор, туалет, үөһээ өттүгэр кыһыҥҥы дьоҕус саад) ититэргэ быйыл «Лиепснеле-Арктик» хочуол атыылаһан туруордубут. Маһынан, чоҕунан эмиэ үлэлиэн сөп. Биллэн турар, систиэмэ тардыытыгар да, хочуол турарыгар да кэккэ итэҕэстэр бааллар. Ол сайын эрэ көнөр кыахтаах», -– диэн кэпсээтэ.


Слепцовтар дьиэлэрин дьоҕус саадыгар (бэйэтэ таптаан ааттыырынан) лимон үүнэн силигилиир. «Үүннэрбитим син ыраатта да, кистэлэҥин биллим диир кыаҕым суох. Үксүгэр баччаларга сэбирдэҕин барытын быраҕан кэбиһээччи. Быйыл бу маннык турар, өссө 1 улахан лимоннаах. Саҥа дьылга быһыам».

Үлэ киһитэ, хоту дойду хоһууна Степан Алексеевич ситиһиилэрин ити курдук кылгастык  билиһиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: