РФ Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ дойду үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэригэр устуоруйаны булгуччу үөрэтии алын чааһын быһаарда.
2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн специалитет уонна бакалавриат бырагыраамаларын иитинэн бары исписээлинэстэргэ уонна хайысхаларга “Арассыыйа устуоруйата” дьиссиппилиинэни түөрт зачетнай единицаттан итэҕэһэ суох (ортотунан 144 академическай чаас) үөрэтиэхтээхтэр.
Маныаха преподаватель устудьуоннары 80% итэҕэһэ суох олоҕурбут көрүҥүнэн (очно), 40 % итэҕэһэ суох олоҕурбут-кэтэхтэн (очно-заочно) уонна кэтэхтэн (заочно) көрүҥүнэн үөрэтиэхтээх.
Онон үрдүк үөрэхтэр устудьуоннарын эһиилгиттэн ыстандаарка сөп түбэһэр саҥардыллыбыт бырагырааманан үөрэтиэхтэрэ. Туһааннаах бирикээс номнуо бигэргэммит. Ити туһунан РФ Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин телеграм ханаалыгар суруйар.
Хаартыска: СИАтан.
Бу ый саҥатыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһук бэстибээлигэр араас…
Ааһан эрэр 2025 сыл Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар айылҕа иэдээнэ -- алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну оҥорон,…
Саҥа дьылга эҕэрдэлэһэн буостанан аккырыыкка ыытыһар үтүө үгэс баара. Ол аныгы үйэҕэ уларыйан турар. Ол…
Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр оҕолуун-уруулуун бары туох эмит дьиктини, уратыны, аптааҕы күүтэбит. Чаһы кураана охсорун…
Бэйэлэрин норуоттарыгар үгүс дьоһуннаах айымньылары хаалларбыт суруйааччылар ааҕааччы өйүттэн-санаатыттан сүппэттэр, кинилэр үлэлэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдиллэн,…
СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ мэдиссиинэ тэрилтэлэрин бырааһынньыктааҕы уонна өрөбүл күннэргэ -- ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу…