Ырыа куттаах Александр Карманов
Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра сэтинньи 14 күнүгэр киэһэ 18:30 чаастан дэгиттэр талааннаах, мааны куоластаах эдэр ырыаһыт Александр Карманов «Дьиэрэй ырыам» сольнай кэнсиэригэр ыҥырар.
Саха норуотун урукку да, хойукку да тапталлаах ырыаларын саха аркыастырын доҕуһуолунан бэлэх уунуоҕа. Айар аартыгын аргыстара Үҥкүү тыйаатырын үҥкүүһүттэрэ кэнсиэри кэрэ хамсаныынан киэргэтиэхтэрэ.
Бу күннэргэ Александр айар үлэ үөһүгэр сылдьар — эрчиллии, бэлэмнэнии, сүүрүү-көтүү, долгуйуу. Бу былдьаһыктаах кэмҥэ быыс булан Александр Андреевичтан интервью ыллым, онтубун көрөөччүлэрбэр эһиэхэ аныыбын.
—Александр, оҕо сааһын туһунан билиһиннэр, төрөппүттэрин кимнээхтэрий? Үтүө киһи икки дойдулаах, эн Амма уонна Алдан өрүстэр тардыыларынан улааппыккын билэбит.
-Үтүө күн буолуохтун! Мин толору аатым Карманов Александр Андреевич диэн. Алдан улууһун Кутана бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан аҕам дойдутугар Аммаҕа көһөн кэлбитим уонна Амма Сатаҕайыгар оскуолабын бүтэрбитим. Аҕам Карманов Андрей Иванович, ийэм Маркова Анастасия Владимировна.
—Оҕо сылдьан ыллыыр этин дуо?
-Оҕо сылдьан ыллыырбын өҋдөөбөппүн. Арай, кылааһым оҕолорун кытары бары бииргэ ыллыырбыт.
Хас сааскыттан ыллыыр буолбуккунуй? Ким ыллыыргын өйүүр этэй?
-Мин ыллыырбын аан маҥнай Сардаана Ильинична уонна Исидор Адамович Варфоломеевтар истибиттэрэ. Мин кинилэргэ «Айыллык» диэн олохтоох Култуура дьиэтигэр тиийэн ыллыахпын баҕарабын диэн турардаахпын. Дэлби долгуйан, кытаран, тиритэн тииһим быыһынан иһим түгэҕэр эппиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта. Ол иннинэ олох да ырыанан дьарыктамматах буоллаҕым дии уонна тоҕо итинник диэн тылламмыппын билигин да сөҕөбүн. Наһаа да хорсун эбиппин. Ырыаһыт буолар дьылҕам эттэрбитэ дуу…
—Оскуолаҕа уус-уран самодеятельность ырыа күрэхтэригэр кыттааччыгын дуо?
-Оскуолаҕа букатын даҕаны үҥкүүһүт бэрдэ этим ээ. Дойдубар Кутанаҕа Анна Федоровна Соловьева салайааччылаах «Биракан», Сатаҕайга Елена Алексеевна Тритонова «Саһарҕа» бөлөхтөрүгэр үҥкүүлүүр этим. Бэйэм санаабар отой бастыҥнар истэригэр баарым. Ырыа кута отой да суоҕа.
—Марк Жирков аатынан Муусука кэллиэһигэр үөрэммит сылларын туһунан сырдат эрэ. Уһуйааччыларын кимнээхтэрий?
-2019 с. Марк Жирков аатынан Муусука кэллиэһигэр Гавриил Гаврильевич Колесов төрүттээбит төрүт култуура салаатын бүтэрбитим. Уһуҋааччыларым СӨ култууратын туҋгуна Элеонора Кулагиновна Соколова, аан дойдутааҕы култуура маастара, аан дойдутааҕы виртуоз хомусчут, СӨ үтүөлээх артыыската, СӨ култууратын туйгуна Варвара Степанова-Арчыына, СӨ үтүөлээх артыыската Маргарита Ивановна Николаева, СӨ үтүөлээх артыыската, СӨ култууратын туҋгуна «Кыл Саха» бөлөх салайааччыта Анна Ивановна Томская уонна СӨ култууратын туҋгуна Вероника Васильевна Лыткина. Кинилэри кытары алтыһан, кинилэртэн такыйыллан, элбэххэ үөрэнэн, элбэҕи билэн, сатыыр буолан, кинилэргэ махталым муҥура суох. Устудьуоннаабыт кэмнэрим олус да күндүлэр.
—Устудьуоннуу сылдьан ханнык күрэстэргэ кыттыбыккыный?
-Устудьуоннуу сылдьан куораттааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи араас таһымнаах күрэстэргэ кыттарым — тойук, норуот ырыата, дэгэрэҥ, дьиэрэтии, оһуокай. Бу кыттыбытым миэхэҕэ наһаа улахан уопут буолбута, билиим-көрүүм кэҥээбитэ, атын толорооччулары кытта билсибитим, элбэххэ үөрэммитим, уһаарыллыбытым.
Үҥкүү тыйаатырыгар ырыаһытынан үлэҕэ киирбитин номнуо 5 сыл буола охсубут. Быйылгы саҥа сольнай кэнсиэргин айар үлэн 5 сылыгар аныыгын?
—Кырдьык, бу сольнай кэнсиэрим 5 сыллаах үлэм түмүгэ буолар. Хайдах курдук тойуктан норуот ырыатыттан, оһуокайтан саҕалаан аркыастыр доҕуһуолунан кытта ыллыыр буолбутум көстүө. Бу иннинэ 2021 с. Эстрада тыйаатырын Камернай саалатыгар икки айар киэһэм буолан ааспыта. Ааспыт сайын Туймаада туонатыгар ыһыахха саха аркыастырын доҕуһуолунан ыллаан ааспытым. Онон бу төрдүс кэнсиэрим буолар. Ол гынан баран, улахан сыанаҕа аан бастаан ыллыыбын.
—Эйигин ырыаһыт эрэ быһыытынан буолбакка, өссө төрүт култуура хас да жанрын баһылаабыккын билэбит. Ити барыта эйиэхэ чугас дуо?
—Саха төрүт култууратын жанра миэхэ быдан чугас, тоҕо диэтэххэ, мин оннук эйгэҕэ иитилиннэҕим, уһарылыннаҕым дии. Чабырҕахтыырбын, хомустуурбун, оһуокай таһаарарбын барытын сөбүлүүбүн.
—Александр, Эн бытаан ырыалары сөбүлээн толороҕун дуу эбэтэр түргэн, эрчимнээх, төлөннөөх ырыалары эмиэ?
—Мин бэйэбин араас тэтимнээх ис хоһоонноох ырыалары толорор артыыспын дэнэбин.
— Ханнык ааптардар ырыаларын биһирээн толороҕун?
—Урукку кэм ааптардарын ырыаларын ордорон ыллыыбын, чопчу бу киһи ырыаларын диэн буолбатах. Ааттаталаан олордоххо уһуубун, саха айар куттаах киһитинэн баай.
— Быйылгы кэнсиэргэр аркыастыр доҕуһуолунан улахан сыанаҕа толороҕун. Репертуаргын таларгар ким көмөлөстө, сүбэ-ама буолла?
—Репертуарбын эрдэттэн бэйэм талбытым, ол гынан баран, биллэн туран, дирижербун кытары син биир сүбэлэспитим, мин тутаах киһим дирижер Анюта Николаевна Иванова буолар. Кинилиин чугастык үлэлэһэбин. Кини көмөтө, сүбэтэ-амата наһаа туһалаах уонна оруннаах.
—Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын? Хоббин тугуй?
—Иллэҥ кэм түбэстэ да соҕотохсуйууну көрдүүбүн. Күүс-уох ылынан, санаа сааһыланан баран салгыы биир идэлээхтэрбин кытары үлэлэһэбин. Саамай сүрүн дьарыгым — сүүрүүнэн дьарыктаныы.
—Биир эмэ кистэлэҥ баҕа санааҕын этиэҥ, үллэстиэҥ дуо?
-Кистэлэҥ да санаа буолбатар, тыйаатыр аркыастырын кытары айар үлэбин салгыахпын баҕарабын. Саха дьоно саха матыыптарын, ырыаларын куруук истиэн наада. Төрүт тылым ийэм үүтүн кытта иммит, ол курдук сахалыы матыып истэр буолуохпуттан кулгаахпынан кутуллар”.
—Айар үлэҕэр ханнык түгэннэри ордук күндүтүк саныыгын?
-2017 с. “Үрүҥ күн оҕолоро” этнобалет турбута. Бу улахан айымньыга мин аркыастыр артыыстарын кытары маассабай сыанаҕа кыттыбытым. Уонна эр дьон вокальнай партияларын Одессаттан кэлбит хормейстер Светлана Николаевна Смирновалыын дьарыктанан үөрэппиппит. Наһаа улахан, дьарык буолбута. Премьерата эмиэ бэрт чаҕылхайдык буолан ааспыта. Ол кэннэ ити этнобалекка куруутун кыттабын, Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга ситиһиилээхтик көрдөрбүппүт. Ону таһынан саха аркыастырын кытары Красноярскайга улахан норуодунай аркыастырдар бэстибээллэригэр, Бурятияҕа Улан Удэҕэ аркыастыр 30 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн улахан гостуруолга сылдьыбыппын наар сылаастык саныыбын.
-Александр, улахан махтал. Баҕарабын: баҕа санааларын бары туола туралларыгар, айар үлэҕэр саҥаттан саҥа саҕахтары, ситиһиилэри, тус олоххор чөл туругу, дьолу-саргыны! Сольнай кэнсиэрин толору сааланы мустун, көрөөччүлэр үөрэн-көтөн, астынан-махтанан тарҕастыннар!
Вера ЧЕРНОГРАДСКАЯ, тыйаатыр литэрэтиирэҕэ салаатын сэбиэдиссэйэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: