Үрүҥ эһэлиин көрсүһүү
1973 сыл сааһа. Биир күн тутар-монтажтыыр механизированнай колонна Абыйдааҕы учаастагын тырахтарыыстара үс С-100 тыраахтардарынан улахан сыарҕаларга тутуу маһын тиэнэн ыраах, муустаах муора биэрэгэр баар балыксыттар артыалларыгар аттанныбыт.
Төннөрбүтүгэр балык, таба этэ тиэнэн кэлиэхтээхпит. Колонна салайааччытынан тырахтарыыс, ДНД начаалынньыга, “Үлэ албан аата” уордьаннаах Сергей Трушков этэ.
Мин кини тыраахтарыгар олорон иһэбин.Үрүҥ Хайаттан тахсыбыппыт хаһыс күнүгэр эбитэй, эчи киһи күнү да быһаарыах буолбатах, туундара ханан бүтэн, хайа миэстэттэн муора саҕаланара олох да биллибэт, ыраахха диэри хаар тунал куйаар эрэ көстөр.
Ол тиийэн сүөкэннибит. Саҥа ыскылаат матырыйаалын илдьибит эбиппит. Манна үс хоннубут. Балыксыттарбыт били сыарҕаларбыт үрдүгэр бүтэй буудкалары хаптаһынынан табырҕатан баран, иһирдьэ ыгыччы чыыр, уомул, кыыл таба этин тиэйбиттэрэ.
Абыйга ити бородуукталарга наадыйбаттар. Арааһа, киин диэки утаарар буолуохтаахтар. Инньэ гынан төннөр суолга киирдибит. Туундараҕа компаһынан хайысхабытын быһаараат, Сергейим тыраахтарын гаастаан кэбистэ…
Тыраахтар анныгар, сайын “Антошканан” көтөн иһэн көрөр, хобордооххо алаадьыны куппут курдук симсэ сытар сүүһүнэн күөллэргин олох да билбэккэ ааһаҕын. Барыта биир кэлим үрүҥ куйаар. Арай, сонумсах муҥутаан мин тулабын, нуктаан ыла-ыла одуулуу иһэбин. Онно көрдөххө, субу-субу үөр куруппааскылар хаар анныттан бурал гына таҕыстахтарын аайы, кэннилэриттэн үрүҥ күдэн өрө оргуйан тахсар. Оччоҕо сэргэхсийэ түһэбин. Кинилэри манна хабдьылар дииллэр эбит этэ.
Оҕордук утуу-субуу тигинэтэн иһэбит. Арай тохтобулларга дьонум балыгынан…уот оттунан чэй оргуталлар. Бастаан кыспа кыһан, уматык таммалаталлар, онтон онно чыыр балыктары кыратын талан уурталаан биэрэллэр. Олоро умайан тып-тыһыгырастар.
Көрөн олоруохха үчүгэйэ олус!
Сып-сырдык уоттар үөһэ диэки сындыыстаналлар. Луому хаарга батары анньан баран чаанньыкпытын ыйаан кэбиһэбит.
Ол курдук айаннаан иһэн эмискэ биһиги тыраахтарбыт умуллан хаалла. Генератор ременэ быстыбыт, уотун биэрбэт дэстилэр. Каартаны көрөн чугас ханнык эрэ бөһүөлэк баарын булан биир тыраахтар онно барар буолла.Биһиги ичигэскэ, иккис тыраахтар кэбиинэтигэр киирэн олоробут.
Арай ол олорон көрдөхпүтүнэ, тэйиччи соҕус бугул саҕа хаар үллэҥэлиир. Бастаан кыра күдэрик дии санаабыппыт. Буурҕа түһээри гыннаҕына хаар үрдэ күдээрийэн көстөөччү. Бай, онтубут… саһарымтыйан көстөр үрүҥ эһэ эбит этэ. Улуу дьаалы, куттаммыт санаабытыгар уһун баҕайы моонньун уҥа-хаҥас хамсатан сыт ылардыы хантаарыҥнаан кэбиһэ-кэбиһэ оргууй аҕай биһиэхэ үллэрэҥнээн чугаһаата. Тыраахтарга адьаһын да кыһаммата. Супту балыктаах, эттээх буудкалаах сыарҕаларга ааста. Тула хаама сылдьан сытырҕааһын бөҕө. Биһиги саалаахпыт эрээри, сүнньүөх мэлигир дьоно буоллубут. Баара да буоллар, бары үтүктүспүт курдук таах кус- куобах булчуттара туундара тойонун бултаһар өй киирбэт дьонобут. Эһэбит буоллаҕына балык сытын ылан баран үчүгэйинэн барыа баара дуо, буудкаларбытын эргийэ хаама сылдьар. Тугу гыныахха? Онтон биирбит өй булан, уотунан куттуохха диэтэ. Ол олорон мин оҕунуох буолбут, нэктийбит тэлэгириэйкэ сытарын көрө биэрдим. Соммутун мончуруопкаҕа ыга эрийэн баран уот астыбыт.
Эһэбит онно эрэ кыһаммат. Онтон саалаахпытын өйдөөн, үөһээ ыыттыбыт. Кэмниэ кэнэҕэс тыраахтарбыт иһэрэ көһүннэ. Тыраахтар иһэрин көрөөт, унньулуйан туран киэр хааман түөһүллэҥнии турда…
Александр Филиппов-Бири.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: