Үрүҥ Хайа олохтоохторо хаарбах дьиэттэн көһүү бырагырааманан саҥа дьиэлэннилэр

Share

Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатын олохтоохторо хаарбах дьиэттэн көһүү бырагырааманан саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Билигин саамай сүрүнэ диэн, дьиэлэр куораттарга уонна улахан сэлиэнньэлэргэ эрэ буолбакка, ыраах баар нэһилиэнньэлээх пууннарга эмиэ тутуллар буолбуттара. Бу Арктика сиригэр-уотугар олорор дьон олохторун хаачыстыбатын үрдэтиэ, сайыннарыа», — диэн эрэгийиэн премьер-миниистирэ Андрей Тарасенко күлүүһү туттарыы кэмигэр эттэ.

Бу үөрүүлээх күҥҥэ түөрт ыал малааһыннаата. Саҥа дьиэ икки хостоох кыбартыыралардаах, киин ититии систиэмэтигэр холбоммут. Андрей Тарасенко бэлиэтээн эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ арктическай сиригэр отут сылга бастакытын саҥа дьиэ үлэҕэ киирбит.

Итиннэ гынан, хоту оройуоннарга 2025 сылга диэри 490-ттан тахса дьиэ киирэрэ былааннанар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин хамаандата Бүтүн Арассыыйатааҕы «Путь воина» күрэхтэһии бастакы полуфиналыгар кыайда!

Саха сиригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһиитин бастакы күнэ ситиһиилээхтик саҕаланна. Бу күрэхтэһиигэ бэҕэһээ…

10 минут ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сайаапкалары «яконтракт14.рф» саайтка хомуйаллар

Саха сиригэр «яконтракт14.рф» саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп.  Российскай Федерация…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай көмөҕө туох киирэрий уонна хайдах туһанабыт?

Аҕам саастаах уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон бородуукта атыылаһаллара, бырааска көрдөрө бараллара кыаллымыан сөп. Дьиэҕэ-уокка уонна…

42 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: «Боотур» этэрээт байыастара өстөөх тааҥкатын эстэрдилэр

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр "Боотур" иһинэн тэриллибит "БАРС-2" этэрээт байыастара бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан, дрону…

2 часа ago
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 17 күнэ: инчэҕэй хаар уонна ардах

Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар инчэҕэй хаары кытта ардах түһэрэ күүтүллэр…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйи оскуолата 150 сылынан Кутанаҕа диэри сатыы хаамыыны тэрийдэ

П.Х.Староватов аатынан Элгээйи оскуолата быйыл 150 сыла. Бу саас "Пеший поход: родные просторы" барылынан Арассыыйатааҕы…

12 часов ago