Үрүҥ Хайаҕа “Үрүҥ көмүс хатырыктаах – 2022» күрэх буолла

Share

Бэҕэһээ, сэтинньи 13 күнүгэр, Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэр «Үрүҥ көмүс хатырыктаах – 2022» диэн үгэс буолбут мууһу аннынан балыктааһын күрэҕэ ыытылынна.

Төһө да тыаллаах, буурҕалаах күн турдар, күрэхтэһээччилэр илимнэрин көрөн, бултаммыт балыктарын байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарыгар анаан туттарбыттар.
Икки күннээх уопсай күрэхтэһиигэ кыттааччылар илимнэрин үтэн, булт туһунан викторинаҕа кыттан, дуобаттаан, ох саанан ытан, тоҥ балык кыһыытыгар кытаанах киирсиилэр буолбуттар. Ол курдук нэһилиэк аҕа баһылыга Егор Спиридонов бэйэтинэн холобур буолан, олохтоох дьаһалта аатыттан «Алмаз” диэн хамаанда тэринэн быйыл саҥа киирбит алаҥаанан ытыы (ох саа) көрүҥэр Ньургун Романовтыын үчүгэй ытыылары оҥорбуттар. Күрэхтэһии түмүгүнэн, балык тутуутугар Петр Неустроев МПЧ хамаандата бастакы миэстэни ылбыт, күрэхтэһии многоборьетыгар олохтоох дьаһалта “Алмаз” хамаандата бастаабыт. “Тууччах -2022” сыл диэн анал сүрүн бирииһи МПЧ хамаандата ылан кыайыылааҕынан тахсыбыт. Кыайыылаахтарга уонна кыттааччыларга АИ 92 уматыгынан, эрэһиинэ оҥочо, бензопила, булт тэриллэринэн наҕараадаламмыттар. Күрэхтэһиигэ култуура киинин үлэһиттэрэ итии үүттээх чэй, кофе, алаадьы аҕалан бар дьону күндүлээбиттэр.

Үрүҥ Хайа бөһүөлэк тус архыыбын хаартыскалара туһанылыннылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

39 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

49 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

1 час ago