Үс оҕолоох аҕалар быстах хомуурга барыахтара суоҕа

Share

РФ ГосДууматын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин үс уонна үстэн элбэх оҕолоох аҕалар быстах хомуурга барыахтара суоҕа диэн иһитиннэрдэ.

Кини бэйэтин Телеграм-ханаалыгар маннык  суруйда: «Үс уонна үстэн элбэх оҕолоох аҕалары быстах хомуурга ылыы туһунан  олус элбэх ыйытыы киирдэ. Бу боппуруоһу Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин кытта ырыттыбыт. Маныаха эппиэт биир эрэ: үс уонна үстэн элбэх оҕолоох аҕалар быстах хомууртан босхолонуохтаахтар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык дьаһалынан 9500 аҕа босхолонно. Кинилэр байыаннай чаастартан дьиэлэригэр төнүннүлэр.

Хомуурга ыҥырар хамыыһыйалар Оборуона министиэристибэтин уонна Генштаб быһаарыныытын толоруохтаахтар.

Ол курдук, быстах хомууртан отсрочка бэриллэр:

— байыаннай сулууспаҕа доруобуйаларын туругунан хапсыбат дьон;

— чугас дьонун көрөр-истэр буоллаҕына, ол дьон федеральнай тэрилтэттэн медико-социальнай эспэртиисэни ааһан, бастайааннай көрүүгэ-истиигэ наадыйар буоллаҕына;

—сааһын ситэ илик бииргэ төрөөбүт быраатыгар эбэтэр балтыгар опекун, попечитель буоллаҕына;

— 16 сааһыгар диэри үс эбэтэр үстэн элбэх оҕолоох буоллаҕына;

— биир уонна бииртэн элбэх оҕолоох дьахталлар;

—биир уонна бииртэн элбэх оҕону иитэр аҥардас аҕалар.

ГосДуума дьокутааттарын өртүттэн хонтуруол баар буолуоҕа».

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Оһуокай ыһыаҕа от ыйын 12 күнүгэр ыытыллыаҕа

Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кирэдьиит биэрэллэригэр бааннар кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар дуо?

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар  диэн сымыйа сурах тарҕанна.…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин олохтоохторо уот төлөбүрүгэр 50 мөл. солк. тахса суумаҕа иэстэммиттэр

Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Сэмсэ тыл»: НАТО саммитыгар тугу быһаардылар?

Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

От ыйа: Суоппарга аҕыс суолталаах уларыйыы…

От ыйыгар ГАИ үлэһитин тохтобулга ирдэбилин толорботох иһин ыстараап 12,5 төгүл үрдүөҕэ, ОСАГО полиһа суох…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күлүмнүүр аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни Николай Бястинов ылла

От ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр сахалыы тыллаах көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэригэр,…

1 час ago