Үс улуус “поисковиктара” Новгородскай уобаласка айаҥҥа туруннулар
Таатта улууһун Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатыгар дойдуга бэриниилээх буолуу, ытык дьоҥҥо сүгүрүйүү, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын, тыыл хорсун үлэһиттэрин үйэтитиигэ туһуламмыт «Өйдүүрбүт тухары умнубаппыт, сүгүрүйэбит, киэн туттабыт…» кыраайы үөрэтии үлэтэ үөрэх дьылын кытта тэҥҥэ саҕаланна.
Бу күннэргэ илин эҥэр улуустартан Чурапчы, Амма уонна Таатта оскуолаларын үөрэнээччилэрэ көрдүүр-чинчийэр айаҥҥа туруннулар. Бу туһунан Дьохсоҕон орто оскуолатын үөрэҕи таһынан үлэ бырайыактарын наставник-педагога Татьяна Попова кэпсээтэ:
— Чурапчытааҕы И.М. Павлов аатынан Албан аат мусуой дириэктэрэ, Саха сиригэр Карбышевскай хамсааһын салайааччыта Михаил Дьячковскай 2019 сылтан Илин эҥэр улуустарын оскуолаларын оҕолорун истэриттэн Дмитрий Карбышев аатынан «Юнармия кулуубун», көрдүүр-чинчийэр этэрээттэри тэрийэн, Ильмень, Старай Русса «поисковиктарын» кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ олук уурбута. Быйыл көрдүүр үлэҕэ кытта үс улуус оскуолатыттан биирдии салайааччы барда. Бу суолталаах үйэтитэр үлэбитин куруук өйүүр Таатта улууһун үөрэх управлениетын иитэр үлэ отделын салайааччыта Мира Луковцеваҕа махтанабыт. Сыл аайы барыыга-кэлиигэ бырайыаспытын буларга ыарахаттары көрсөбүт. Ону өйүүр, өйдүүр киһилээхпититтэн үөрэбит.
Быйылгы үлэни «Долина» көрдүүр этэрээт ыытар. Новгородскай уобалас Ильмень уонна Селигер улахан күөллэрин икки ардыгар баар Демянск дэриэбинэ таһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр «Демянский котел» диэнинэн биллэр алдьархайдаах кыргыһыы буолбут сиригэр үлэ ыытыллар. Онно биһиги оскуолабытыттан 8-с кылаас үөрэнээччитэ Эрсан Чомчоев барда. Кини бу иннинэ «Океан» лааҕырга патриотическай этэрээккэ сылдьан кэлбитэ уонна Москва «Победа» түмэлигэр оскуолатын аатыттан сэрии кэминээҕи архыып матырыйаалын туттарбыта. Эрсаны биология учуутала Нюргуяна Лебедева салайан илдьэ сылдьыаҕа.
Бу тэриллибит көрдүүр-чинчийэр үлэ уонна айан Кыайыы 80 сылын көрсө биир саамай суолталаах үлэбитинэн буолар. Патриотическай үлэ саҕаланыаҕыттан спонсордыыр, өйүүр выпускникпытыгар Ньургун Захаровка, кини дьиэ кэргэнигэр, түгэнинэн туһанан, бу патриотическай үлэбит таһынан, оҕо тэрилтэтин үлэтин эмиэ өйүүрүгэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Кини актыыппытын биир пуорманан таҥыннарарбытыгар улахан өйөбүлү эмиэ оҥорбута.
Ыраах айаҥҥа туруммут патриоттуу санаалаах оҕолорбутугар уонна кинилэр салайааччыларыгар этэҥҥэ уонна ситиһиилээхтик сылдьан кэлэллэригэр баҕарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: