Ыт бүрүсүлүөһүттэн сэрэниҥ!
Бу соторутааҕыта Дьокуускайга бэтэринээрнэй-чинчийэр лабораторияҕа хаһаайыннаах ыт хааныгар бүрүсүлүөс ыарыы баара биллибитэ.
СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена бу ыарыы көстүбүтүнэн харантыын биллэрбитэ. Ыты күүлэйдэтии, босхо ыытыы бобуллубута. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэйдиэ ыт ахсаана эмиэ элбээн, биир кэлим диспиэтчэрскэй сулууспа төлөпүөнэ оргуйан олорор. «Бүрүсүлүөс киһиэхэ сыстыан сөп дуо? Арай бу бэйдиэ сылдьар ыттар быыстарыгар бүрүсүлүөстээбит ыт баар буоллун?» — диэн ыйытыы үгүс.
СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын салайааччы Петр Петров бу боппуруоска санаатын үллэһиннэ:
— Ыт бүрүсүлүөһэ сыстыганнаах уонна олус түргэнник тарҕанар ыарыы. Бу ыарыыга ыт боруодатыттан тутулуга суох сыстар. Ыарыы биллибэккэ сылдьыбыт түгэнэ уһун уонна элбэх буолар. Маннык олохсуйбут ыарыыны хайаан даҕаны үчүгэйдик сыныйан үөрэтэн, төрүөтүн билэн, ыарыыны түргэнник бохсор наадалааҕын бэлиэтиэм этэ. Киһиэхэ ордук сүөһү бүрүсүлүөһэ сыстар. Киһи сүөһүттэн бүрүсүлүөскэ ситэ буспатах эт-үүт аһылыгыттан, ону таһынан ыалдьыбыт сүөһүнү астыыр-үөллүүр кэмҥэ сыстыан сөп. Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги Москва куоракка 23 анаалыс боруобатын бэрэбиэркэҕэ ыыппыппыт. Түмүгэ кэллэ даҕаны, тута биллэриэхпит.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: