Ыт уйаларын бэлэх ууннулар
СӨ Бэтэринээрийэтин департаменын Дьокуускай куораттааҕы ыстаарсай судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Анастасия Семенова «Помоги выжить” диэн ыты быстах кэмҥэ тутар Дьокуускай куорат Очиченко 57 аадырыһыгар баар пууҥҥа «Добрые будки” бырайыак чэрчитинэн, ыт уйаларын тиэртэ.
СӨ Бэтэринээрийэтин департаменын салайааччыта Петр Петров санаатын үллэһиннэ:
Бэтэринээрийэ департамена бу сылга биэс социальнай бырайыагы олоххо киллэрэр. Ити бырайыактар сүрүн соруктара – Саха сирин олохтоохторо иитэ ылар кыылларыгар эппиэтинэстээх сыһыаннаах буолууларыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана аччыырыгар туһуланар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбит бары бэтэринээринэй управлениеларыгар дьиэ кыылын төрүүр-ууһуур уорганнарын ыраастааһыҥҥа, чииптээһиҥҥэ аахсыйалар ыытыллаллар. Ону таһынан кыылга эппиэтинэстээх сыһыаннаах буолууга өйдөтүү үлэлэрин ыытабыт. Бу сыл устата социальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа куоскалары уонна ыттары этэр буоллахха, 509 дьиэ кыылын ыраастаатыбыт, 336-ны аттаатыбыт. Бу бырайыак чэрчитинэн бэтэринээринэй управлениеларга чэпчэтиилээх аахсыйалар ыытыллаллар.
Бэлиэтээн суруйдахха, кыстыкка киириигэ ыты тутар пууҥҥа хаһааҥҥытааҕар даҕаны ыт уйалара олус наадалар. Онон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо туора турбакка, бэйдиэ ыт ахсаана аччыырын туһугар ыт уйаларын оҥорон, атыылаһан Очиченко 57 тиэрдиэххитин сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: