Үтүө түмүктэр уонна саҥа соруктар
Киһи олох олорорун устата үлэлиир
Тус бэйэтигэр, тулалыыр эйгэтигэр,
Үлэ иилии эргийэр эн күҥҥүн,
Үлэ, үлэ эрэ арыйар эн кимҥин.
Үлэнэн оҥоһуллар уйгу,
Үлэнэн салаллар саргы.
(Саргы Куо).
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ бу күннэргэ мунньаҕа буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ тэрилтэ үлэтин түмүгүн таһаардылар уонна кэлэр сыллааҕы соругун бэлиэтээтилэр. Мунньахха ситэриилээх былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ экологтар, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ кытыннылар.
Тэрээһинтэн кылгастык
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина киирии тылы этэригэр, ааһан эрэр сыл Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан быһаарыллыбыт саҥа боломуочуйаны олоххо киллэриллэн тустаах министиэристибэҕэ ураты суолталаах буолла диэн бэлиэтээтэ. Чуолаан, 2035 сылга диэри булт хаһаайыстыбатын сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ, онно Саха сирин булчуттарын оруолларын уонна да атын сүрүн ыйытыылар тустарынан быһаарыллар.
Бу кэнсиэпсийэҕэ булчуттар бырааптара эрэ туһунан буолбакка, бу эйгэҕэ судаарыстыбаннай стратегияны быһаарыы киирэр. Саамай сүрүнэ – Саха сиригэр булчут диэн кимин-тугун уонна биһиги тыйыс сирбитигэр, тулалыыр эйгэҕэ оруолун өйдөтүү буолар. Маннык кэнсиэпсийэ хоту сиргэ олорор дьон олоҕун уратытын, усулуобуйатын учуоттаан оҥоһулунна. Тэрээһиҥҥэ бу туһунан элбэхтик этилиннэ, саҥа хайысхалар торумнаннылар.
Түбүктээх үлэ түмүгүн таһаарыы кэмигэр мэлдьи буоларын курдук, бастыҥ үлэлээхтэр, ураты көрдөрүүлээх туруу үлэһиттэр бэлиэтэнэр үгэстээхтэр. Ол сиэринэн тэрээһин чэрчитинэн министиэристибэ араас салааларыгар үлэлиир бастыҥ үлэһиттэр наҕараадаланнылар. Бэйэлэрин үлэлэрин хайысхатынан үрдүк көрдөрүүнү ситиспит бастыҥ үлэһиттэр федеральнай, биэдэмистибэннэй, судаарыстыбаннай уонна бырабыыталыстыба наҕараадаларын ыллылар.
Кэнники сылларга СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур харыстабылыгар миниистирэ Евгений Перфильев эппитин курдук, ойууру баһаартан харыстыырга үбүлээһин биллэрдик улаатта. Ол курдук быйыл өрөспүүбүлүкэ 1,35 млрд солк. тыырбыт, оттон кэлэр сылга ойуур баһаарын хонтуруоллууру тупсарарга саҥа авиа отделениелары аһара былааннанар.
Ону таһынан, «Полет стерха» аан дойдутааҕы көтөрдөр обсерватордарын тутуу ыытыллыаҕа. Бу кыталык курдук сэдэх көтөрдөрү харыстыырга, төрүүр-ууһуур усулуобуйаларын тэрийэргэ туһуланыаҕа.
Итини таһынан, ааһан эрэр сылга Саха сиригэр экологияҕа сыһыаннаах, тулалыыр эйгэни тупсарыыга, ыраастааһыҥҥа, көҕөрдүүгэ элбэх тэрээһин ыытыллыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кэлэр сылга министиэристибэ олохтоох уопсастыбаннай холбоһуктары кытары салгыы үлэни ыытар былааннаах.
Саҥа технологиялар
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин киэҥ далааһыннаах сыллааҕы мунньаҕын чэрчитинэн «Авиалесоохрана» тэрилтэ «Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа айылҕа харыстабылыгар куттал суох буолуутун хааччыйыыга саҥа технологиялары туһаныыга аналлаах быыстапканы тэрийдэ.
«Авиалесоохрана» тэрилтэ баһаарынай парашютистар ойуур баһаарыгар кэтэр таҥастарын, туттар сэбиргэллэрин, салгын аалыттан түһэр тэриллэрин, оттон «Якутлесресурс» тэрилтэ баһаары умуруорар оборудованиетын, инвентарын, о.д.а. тэриллэрин көрдөрүүгэ туруорбуттар.
Быыстапкаҕа ойуур баһаарын кэтээн көрөр бырайыактар, ол иһигэр IT-технологиялары билиҥҥи бириэмэҕэ чопчу көрдөрөр камералары туһаныы көрдөрүллүбүттэр. 2024 сылга ойуур баһаарын түргэнник быһаарарга 20 улууска маннык кэтээн көрөр оборудованиелар туруоруллан туһаныллыбыттар. Экология министиэристибэтин тэрилтэлэрэ – «Якутлесресурс», «Авиалесоохрана» уонна Айылҕа ураты харыстанар сирдэрин уонна пааркаларын дириэксийэтэ быыстапкаҕа бэйэлэрин бырайыактарын уонна эспэнээттэрин көрдөрдүлэр.
«Бу биһиги ойуур олордорго бэлэмнэммит кыракый бэрдьигэстэрбит. Эспэримиэммит ситиһиилээхтик түмүктэнэн, бырайыакпытын кэҥэтэн эрэбит. Үүнээйибитин олордорго тэпилииссэ атыыластыбыт, кулун тутарга улуустарга уонна Дьокуускай куоракка туруортуохпут. Оттон ыам ыйыгар бэс сиэмэтин олордуохпут. Мастары олордоорубут анаан-минээн улуустартан бэс, харыйа, тиит, сыалаах мас туорахтарын хомуйбуппут, онтон сиэмэ ылбыппыт. Эһиил күһүн үүннэрбит мастарбытын өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүгэр үүннэриигэ туһаныахпыт», – диэн «Якутлесресурс» оҥорон таһаарыыга отделын үлэһитэ Илья Соловьев санаатын үллэһиннэ.
Санатан этэххэ, Саха сирэ быйылгы сылга дойду үрдүнэн ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥынан буолбута. Уопсайа 203,5 тыһыынча га иэннээх тыаҕа мас олордуллубута.
«Якутлесресурс» бастыҥ үлэһиттэрэ
Эппиппит курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин араас салааларын уонна «Якутлесресурс» таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар бастыҥ үлэһиттэрэ бэлиэтэннилэр.
Ол курдук үрдүк наҕарааданы үтүө түмүктээх үлэлэрин иһин ыллылар:
– Слепцов Авксентий Иванович, «Якутлесресурс» тэрилтэ Хаҥалас улууһунааҕы филиалын дириэктэрэ, Ил Түмэн Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланна.
– Самсонов Вадим Дмитриевич, Ойуур хаһаайыстыбатын салалтатын ойуур харыстабылын уонна көмүскэлин 1 категориялаах инженерэ, РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерациятын Сэбиэтин сенатора Сахамин Афанасьев Махтал суругунан бэлиэтэннэ.
– Захаров Алексей Владимирович, «Якутлесресурс» тэрилтэ Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы филиалын дириэктэрэ, СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаланна.
– Терехов Афанасий Васильевич, Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы филиалын ойуур харыстабылын уонна көмүскэлин 1 категориялаах инженерэ, РФ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин «Почетный работник леса» түөскэ кэтиллэр бэлиэтин ылла.
Бу наҕараадалар «Якутлесресурс» үлэһиттэрин үлэлэригэр бэриниилээхтэрин уонна үрдүк таһымнаахтарын туоһулууллар, чаҕылхайдык көрдөрөллөр. Ол аата өрөспүүбүлүкэ иннигэр турар айылҕа харыстабылын кыһалҕаларын көдьүүстээхтик быһаарарга эрэли үөскэтэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: