Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр «Таатта дальнобой» түмсүү, Никифор Леонтьевич Кутугутов уонна кини дьиэ кэргэнэ туппут «Дьол тааһа» искибиэрэ аһылынна.
Көһүтүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Айаал Семенович Бурцев, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Иннокентьевич Павлов, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Петрович Максимов эҕэрдэ тылларын эттилэр уонна үөрүүлээх түгэнинэн наҕараадалары туттардылар. Бу туһунан Таатта улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата биллэрдэ.
«Таатта сирэ дириҥ историятынан, култууратынан эрэ буолбакка, үтүө мааны олохтоохторунан биллэр. Онон улуус урбаанньыттара «Таатта дальнобой» холобурдарынан көҕүлээн эһиилги Манчаары оонньууларыгар күүс көмө буолуохтара диэн эрэнэбин», — диэтэ улуус баһылыга Айаал Бурцев.
Кутугутовтар түмсүү уолаттарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, көмө буолбут дьонноругар махтаннылар уонна үс сыллаах үлэлэрин түмүгүн Таатта нэһилиэк олохтоохторугар бэлэх ууннулар. Бу искибиэр дьиэ кэргэттэр, ыччат сөбүлээн сынньанар сирэ буолуо диэн саарбаҕа суох. Нэһилиэк тупсарыгар сүдү кылаат киллэрбит талыы талба мааны дьонноругар махтал тылларын тиэртилэр.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…