Ытырыык ыттартан анаалыһы кыайан ылбатылар

Share

Сэтинньи 22 күнүттэн Дьокуускайдааҕы ыттары быстах кэмҥэ тутар «Помоги выжить» пууҥҥа бэтэринээрдэр үлэлииллэр. Дьокуускайга уонна Жатайга ыт бүрүсүлүөһэ көстүбүтэ.

Сэтинньи ортото бүрүсүлүөс ыарыы пуун ыттарыгар баара биллибитэ. Билигиҥҥи туругунан, Очиченко 57 аадырыска баар пууҥҥа 967 ыт иитиллэн турар. Ахсынньы 6 күнүнээҕи туругунан, 736 ыттан номнуо хаан анаалыһа ылыллыбыт. Икки ыйдарын туола илик ыт оҕолоруттан уонна ытырыык ыттартан бүгүҥҥү күҥҥэ анаалыс ылылла илик. Ол курдук, ытырыык ыттартан исписэлиистэри  харыстыыр сыалтан миорелаксант диэн ыты хамсаабат оҥорор эми атыылаһыы туһунан боппуруос быһаарылла сылдьар.
Бэлиэтээн суруйдахха, Москватааҕы кыыллар доруобуйаларын харыстыыр федеральнай кииҥҥэ уонна Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээринэй-чинчийэр лабораторияҕа уопсайа 41 бүрүсүлүөскэ уорбаланар кыыл анаалыһа оҥоһуллубута. Мантан 30 анаалыс бүрүсүлүөс баарын көрдөрбүтэ. Балартан 28 ыт, икки куоска ыалдьыбыттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эпизоотическай очагтар баар сирдэригэр бүрүсүлүөһү суох оҥорууга тэрээһин үлэлэр ыытыллаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

4 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago