Юлия Белехова «Патриот-14» Гражданскай уонна патриотическай иитии киинин актыбыыстарын кытта көрүстэ

Share

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехова уонна CӨ ыччат дьыалаларыгар миниистир эбээһинэһин толорооччу Игорь Юргин Гражданскай уонна патриотическай иитии киин актыбыыстары кытта көрүстүлэр.

Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Юлия Белехова эдэр дьоҥҥо Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин үлэтин туһунан кэпсээтэ.

«Патриотизм дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, Ийэ дойдубут эмиэ онтон саҕаланар», – диэтэ Юлия Белехова.

Актыбыыстар Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччытыгар байыаннай дьайыы байыастарыгар анаан оҥорбут бородууксуйаларын, ол иһигэр блиндаж чүмэчилэрин уонна маскировкалыыр сиэккэлэри көрдөрдүлэр. Хас ый аайы «Патриот-14» киин фроҥҥа 30-тан тахса маскировкалыыр сиэккэни ыытар диэн волонтердар кэпээстилэр.

Көрсүһүүгэ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтэ Саха сиригэр ыччат патриотическай тэрилтэлэрин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирин бэлиэтээтилэр. Бу үлэлэр  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, бэтэрээннэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга, өйөөһүҥҥэ туһуланаллар. Социальнай суолталаах уонна патриотическай бырайыактар өрөспүүбүлүкэ салалтатынан уонна Ыччат министиэристибэтинэн өйөнөллөр.

Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехова бу сырыытын кэмигэр волонтердары, уопсастыбаннаһы, тэрилтэлэр актыбыыстарын кытта көрсүөҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Защитники Отечества» пуондаҕа Юлия Белехова ыалдьыттаата

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, "Защитники Отечества" пуондаҕа Аҕа дойдуну көмүскүүр буойуттар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: «Өлүөнэ очуостарын» пааркатын камератыгар — бөрө оҕолоро

"Өлүөнэ очуостара" айылҕа национальнай пааркатыгар Куччугуй-Үрэх диэн сиргэ баар фотоловушкаҕа  бу саас  төрөөбүт бөрө оҕолоро …

18 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай сулууспаҕа саамай ханнык исписэлиистэргэ наадыйалларый?

Дьокуускайга хантараагынан байыаннай сулууспаҕа киириэн баҕалаахтары сүүмэрдээһин бара турар. Бу пууҥҥа кэпсээбиттэринэн, суоппардар, наводчиктар уонна…

33 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Былыргы Дьокуускай таабырыннара

Дьокуускай былыр Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр форпост эрэ буолбакка, култуурунай, экэнэмиичэскэй, байыаннай, атыы-эргиэн киинэ этэ. [gallery…

59 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр икки төбөлөөх табаны тутуннулар

Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр күһүҥҥү хараал кэмигэр булуллубут икки төбөлөөх табаны тутуннулар. Таба олохтоохтор…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хараастан электроинструмены уорбут дьону буллулар

Ис дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 2 №-дээх полиция отделыгар эр киһи харааһыттан электроинструменнарын уорбуттарын…

2 часа ago