Юрий Трутнев байыаннай-патриотическай кииннэри тэрийии туһунан санаатын эттэ

Share

РФ бэрэсидьиэнигэр Уһук Илин федеральнай уокурук боломуочуйалааҕа-вице-премьер Юрий Трутнев “Российская газета” хаһыакка биэрбит интервьютугар байыаннай-спортивнай бэлэмнэнии, патриотическай иитии кииннэрин арыйыы туһунан санаатын эттэ. Санатан эттэххэ, маннык кииннэри тэрийии туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрдэ иһитиннэрэн турар.

Юрий Петрович бэлиэтииринэн, бу кииннэри тэрийиини Арассыыйатааҕы боевой искусство сойууһа көҕүлээбит. Бу сойуус сүүрбэччэ сыл устата ыччаты, оҕолору дойдуга бэриниилээх буолууга үөрэтэн кэллэ.

Арассыыйатааҕы боевой искусство сойууһа 17-с сылын үлэлиир. Манна барыта 150 тыһыынчаттан тахса тренер баар. Сойуус аан дойду, Европа чемпионаттарыгар кыттан, куруутун бастакы миэстэлэри ылаттыыр. Билигин Сойуус дойду араас эрэгийиэнигэр бэйэтэ филиаллардаах. Секцияларга оҕолор бэйэлэрин көмүскэнэргэ үөрэнэллэрин таһынан дойдуга бэриниилээх буолууга улахан үөрэҕи ылаллар. Онон, мин санаабар, Сойуус бу маннык кииннэри тэрийэн элбэтэ сатыыра кэрэхсэбиллээх, – диэн этэр кини.

РФ бэрэсидьиэнэ байыаннай-спортивнай кииннэри тэрийиигэ Оборуона министиэристибэтин, Куттал суох буолуутун хааччыйар федеральнай сулууспаны, Росгвардияны, Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин тэҥҥэ үлэлэһэргэ эппитэ. Юрий Трутнев этэринэн, мобилизация кэмигэр бу үлэ эмиэ туһалыахтаах.

Биллэн турар, дойду үрдүнэн биир структураны оҥорор уустук буолуоҕа. Материальнай базаны оҥоруу, структураны бэйэтин уларытыы наада. Ол эрээри биһиги хачайдана олорорбутугар бириэмэбит суох. Маннык кииннэри тэрийэ охсон, билигин баар байыаннай-спортивнай бэлэмнэнии үлэлэрин кытары сөҥнөһүннэрэбит да, ол иһигэр мобилизация кэмигэр ыытыллар байыаннай үөрэхтэри кытары, оччонон биһиги элбэҕи сүүйүөхпүт, – диэн бэлиэтиир Юрий Петрович.

Вице-премьер иһитиннэрбитинэн, биир сыл иһигэр бастакы уонча пилотнай кииннэри 7-10 эрэгийиэҥҥэ киллэриэхтэрэ. Онуоха хас биирдии федеральнай уокурукка биирдии киин баар буолуохтаах.

Билигин ханна тэрийэрбитин толкуйдуу сылдьабыт. Манна улахан оруолу губернатордар, Сойуус филиаллара ылыахтара дии саныыбын. Миэстэтигэр кинилэр үлэлэһэллэрэ наада. Хас биирдии федеральнай уокурукка биирдии пилотнай кииннэр тэриллиэхтэрэ, – диэн этэр.

Бу кииҥҥэ кимнээх дьарыктаныахтарай? Юрий Петрович бэлиэтииринэн, 14 саастарыттан үөһээ улахан дьон бары дьарыктаныахтарын сөп. “Сааһынан хааччаҕы туруорар, мин санаабар, наадата суох. 14 саастарыттан ким баҕарар дьарыктаныан сөп”, – диэн этэр. Кииҥҥэ, боевой искусство бары көрүҥэр курдук, бэлэмнэниини систиэмэлииргэ разрядтары киллэриэхтэрэ. “Байыаннай бэлэмнэниини ааһар киһи хас күн аайы сайдан иһиэхтээх, онон “боевой курдар” курдук манна эмиэ туспа систиэмэ баар буолуохтаах”, – диэн бэлиэтиир Юрий Петрович. Вице-премьер манна даҕатан бэйэтэ каратеҕа, снайпиҥҥа, буулдьанан ытыыга уруоктары биэриэн сөбүн иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

16 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago