Юрий Трутнев: «Энэргэтиичэскэй кыамталары оҥорорго Уһук Илин урутаан иһэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын учуоттуохха наада»
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев УИФУо энэргиэтикэҕэ сүбэ мунньаҕы ыытта.
Сүбэ мунньахха РФ энэргиэтикэҕэ миниистирэ Сергей Цивилев, Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков, Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр баһылыктара кыттыыны ыллылар.
“Уһук Илин экэниэмикэтин бөҕөргөтөргө биир саамай сытыы тиэмэни – электроэнэргиэтикэни сайыннарыыны дьүүллэһэбит. Хайыы-үйэ билигин Уһук Илиҥҥэ олоххо киирэн эрэр инвестиционнай бырайыактар уотунан хааччыллыыга ыарахаттары көрсөллөр. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа бырагырааманы өссө чопчу оҥорон, тустаах кэмнэргэ араарар туһунан этии киллэрбитим. Энэргиэтикэ министиэристибэтэ уонна бырабыыталыстыба быһаарбыт болдьохторугар тутуллуохтаах энэргэтиичэскэй эбийиэктэрин ахсаана сөп буолар дуо, инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ, онно эрэллээх буолары ситиһиэххэ наада”, — диэн Юрий Трутнев мунньаҕы аста.
Юрий Трутнев Арассыыйа Уһук Илин сайдыытын министиэристибэтигэр, Уһук Илини сайыннарар кэмитиэккэ уонна Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ РФ бырабыыталыстыбатыгар уонна Энэргиэтикэ министиэристибэтигэр төһө генерациялыыр эбийиэктэри тутуу наадатын уонна төһө уоту туһаныы наадатын туһунан дааннайдары биэрэллэрин соруйда. “Сорук олус боростуой: биһиги бары инвестиционнай бырайыактары – олоххо киирбиттэри да, Уһук Илиҥҥэ оҥоһуллуохтаахтары да – уотунан кэмигэр уонна саамай табыгастаах сыананан хааччыйыахпытын наада”, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бэлиэтээтэ.
“Билиҥҥи туругунан Уһук Илиҥҥэ 2,8 тыһыынчаттан тахса инвестиция бырайыактара олоххо киирэллэр. Аҕыйах сылынан төһө элбэх маннык бырайыак баар буолуон ким да чопчу этэр кыаҕа суох. Төһө ахсааннаах буолаллара инвестицияҕа наадыйыыттан уонна тэрилтэ, биисинэс салайааччыларын быһаарыыларыттан тутулуктаах. Ол гынан баран Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка инвестиционнай бырайыактар ахсааннара улаата туруо диэн бигэ эрэллээхпит. Онон, кыамтаны оҥорор куһаҕана суох буолуо этэ, өскөтө уот энергията таһынан бардаҕына, сир баайын хостооһуҥҥа анаан хаалларар үчүгэй буолуо этэ. Итиннэ туттуллар түгэнигэр, ханнык да ороскуокка барыа суох этибит”.
Ил Дархан Айсен Николаев 2030 сылга эрэгийиэҥҥэ уот эниэргийэтэ тиийбэт буолуута тахсыан сөбүн ыйда. Ол эрээри, былааҥҥа киирбит генерация саҥа эбийиэктэрин суотугар уот тиийбэт буолуута суох оҥоһуллуо диэн бэлиэтээтэ. Ону кытта гааһы хааччыйар инфраструктура эргэрбитин эттэ. Чуолаан Дьокуускайга кэлэр Дьокуускайдааҕы ГРЭС магистральнай газопроводын бастакы утаҕа олох мөлтөх туруктаах.
“Энэргиэтикэ министиэристибэтин уонна дойду бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн үһүс утаҕы бүтүннүү өрөмүөннээн, ахсынньыга үлэҕэ киллэрбиппит. Билигин бастакы утаҕы өрөмүөннээһини былааҥҥа киллэрэн саҕалыыргытыгар көрдөһөбүн. Ол эбэтэр генерациялыыр эбийиэктэри тутуохпут, ол иһигэр Дьокуускайга, ол эрээри, хомойуох иһин, гааһы биэрэр кыахпыт суох буолуо. Маны таһынан ыксаллаах балаһыанньалар үөскүөхтэрин сөп», — диэтэ Айсен Николаев.
РФ энэргиэтикэтин миниистирэ Сергей Цивилев, эрэгийиэннэри уонна туһааннаах биэдэмистибэлэри кытта чугастааҕы алта сылга олоххо киириэхтээх инвестиционнай бырайыактар испииһэктэрин, болдьохторун, тиэхиньиичэскэй тас көрүҥнэрин көрүөхпүт. Урут төһө кыамтаҕа, электроэниэргийэҕэ наадыйбыттарын ырытыахпыт итиэннэ чуолкайдаммыт дааннайдары бырабыыталыстыба хамыыһыйатын көрүүтүгэр биэриэхпит диэтэ.
Туспа болҕомтону Юрий Трутнев экологияҕа ууралларыгар эттэ. “Дьон ыраас салгынынан тыыныахтарын, эниэргийэ оттук ыраас көрүҥнэриттэн оҥоһуллуоҕун баҕараллар. Уһук Илиҥҥэ ити кыаллар дьыала, гидроыстаансыйалары тутууттан саҕалаан. Биһиги Сэбиэскэй Сойуустан олус үрдүк энэргэтиичэскэй кыаҕы тутан хаалбыппыт. Биһиги ону саҥаттан сөргүтүөхтээхпит, ол буолар биир сүрүн сорукпут”, — диэтэ вице-премьер.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: