Юрий Трутнев: «Хас биирдии эр киһи ийэ дойдутун көмүскүөхтээх»

Share

РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев Улан-Удэҕэ  ыччаты байыаннай- спортивнай уонна патриотическай иитиигэ бэлэмниир «Буойун» киин филиалыгар сылдьан, БПЛА-ны салайыыга үөрэх эбийиэгин көрдө.

Модульнай тииптээх дьиэҕэ аныгы оборудованиенан сэбилэммит үөрэх кылааһа баар. Манна курсааннар анал симулятордарга виртуальнай пилота суох көтөр аппарааттары салайарга үөрэнэллэр. Ол кэнниттэн дьиҥнээх трассаҕа пилотаж тиэхиньикэтин чочуйаллар.

Санаттахха, 2023 с. ыам ыйыттан «Буойун» киин Бурятиятааҕы салаатыгар үөрэнээччилэртэн муниципальнай уорганнар үлэһиттэригэр тиийэ үөрэҕи 1,7 тыһ. кэриҥэ курсаан ааспыт. Кууруска БПЛА-ны салайыыга үөрэхтээһин эмиэ киирэр.

Юрий Трутнев этэринэн, билигин «Буойун» кииннэри сайыннарыы аныгыс түһүмэҕэр таҕыста.  Манна байыаннай бэлэмнэнии уонна патриотическай иитиигэ оскуолаларынан учууталлары бэлэмниэхтэрэ.

«Билигин уустук кэмҥэ оскуола үөрэнээччилэрин патриотическай иитиигэ уонна байыаннай бэлэмнээһиҥҥэ итэҕэстэр чуолкайдык көһүннүлэр. Хас биирдии эр киһи төрөөбүт дойдутун сатаан көмүскүөхтээх. Мин итиннэ бигэ эрэллээхпин. Биһиги РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин сорудаҕын толорууга туох кыалларынан барытын оҥоруохпут. Кииннэри сайыннарыы үлэни сайыннарыахпыт. Итиэннэ өссө төгүл этэбин, патриотическай иитии уонна байыаннай бэлэмнэнии тиһигэ уһулуччулаах буоларыгар, оскуолалары кытта бииргэ үлэлэһиэхпит», — диэтэ Юрий Трутнев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

50 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago