Юрий Трутнев: “Колмар” хампаанньа бырайыактара Нерюнгри сайдыытыгар саҥа кыахтары арыйаллар
Нерюнгрига Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин ФУо боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев “Инаглинскайдааҕы” уонна «Денисовскайдааҕы” хайа-байытар комплекстар производственнай кыамталарын көрүү түмүгүнэн, “Колмар” УК “Южная Якутия” урутаан сайдыы сирин-уотун резиденин быһыытынан сайдыытыгар сүбэ мунньаҕы ыытта.
“Сүбэ мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бөдөҥ инвестиция бырайыагын олоххо киллэрии боппуруостарын – “Колмар” хампаанньа ыытар Инаглинскайдааҕы уонна Денисовскайдааҕы баайдаах сирдэрин базатыгар ГОК-тары тутуу боппуруостарын көрүөхпүт. Хампаанньа бырайыактара Уһук Илини сайыннарыыга уһулуччу суолталаахтар. Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин Владимир Владимирович Путин сорудаҕынан преференция эрэсиими торумнаабыт бастакы бөдөҥ бырайыакпытынан буолар. Оттон билигин маннык бырайыактар Уһук Илиҥҥэ үс тыһыынча кэриҥэ бааллар. Биһиги онно инвесторы кытта инфраструктураны – энергетиканы, тимир суолу туппуппут. “Колмар” бырайыактарын олоххо киллэриигэ 8,7 млрд солкуобай үбү укпуппут. Биһиги балары олоххо киллэрии болдьоҕун көдьүүстээх буоларын туһугар болҕомтолоохтук кэтээбиппит. Ол түмүгэр бырайыак табылынна. Билигин Нерюнгри куорат сайдыытын саҥа түһүмэҕэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр. Кыһалҕалар тустарынан этэр буоллахха, бу Илиҥҥи полигон аһарар кыаҕын кытта сибээстээхтэр. Билигин таһаарыллар бородууксуйа 40 бырыһыана таһаарыллыбат, онон таас чох былаһааккаларга хараллар уонна хаачыстыбатын сүтэрэр”, — диэтэ мунньаҕы арыйарыгар Юрий Трутнев.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэлиэтииринэн, “Колмар” көмөтүнэн бүгүн Нерюнгри сайдар. “Биһиги Нерюнгри нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйыырын, дьэ, тохтоттубут. ”Колмар” манна олоххо киллэрэр бырайыактара чопчу социальнай көдьүүстээхтэр. Дьиэ-уот тутуллар, Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи технологическай кэллиэһи кытта холбоһуктаах бырайыактар тахсаллар, ити үөрэхтээһин уонна үлэҕэ ылыы хаачыстыбатын үрдэтэр. “Колмар” көмөтүнэн Нерюнгрига дьоҕус биисинэс сайдыытын көрөбүт, инникитин өссө көдьүүстээх буолуоҕа, бөдөҥ хампаанньалар кэлэн, оройуон уонна куорат сиригэр-уотугар бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэрдэхтэринэ», — диэтэ кини.
”Колмар” хампаанньа “Инаглинскайдааҕы уонна “Денисовскайдааҕы” хайа-байытар комплекстар бастакы уочараттарын тутууну түмүктээтэ. Комплекска 75 млрд тахса солкуобай инвестицияланна, 5,7 тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтэ таҕыста.
“Инаглинскайдааҕы” ГОК тутуу 2017 сыллаахха саҕаламмыта. Хайа аһаҕас үлэлэрин ыытыы учаастага сылга 2 мөл. туоннаҕа диэри хостуур уонна “Инаглинскайдааҕы” ГОК бастакы эбийиэгинэн буолар, “Инаглинская-1” байытар фабриканы сырьенан хааччыйааччынан. Таас чох “Инаглинскайдааҕы-2” байытар фабрикаҕа эмиэ переработкаланар. Бу бастакы уочаратын кыамтата сылга 6 мөл туоннаҕа тэҥнэһэр. Фабрика иккис уочаратын тутуу түмүктэнэр, ити оҥорон таһаарыыны переработкаҕа 12 мөл туоннаҕа диэри улаатыннарар кыаҕы биэриэҕэ. Фабрикалары таас чоҕунан хааччыйарга 2020 сылга “Инаглинскайдааҕы” шахта тутуллубута.
“Денисовскайдааҕы” ГОК тутуу 2004 сылтан ыытыллар. Бырайыагынан көрүллүбүт шахта дойду таас чоҕун бырамыысыланнаһыгар таас чох пластарын отработкалыыр камернай-столбовой систиэмэни туһанар, ол иһигэр 200 м дириҥҥэ тиийэ. Бу таас чоҕу сир аннынааҕы хостооһун ньымата таас чох саппааһын аччатыыны кыччатар уонна уустук хайа-геологическай усулуобуйаларыгар хостооһуну көдьүүстээхтик ыытыыга көмөлөһөр. Шахтаҕа таас чоҕу хостооһун сылга 2 мөл. туоннаҕа тэҥнэһэр. 2021 сылга “Восточная Денисовская” шахта үлэҕэ киирбитэ, бу сылга 4 мөл. туоннаны биэрэр кыамталааҕа. Таас чох сылга 6 мөл. туонна кыамталаах “Денисовскайдааҕы” байытар фабрикаҕа тиэрдиллэр.
Хайа-байытар комплексы уонна Хабаровскайга муоратааҕы таас чох терминаллаахтара туһалаах сир баайын хостооһуҥҥа производтсвеннай-логистика биир кэлим киинин тэрийэллэр уонна салгыы АТР дойдуларыгар экспорка таһаарыыга төһүү буолар. Бу Арассыыйа таас чоҕун экспорка таһаарыы ылар өлүүтүн кэҥэтии судаарыстыбаннай соругар бу сөп түбэһэр. Саха сирин үрдүк хаачыстыбалаах коксаланар таас чоҕо Кытай уонна Япония металлургическай хампааньаларыгар олус наадалаахтар.
“ТОР эрэсиимигэр сэттис сылын сылдьан, биһиги эрэллээхтик иннибит диэки хардыылыыбыт, ылыныллыбыт сайдыы стратегиятыгар олоҕуран. 2017-2022 сылларга судаарыстыба өйөбүлүн көмөтүнэн инвестиция уопсай кээмэйэ хампаанньа бөлөҕүн үрдүнэн 79 млрд солкуобайга тэҥнэһэр, оттон таас чох кээмэйэ 4 төгүл улаатта. 2023 сылга 14,3 мөл. туонна таас чоҕу биэрэргэ торумнуубут”, — диэтэ “Колмар групп” АУо генеральнай дириэктэрэ Валерий Цивилев.
“Южная Якутия” урутаан сайдыы сирин-уотун резиденнэрин тула сервиснэй хампаанньалар кластердара тэриллэр. Маннык уонча тэрилтэ үлэҕэ киирдэ, икки тутуллар, икки бырайыактанар.
“Колмар” хампаанньа бырайыактара болҕомтоҕо ылыллыахтара. Сүбэ мунньахха хампаанньа салалтата кэккэ боппуруостары туруорда. Итинтэн сороҕун хайыы-үйэ быһаардыбыт”, — диэн чопчулаата Юрий Трутнев.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: