Салгыы
«Ютуб» оҕото диэн киэн туттумаҥ!

«Ютуб» оҕото диэн киэн туттумаҥ!

13.08.2023, 10:05
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

— “Ити ютуб оҕото” диэн төрөппүттэр киэн тутта, аҕыйах тылы омуктуу билбититтэн астына кэпсииллэр. Ити төрөппүттэр бэйэлэрэ нууччалыы саҥаралларыгар үгүстүк эрэйи көрсүбүт буолан, оҕобут эмиэ эрэйи көрүө диэн, оҕолорун нууччалыы тылынан иитэллэр, — диэн куоракка иитиллэн улааппыт икки оҕолоох ийэ, “Сайдыс” диэн оҕону сахалыы иитэр киин салайааччыта Юлия Владимировна Андросова кэпсээнин саҕалаата.

Сахалыы кэпсэтиҥ

— Куорат киһитэ сахалыы эйгэҕэ хайдах иитиллэн улааппыккыный? Бэйэҥ тускунан билиһиннэриэҥ дуо?

— Дьокуускайга төрөөбүт, улааппыт киһибин. Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияны бүтэрбитим. Биһиги дьиэ кэргэн икки кыыс оҕолоохпут. Кэргэним Иннокентий урбаанньыт. Улахан кыыспыт Сайаана 14 саастаах, Саха гимназиятыгар үөрэнэр. Кырабыт Тайаана, быйыл иккис кылааска таҕыста. Кыра саастарыттан кыргыттарбытын «Бриллианты Якутии” ансаамбылга сырытыннарабыт. Кыра саастарыттан сахалыы тыыннаах ансаамбылга биэрбиппитин олох кэмсиммэппит.

Оҕо кыра сааһыттан сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына, олоҕор ордук таһаарыылаах уонна бириэмэтин аттарына үөрэнэр эбит.

Мин ийэ буоларым быһыытынан оҕо иитиитигэр олус улахан болҕомтону уурабын. Билигин аныгы төрөппүт сууккаҕа оҕотун кытта отут эрэ мүнүүтэ кэпсэтэр. Ол түмүгэр оҕоҕо 70% нууччалыы информация киирэр. Оннук оҕо, биллэн турар, нууччалыы кэпсэтэр буолар. Куорат уһуйааннарыгар, сахалыы бөлөххө ардыгар оҕо сахалыы өйдөөбөтүттэн иитээччилэр нууччалыы саҥараллар. Ол түмүгэр оҕо буккуллан хаалар. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа үлэлиир учууталлар сахалыы кэпсэтиэхтээхпин диэн быраабыланы тутуһан үлэлээтэхтэринэ, оҕо буккуллубакка төрөөбүт тылынан саҥарар буолар. Оҕону кытта төрөөбүт тылынан үс эрэ ый тулуйан кэпсэтиэххэ наада, бу уопут билиминэн дакаастанан турар. Үс ыйынан оҕо ханнык баҕарар тылы өйдүүр, ылынар буолар. Тоҕо эрэ Дьокуускайга оҕо сэттэ сааһын туолуор диэри төрөппүттэр улаханнык тыл сайдыытын туһунан толкуйдаабаттар. Оскуолаҕа барыы субу ыган кэллэҕинэ дьэ, толкуйданаллар, хамсаналлар. Нууччалыы тыллаах оҕолорун сахалыы оскуолаҕа биэрэргэ дьулуһаллар. Ардыгар биһиги кииммитигэр аҕалаллар.

Мин курдук эрэйдэммэтин диэн кыһаллаахтыыллар…

— Билигин оннооҕор улууска сорох оҕолор төрөөбүт тылларынан саҥарбаттар. Манна эн тус санааҥ.

— Мин төһө даҕаны Дьокуускай куоракка улааппытым иһин, дьиэ кэргэммэр сахалыы иитиллибитим. Ийэм саха тылын үөрэхтээҕэ буолан, дьиэбит куруук сахалыы эйгэлээх буолааччы. Ыал буолан, оҕолонон баран оҕолорбутун ханнык тылынан иитэбит диэн боппуруос да турбатаҕа. Сахалыы уһуйааҥҥа сылдьыбыттара уонна салгыы сахалыы оскуолаҕа киирбиттэрэ. Дьиэбитигэр булгуччу сахалыы кэпсэтиэхтээхпит диэн быраабылалаахпыт. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олох сахалыы эрэ иитиллиэхтээх. Ол эрээри билигин оҕо төрүөҕүттэн икки тыллаах эйгэҕэ улаатар. Урут холобур оҕо алтатыгар диэри төрөөбүт тылынан иитиллэн баран салгыы атын тылы үөрэтиэн, саҥарыан сөп эбит буоллаҕына, билигин арыый атын кэм. Сэргэстэһэ тэлэбиисэр, кэккэлэһэ ютуб, таһырдьа таҕыстаҕына оҕолор нууччалыы кэпсэтэллэр. Ол иһин биһиги булгуччу дьиэбит иһигэр сахалыы кэпсэтиэхтээхпит диэн оҕолорбутун кытта сахалыы кэпсэтэбит. Оччотугар оҕо мэйиитигэр бу мин төрөппүттэрбин кытта сахалыы эрэ кэпсэтиэхтээхпин диэн быраабыла курдук киирэн хаалар. Оттон тас эйгэҕэ, оонньоору гыннаҕына, нууччалыы тылга көһөн хаалыан сөп. Оҕо таһырдьаттан киирэн баран нууччалыы кэпсэтэн бардаҕына, төрөппүт эмиэ нууччалыы эппиэттэһэн барар. Оччотугар оҕо өйүгэр-санаатыгар кэһиллии үөскээн хаалыан сөп. Манна сүрүн биир төрүөтүнэн төрөппүттэр бэйэлэрэ нууччалыы саҥарарга көрсүбүт кыһалҕаларын суох оҥорорго дьулуһаллар. Оҕом мин курдук эрэйдэммэтин диэн кыһаллаахтыыр буоллахтара. Ити ютуб оҕото диэн киэн тутта этэллэр. Билиҥҥи оҕо хайдах даҕаны аһары сахалыы буолбат. Оҕобут аһары сахатыйыа, нууччалыы сатаан быһаарсыа суоҕа диэн төрөппүттэр куттаныыларыттан тыл сүтэр.

— Билигин урукку бириэмэ буолбатах. Оҕо нуучча тылын салгынтан ылар кэмэ. Интэриниэппит, тэлэбиисэрбит, тулалыыр эйгэбит барыта нууччалыы. Билигин “Сайдыска” улуустартан элбэх оҕо кэлэр. Оҕолорбут, хомойуох иһин, сахалыы билэр таһымнара түһэн иһэр. Төрөппүттэр, оҕо ютуб көрөн нууччалыы саҥарар буолбут дииллэр. Санаабытыгар, оҕобут сайдар курдук. Төрөппүттэр: «Уой, оҕобут ютуб көрөн английскайдыы сыыппараны, өҥү барытын биллэ”, — дииллэр. Үөрэтэр дии саныыллар. Онтукалара оҕолоро ютуб тылынан саҥарар буолар. Гаджет, ютуб үөдүйүүтэ ону сэргэ төрөппүт оҕотугар болҕомтото кыччааһына төрөөбүт тылы умнууга тиэрдэр.

Саха тылын уруок эрэ быһыытынан үөрэтэллэр

— Оттон сахалыы кылаастар, оскуолалар син элбэхтэр дии саныыбын. Оскуолаларга саха тылын нэдиэлэҕэ иккитэ эҥин үөрэтэр буолуохтаахтар.

— Билигин аһыллар саха кылаастарыгар саха тылын, литэрэтиирэтин биридимиэт эрэ курдук үөрэтэллэр. Сахалыы тыын сайдарыгар маннык уруоктар улахан туһаны аҕалбаттар дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор бэйэлэрин икки ардыларыгар нууччалыы кэпсэтэллэр, нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ эрэ үөрэтэллэрэ улахан туһаны аҕалбат. Онон, мин санаабар, саха кылааһа хас биирдии оскуолаҕа аһыллыан наада, эйгэтэ, тэрээһиннэрэ барыта сахалыы барыахтаах. Оччоҕуна эрэ билиҥҥи оҕо санаата сахатыйыа, сайдыа.

Сахалыы саҥа муодунай буолуохтаах

— Төрөөбүт тылы сайыннарыыга аныгы ханнык хайысхалары тутуһаҕыт?

— Биһиги «Сайдыс» кииммитигэр логопедтан, ааҕыыга үөрэтэртэн саҕалаан, саха кылааһыгар үөрэнэр оҕолорго араас хайысхалаах дьарыктары ыытар үлэһиттэрдээхпит. Ону таһынан “Күөрэгэй” диэн төрөппүттэр түмсүүлэрин тэрийбиппит. Ол түмсүүбүтүнэн оҕону сахалыы иитэр муодунай диэн өйдөбүлү киллэрэргэ араас ньымалары тутта сатыыбыт. Түмсүүбүтүгэр биллэр блогердар, эдэр ийэлэр бааллар. Оҕолорун сахалыы иитэллэрин социальнай ситимҥэ үллэстэллэр. 2019 сыллахха төрөппүттэргэ анаан бастакы бэстибээлбитин ыыппыппыт. Ити бэстибээлбитин Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытта сыл ахсын буолар тэрээһин оҥорор гына былааҥҥа киллэртэрдибит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 января
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: