Ыал буолбуттарын докумуонунан бигэргэппиттэр ахсааннара өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 421 тиийбит, ол иһигэр Дьокуускайга – 195.
«Мобилизацияламмыттар үксүлэрэ пууҥҥа тиийэ охсуохтарын наада буолар, онон ЗАГС отделыгар байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы суруктарын көрдөрөллөр. Маныаха кинилэргэ табыгастаах бириэмэлэрэ учуоттанар«, — диэн этэр Дьокуускайдааҕы ЗАГС отделын салайааччытын солбуйааччы Ирина Андреева.
Маны сэргэ, Кангалаас бөһүөлэгэр аармыйаҕа барааччылары түмэр пууҥҥа эмиэ тахсаллар. Быстах байыаннай хомуурга барааччылар сороҕор түүн кытары, Хабаровскайга көтүөхтэрин эрэ иннинэ ыал буолалларын докумуонунан бигэргэттэрэллэрин туһунан этиллэр. Сүрүннээн бу бииргэ олорбут, уопсай оҕолоох дьон буолалларын ЗАГС управлениетын салайар Тамара Кривошапкина этэр. Кини маны сэргэ, эрдэ төрөөбүт оҕолоругар аҕа буолууларын докумуонунан бигэргэттэрээччилэр элбээбиттэрин бэлиэтиир.
Ыал буолааччылар регистрацияларын түргэтэтэргэ, сулууспаҕа ыҥырыы суруктарын уонна пааспардарын илдьэ кэлэллэр.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…