«Жатайдааҕы судоверфь» АУо Саха сирин бас билиитигэр бэрилиннэ

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан «Жатайдааҕы судоверфь» АУо Саха сирин бас билиитигэр  бэрилиннэ. Ол туһунан докумуон  правовой иһитиннэрэр порталга таҕыста. 

«Арктикатааҕы тырааныспартнай систиэмэни  сайыннарар уонна нэһилиэнньэ олоҕун хааччыйыы систиэмэтин көдьүүстээх оҥорор инниттэн бу быһаарыныы ылылынна. РФ Бырабыыталыстыбатын уонна СӨ Баһылыгын этиилэрин ылынан туран, федеральнай бас билиигэ сылдьар, 4 106 200 000 аахсыйалаах  «Жатайдааҕы судоверфь» АУо-ну Саха сирин бас билиитигэр бэриллэр«, — диэн тустаах докумуоҥҥа суруллар.

ТАСС иһитиннэрбитинэн,  РФ Бырабыыталыстыбата Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын кытта бииргэ 2024 сылга Жатайдааҕы суудунаны тутар собуот бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрэр усулуобуйаны ылыннахтарына эрэ бас билиигэ бэриллэр. РФ Бырабыыталыстыбата аахсыйаны Саха сиригэр 12 ыйынан биэриэхтээҕэ быһаарыллыбыт. Ону тэҥэ, 15 ыйынан РФ Бырабыыталыстыбата, Саха сирэ уонна «Жатайдааҕы судоверфь» АУо суудунаны тутар бырайыагы сайыннарыыга аналлаах  Сөбүлэһии түһэрсиэхтээхтэр.

Санатар буоллахха, 2023 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр ыытыллыбыт Уһук Илиҥҥэ баар куораттары сайыннарарга туһаайыллыбыт мунньахха РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ Бырабыыталыстыбатыгар уонна Саха сирин салалтатыгар Жатайдааҕы суудунаны оҥорор собуоту саҥардан түмүктүүргэ сорудахтаабыта  Онуоха  РФ вице-премьера, РФ бырамыысыланнаска уонна атыыга-тутууга миниистирэ Денис Мантуров Саха сиринээҕи судоверфи тутуу 2024 сылга түмүктэниэхтээҕин ыйбыта. Бу болдьоҕу СӨ Ил Дарханы Айсен Николаев эмиэ бигэргэппитэ.

«Жатайдааҕы судоверфь» АУо сыл аайы хотугу таһаҕаһы тиэйэргэ аналлаах 10 суудунаны оҥоруоҕа. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago